Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ сахалар бастакы сийиэстэрин 105 сыла уонна Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи бастакы сийиэстэрин 95 сыла киэҥник бэлиэтэниэхтэрэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын бастакы сийиэһэ буола турар.
Мунньахха сүрүн дакылааты оҥорбут Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 1912 сыллааҕы сахалар бастакы сийиэстэрин 105 сыла уонна 1922 сыллааҕы Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи бастакы сийиэстэрин 95 сыла киэҥник бэлиэтэниэхтэрин эттэ. 1922 сыл ахсынньы 27-тэн 1923 сыл тохсунньу 19 күнүгэр диэри ыытыллыбыт Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи сийиэстэрэ Саха судаарыстыбаннаһын олохсуйуутугар дьоһун суолталаммытын ыйан туран, Александр Жирков бу бастакы сийиэс быһаарыылара Саха АССР Төрүт Сокуона оҥоһулларыгар төрүт буолбуттарын, эдэр өрөспүүбүлүкэ сайдар кэскилин түстээбиттэрин, саҥа тэриллэр былаас уорганнарын үлэлэрин хайысхатын уонна боломуочуйатын бигэргэппиттэрин эттэ.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Саха судаарыстыбаннаһа тэриллибитэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи бастакы сийиэстэрин 95 сылын анаан бэлиэтииргэ быһаарыы ылыныллыбытын туһунан иһитиннэрбитин мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстэ. Александр Жирков өрөспүүбүлүкэ парламенын аатыттан сийиэс дэлэгээттэрин бу тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарга, көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн буоларга ыҥырда.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru