Кэскиллээх Тиит Эбэ

Ааптар: 
24.02.2020
Бөлөххө киир:

Эрэдээксийэм сорудаҕынан тустаах үлэбин толорон баран, бачча кэлбиччэ, нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кытта билсэн барарга сананным. Баһылык Сергей Прокопьев улуус киинигэр мунньахха барбыт буолан, тэрилтэлэринэн миигин баһылыгы солбуйааччы Тамара Яндреева арыаллаан илдьэ сырытта.

edersaas.ru

Хаҥалас улууһун «I Дьөппөн нэһилиэгэ» МТ икки сэлиэнньэлээх: Тиит Эбэ уонна Хоточчу. Манна холбоон 1106 киһи (Тиит Эбэҕэ – 817, Хоточчуга – 289 киһи) олорор.

Тиит Эбэ нэһилиэгэ норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагырааманы (ППМИ) «көҕүлүттэн тутан» олороро харахха тута быраҕыллар. Ол курдук, олохтоохтор ханнык үлэни ыыттарыахтарын баҕаралларын бэйэлэрэ талан, бу бырагыраама куонкуруһугар үһүс сылларын кытталлар. Онон култуурунай-спортивнай киин тиэргэнин уонна Улуу Кыайыы былаһааккатын саҥардан, уопсай баанньык өрөмүөнүн ыытан, спортивнай былаһаакка туттаран, нэһилиэк ис көстүүтэ — мааны.

КУЛТУУРА ДЬИЭТЭ – УОПСАСТЫБАННЬЫК УЙАТА

Култуурунай-спортивнай киин Тиит Эбэ биир саамай тупсаҕай көстүүлээх бөдөҥ тэрилтэтэ. 2013 сыллаахха «Саха сирэ — 21-с үйэҕэ» үтүө дьыала бырагыраама чэрчитинэн тутуллубут. Култуурунай киин тиэргэнин 2018 сыллаахха Норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн саҥардан биэрбиттэрэ олох куораттыы көстүүлээх. «Сарыал» култуура киинигэр 18 араас уопсастыбаннай түмсүү, кулууп, куруһуок үлэлиир.

– Инбэлииттэри, аҕа саастаах дьону, иистэнньэҥнэри о.д.а. биир дойдулаахтарбытын түмсүүлэргэ тардаары, биирдиилээн кэпсэтэн, интэриэстэринэн түмпүппүт. Түмсүү аайы 8-15 киһи сылдьар. Сыл аайы уопсастыбанньык ахсаана эбиллэн иһэр, — диэн кэпсиир «Сарыал» култуура киинин салайааччыта Мария Михайлова. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, култуурунай киин иккис этээһигэр уоп састыбанньыктар түмсэр хос тоохтор. Нэһилиэк биэс түөлбэлээх. Кинилэр — култуура киинин сала йааччытын сүрүн көмөлөһөөччүлэрэ.

ХОЧУОЛУНАЙ АБЫРЫЫР

Олохтоохтор сүрүн туруорсуулара — гаас ситимин киллэрии. Тиит Эбэ Хаҥалас улууһун гааһынан хааччыллыбат биэс илин нэһилиэгин ахсааныгар киирсэр. Саҥа хочуолунайы 2014 сыллаахтан туруорсан-туруорсан, СӨ ОДьКХ-та, Хаҥалас улууһун уонна нэһилиэк дьаһалталара үбүлээһиҥҥэ үс өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсэн туппуттар. Былырыын сэтинньигэ үлэҕэ киирбит хочуолунайга санаторнай оскуола, уһуйаан, балыыһа, исписэлиистэр олорор икки уопсай дьиэлэрэ, баһаарынай чаас дьиэтэ уонна 12 чааһынай ыал дьиэтэ холбонон олороллор. Өссө 54 олорор дьиэ холбонуохтаах. Маны таһынан, нэһилиэги ититиинэн хааччыйар өссө икки хочуолунай баар. «Юпитер» ХЭУо чааһынай хочуолунайыгар олохтоох дьаһалта дьиэтин, култуура уонна спорт киинэ, почта холбонон тураллар.

Ону тэҥэ, отуттан тахса ыал 100 тыһыынчаны төлөөн, бу тэрилтэ ититэр тиһигэр холбоммуттар. «Газстрой» тэрилтэ хочуолунайыгар орто оскуола уонна санаторнай оскуола гарааһа, баанньыга холбонон тураллар эбит. Саҥа хочуолунай туттаран баран, ол эҥээр олорор ыалы ититиинэн хааччыйаары гыналлар.

ОСКУОЛАЛАР ХОЛБОҺУОХТАРА

Өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторнай оскуола Тиит Эбэҕэ 1965 сыллаахха тэриллибитэ.

Оскуола дириэктэрэ Дмитрий Ефремов бэлиэтииринэн, манна доруобуйаларын бөҕөргөтө араас улуустартан кэлэн үөрэнэллэр эбит. Урукку сылларга икки дьиэнэн 140 оҕо үөрэнэрэ эбитэ үһү. Кэлэр үөрэх дьылыттан оскуола Тиит Эбэ орто оскуолатын кытта холбоһон, биир юридическай сирэй буолуохтаахтар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, саҥа статустаах оскуола сонун хайысханы олоххо киллэрэргэ былаанныыр. Ол эбэтэр, табылыннаҕына, тимир суол үлэһитин бэлэмниир кылаас аһыллыах курдук.

ЭР ДЬОН ТҮМЭЛ ДЬИЭТИН БЭЛЭХТИЭХТЭРЭ

Нэһилиэк хабыллар хаба ортотугар Арчы дьиэтэ тутулла турар.

Сүбэлэһэн баран, бу дьиэни нэһилиэк мусуойа оҥорор буолбуттар. Тутуу үлэтин 2018 сыллаахха нэһилиэк эр дьоно субуотунньуктаан мас кэрдэн, таҥастаан саҕалаабыттар. 2019 сылга дьиэ көҥдө йүн туппуттар. Быйыл дьиэ ис-тас үлэтин бүтэрэн, үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Дьиктитэ баара, бу эбийиэги нэһилиэк эр дьоно биир кэппиэйкэ харчы көрдөөбөккө, буор босхо субуотунньугунан тута сылдьаллар! Олохтоохтор мусуой тиэргэнин тупсараары, норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама куонкуруһугар сайаапка түһэрбиттэр.

САҤА ДЬИЭ – КЭСКИЛ ТУОҺУТА

Дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Тамара Яндреева бэлиэтииринэн, нэһилиэккэ отучча элбэх оҕолоох ыал баар. Былырыын 12 оҕо күн сирин көрбүт. Бэйэтэ биир кылаас оҕото. Бу, биллэн турар, оҕо төрөөһүнүгэр көрүллэр өйөбүлгэ «харда» буоллаҕа.

2018 сыллаахха биэс ыал, 2019 сылга аҕыс ыал саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ. Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан икки ыал уочарата кэлэн, саҥа дьиэ тутталларыгар 700 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ, — диэн кэпсиир Тамара Ивановна. Саҥа дьиэ тутуллара, оҕо төрөөһүнүн элбээһинэ – нэһилиэк сарсыҥҥылааҕын туоһута.

БАҺЫЛЫК БЫЙЫЛГЫ БЫЛААНА ТУОЛУОҔА!

Үгүс нэһилиэккэ сырыттахха, баһылык кэби ниэтин истиэнэтэ сүрүннээн кыраамата эбэтэр баһылыкка анаммыт Махтал сурук буолааччы. I Дьөппөн нэһилиэгин баһылыга Сергей Прокопьев кэбиниэтэ атыттартан уратыта суох. Ол эрээри мин баһылык остуолун таһынааҕы ис- тиэнэҕэ кыра лоскуй кумааҕыга уруучукунан суруллубут бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох «2020 сыллаах былаан» диэн суругу булан ааҕан соһуйдум да, бэркиһээтим да.

Эчи, судургутун, боростуойун – «ыл да толор» диэбит курдук. Хаартыскаҕа түһэрэн баран, кэлин төлөпүөнүнэн кэпсэтэн билбитим, Сергей Прокопьев, кырдьык, быйылгы сыллааҕы былаанын суруммут эбит. Барыта быйыл оҥоһуллуохтаах үлэ:

  • 1-кы пуун — баанньык өрөмүөнүн салҕааһын;
  • 2-c пуун — мусуой дьиэтин олбуорун тупсаҕай гына оҥорон, дьиэтин кытта тэҥҥэ Улуу Кыайыы күнүн көрсө олоххо киллэрии;
  • 3-с пуун — Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар «Тыа сирин тупсарыы» куонкуруска кыттан, Хоточчуга спортивнай, оҕо оонньуур былаһааккатын тутуу.
  • 4-c пуун – Тиит Эбэҕэ саҥа тутуллубут хочуолунайга эбии ититэр ситим тардыллыытыгар 1 мөлүйүөн 500 тыһыынча солкуобайы көрөн, 15 ыал дьиэтин ититии ситимигэр холбооһун;
  • 5-с пуун — «Табыгастаах эйгэ» бырагыраама чэрчитинэн 200 тыһыынча солкуобайы көрөн, уулусса уотун элбэтии.

Онон быйыл баһылык дуоһунаһыгар иккис болдьоҕун түмүктүүр (уопсайа баһылыктаабыта
10 сыл буолбут) Сергей Прокопьев ити лоскуй кумааҕыга суруйбут былаана – «буорахтаах» кумааҕы буолан биэрдэ. Кэскиллээх нэһилиэги кэрийэ сылдьан, бу суруллубут былаан эбийиэктэрин илэ көрбүт буолан, туоларын итэҕэйдим.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0