Кэлиҥҥи кэмнэргэ Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата эдэр кэрэспэдьиэннэри үөрэтэргэ олохтоохтук ылыста.
edersaas.ru
Ол курдук, тэрилтэ салалтата араас ис хоһоонноох тэрээһини тиһигин быспакка ыытар.
— Кэлэр 2018 сылга аан дойдутааҕы интеллектуальнай оонньуулар буолалларынан сибээстээн, оҕо бэчээтин кыһата бу суолталаах тэрээһини сырдатарга бэлэмнэниини саҕалаата. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи аччыгый академияны кытта бииргэ «Өлүөнэ сирэ» үөрэхтээһин баазатыгар өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолаларын эдэр кэрэспэдьиэннэрин кулууптарыттан 26 оҕо кыттыыны ылла. Эдэр кэрэспиэдьэннэргэ биллэр суруналыыстар бэйэлэрин айар уопуттарын билиһинэрдилэр, сорох кистэлэҥнэрин арыйдылар.
Ону тэҥэ бу кэмҥэ Дьокуускай мэриятын кытта кэлэн үлэлии сылдьар Гарвард устудьуоннара аччыгый академияҕа кэлэн эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта кэлэн көрүстүлэр. Оҕолор английскайдыы тылынан холкутук кэпсэтэллэрин истэн олус сөхтүлэр, билиилэрэ киэҥиттэн сөхтүлэр, — диэн суолталаах тэрээһин туһунан оҕо бэчээтин кыһатын салайааччы Анжелика Андреева билиһиннэрдэ.
— Үөһээ Бүлүү улууһуттан араас оскуолалартан 5 эдэр кэрэспэдьиэн кэлэн үөрэннибит. Мин аччыгый академияҕа ыытыллыбыт эдэр кэрэспэдьиэннэри үөрэтэр куурустарга сылдьан бэрт элбэҕи туһанным. Ордук биһигини үөрэтэн баран, ол билиибитин практикаҕа туһаммыппытын сөбүлээтим. Ол курдук, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев «Билиигинэн кыайыаҥ!» тэрээһинигэр сылдьан, стипендиат Алеша Филипповтан интервью ылбытым. Бэлэмнэнэн кэлбит ыйытыыларбыттан, олох атын хайысхалаахтык кэпсэтэн барбытым. Ол онно өйдөөбүтүм, мин «импровизация» диэн көрүҥү туһаммыппын. Биһиэхэ суруналыыс сүрүннээн ити ньыманы туһанара ордук диэн сүбэлээбиттэрэ. Онон мин интервьюну сатаан ылар буоллум диэн олус үөрэбин, — диэн санаатын үллэстэр Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан 1-кы №-дээх оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ Настя Няникова.
Оттон Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын сайдыытыгар дириэктэри солбуйааччы, эдэр кэрэспэдьиэннэри үөрэтэр медиа-оскуоланы сүрүннээн үлэлэтэр Сардаана Сыромятникова саҥа көрүҥ туһунан маннык кэпсээтэ:
— Оҕо кыһатын салалтата интернет ситимигэр keskil14.ru диэн сайт арыйбыта. Биир кабинеты медиа-оскуолаҕа анаан өрөмүөннэтэн оҥотторбута.
Бу оскуолабытыгар эдэр кэрэспэдьиэннэри күҥҥэ иккитэ уопуттаах суруналыыстар дьарыктыыллар. Оҕо бэчээтин кыһата сайдыы суолугар киирэн, сонунтан сүүрээни олоххо киллэрэргэ дьулуһар.
Кырдьык, медиа-оскуолаҕа киһи кута-сүрэ тохтуур, туох эрэ саҥаны, сонуну билэригэр, анаан арылларыгар анаммыт курдук оҥоһуллубут.
—Эдэр кэрэспэдьиэннэри бэлэмниир оскуола алтынньы 17 күнүгэр аһыллыбыта. Ахсынньы ортотугар диэри 7-17 саастаах оҕолор сэттэ хайысханан күҥҥэ иккитэ – сарсыардааҥҥы уонна киэһээҥҥи сменаларга үөрэнэллэр. Ол курдук, эдэр кэрэспэдьиэннэр бэчээт, интернет (блогер) уонна телевидение суруналыыстыка, араатар искусствота, хаартыскаҕа түһэрии, актер маастырыстыбата курдук интэриэһинэй айар көрүҥнэри баһылыырга үөрэнэллэр. «Саха» НКИХ суруналыыһа Петр Говоров телевизионнай биэриилэри, “Город женщин” биэрии суруналыыһа Маргарита Макарова, Георгий Матвеев-Айаал айар үлэ ымпыгар-чымпыгар үөрэтэллэр. Оттон биллиилээх блогердар социальнай ситимнэргэ үлэлииргэ уһуйаллар. Уопсайа 10 уһуйааччыга бу күннэргэ 30-ча оҕо үөрэнэр. Эдэр кэрэспэдьиэннэр үөрэхтэрин төһө ылыммыттарынан телевидениеҕа анал биэрии оҥорон таһаарыахтара. Бэчээт суруналыыстыкатыгар уһуйуллубут матырыйааллара хаһыаттарга бэчээттэниэхтэрэ, — диэн медиа-оскуоланы салайар Мирослав Бочкарев кэпсиир.
Мин сылдьар кэммэр оҕолору араатардыырга фрилансер Георгий Матвеев-Айаал уһуйа сылдьара. Айаалы үгүс көрөөччү “Киэһэлик” биэрииттэн билэр. Кини идэтинэн история учуутала.
Уһуйааччы медиа-оскуола туһунан санаатын бу курдук үллэстэр:
— Киһи оҕону кытта алтыһан, кинилэртэн бэйэлэриттэн үгүс саҥаны уонна интэриэһинэйи билэр. Медиа-оскуолаҕа үлэлиир айар үлэһиттэр аныгы үйэ билиилээх-көрүүлээх оҕотугар кини ис кута аһыллар усулуобуйатын тэрийэн, оҕо толкуйун уонна кыаҕын туһааннаах хайысхаҕа салайан биэрэбит. Хас биирдии киһи — бэйэтэ туспа эйгэ, киэҥ куйаар. Ардыгар оҕону кытта кэпсэтэн, кинилэр санааларын истэн, бэйэҥ атыннык арылларга дылы буолаҕын. Биллэн турар, биир-икки ый иһигэр сөптөөх анал үөрэҕи биэрэ охсубаккын. Ол эрээри оҕо өйүн-санаатын байытан, үтүөҕэ уонна сырдыкка тардан, кылаабынайа, хараҕын арыйан, тус бэйэтигэр эрэнэригэр, итэҕэйэригэр санаатын бөҕөргөтөҕүн. Миэхэ кэлбит сорох оҕо кыбыстар түгэнэ баара.
Билигин үөрэхпит ортотугар оҕолорум санааларын хото этэр, үллэстэр буоллулар. Бу миэхэ, кинилэр учууталларыгар, олус үөрүүлээх түгэн. Мин онтон үөрэбин эрэ.
Ити курдук, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата эдэр кэрэспэдьиэннэри уһуйарга саҥаттан саҥа саҕаҕы арыйар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.