Бу күннэргэ батсаап ситиминэн харандааһынан уруһуйдаммыт мэтириэттэр уонна бу үлэлэри оҥорбут ааптар — эдэр худуоһунньук кыыс хаартыската киэҥник тарҕанан, дьон сэҥээриитин ылла. Кини кимий, бу эдэркээн уруһуйдьут кыысчаан?
edersaas.ru
Боростуой харандааһынан дьон мөссүөнүн хаартыскаҕа түһэрбиттии үүт-үкчү ойуулуур кыыс Кириэстээх нэһилиэгин И.Г. Спиридонов аатынан оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ — Ирена Гаврильева эбит.
Ирена отой кырачаан эрдэҕиттэн, икки саастааҕар кумааҕы илиистэрин сэҥээрэн, онно аан маҥнайгытын, киһиэхэ маарынныыр ойуулары уруһуйдаан саҕалаабыт. Үстээҕэр акварель кыраасканан эһэтин массыынатын бэркэ маарыннатан ойуулаабытын дьоно өйдөөн, сэҥээрэн көрбүттэр. Ол курдук, кыра сааһыттан уруһуй ураты абылаҥар ылларан, сөбүлүүр, табыллар дьарыга буолбута. 10-11 сааһыгар аттары сөбүлээн уруһуйдуу сылдьыбыта. Онтон 5-6-с кылаастарга Кириэстээххэ үлэ уруогун биэрэр Сардаана Иннокентьевна Туралысова диэн эдэр учуутал үлэлии кэлбитэ. Кини ыытар уруһуй куруһуогар сөбүлээн сылдьыбыта, сайынын лааҕырыгар дьарыктаммыта.
Кэлин талааннаах кыысчаан «Большой самоучитель рисования» диэн энциклопедияны сыныйан көрөн, сыыйа үөрэнэн, дьон мэтириэтин уруһуйдуурга холоммута. Тохсус кылаастан күүскэ ылсан, уруһуйунан дьэ, күүскэ үлүһүйбүтэ.
Кини төрүттэригэр иистэнэр, уһанар, уруһуйдуур дьон элбэх. Эбэтэ Надежда Егоровна уонна эһэтэ Владимир Афанасьевич Гаврильевтар төрүт Кириэстээх олохтоохторо. Онон кинилэр бииргэ төрөөбүттэрин үлэлэрин көрөн, сэргээн улааппыт оҕо.
Ирена үксүн сакааска ылсар буолан, үлэлэрэ бэйэтигэр хаалбакка, дьоҥҥо бэриллэр, сороҕун хаартыскаҕа түһэрэн бэйэтигэр илдьэ сылдьар. Билигин бэйэтигэр 40-тан тахса эрэ мэтириэт баар. Үксүн боростуой харандааһынан үлэлиир. Өҥнөөх харандаастарынан туттарга саҥа үөрэнэ сылдьар.
Ирена: «Уруһуй хайдах буолара харандаас хаачыстыбатыттан наһаа тутулуктаах. Төһөнөн элбэхтик уруһуйдуугун даҕаны, соччонон үлэҥ түмүгэ тупсан иһэр диэн кэтээн көрдүм. Былырыыҥҥы үлэлэрбиттэн билиҥҥилэрим чыҥха атын курдук көстөллөр.
Үксүн интернет ситимигэр ыытыллар куонкурустарга кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксээччибин. Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт «Сүрэхтэн сүппэт дойдум ахтылҕана – Кириэстээҕим мин дойдум!» диэн нэһилиэк күннэригэр анаммыт уран тарбахтаахтар быыстапкаларыгар бу бастакытын кытынным. Онтон сарсыныгар кулун тутар 30 күнүгэр Августина Денисовна Платонова ыҥыран, «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр Сунтаар күннэрин тэрээһинигэр быыстапкаҕа кыттыбытым. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ маҥнайгы кыттыым буолан, наһаа долгутуулаах этэ. Киһи барыта мин курдук уруһуйдуур диэн, санаабар, кыбыста-кыбыста барбытым. Ити икки быыстапкаҕа дьон-сэргэ сэҥээрбититтэн олус сөхтүм, үөрдүм даҕаны. Ханнык үөрэҕи бүтэрбиккиний? диэн үксүн ыйыталлар. Оскуола оҕото буоларбын уонна ханна да анаан үөрэммэтэхпин истэн сөҕөллөр. Хас даҕаны киһи нүөмэрбин ылла, сакаас да биэрдилэр. Онон олус долгуйдум, үөрдүм, бэйэбэр эрэлим өссө улаатта дии саныыбын», — диэн санаатын үллэстэр.
Бу муус устар ыйга Э.И. Пахомов аатынан Бүлүүчээннээҕи уруһуй галереятыгар бастакы персональнай быыстапката буолан ааста. Галерея күһүн буолан ааспыт үбүлүөйүгэр эбэтэ, бу галерея сэбиэдиссэйэ А.М. Кириллин мэтириэтин сиэнигэр уруһуйдатан илдьэн бэлэхтээбитэ. Ону көрөн, сэргээн Александр Моисеевич Иренаҕа саас быыстапка тэрийиэхпит, бэлэмнэнэ сырыт диэн эрдэттэн этэн турар. Онон талааннаах эдэр уруһуйдьут Ирена Гаврильева бастакы айар-тутар үлэтин көрдөрүүтэ – быыстапката ситиһиилээхтик ааста. Кини үлэлэрэ өссө даҕаны тупсан киэҥ эйгэҕэ биллэ-көстө турдуннар диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит!
Юлия АЛЕКСЕЕВА.