Кэскилээнэ Туприна: «Олус үөрдүбүт!»

Бөлөххө киир:

Анаабырга сүппүт дьону буллулар. СИА суруналыыһа Кэскилээнэни кытта кэпсэттэ.

«Дьоммутун булбуттарын истэн олус үөрдүбүт. Наһаа долгуйбуппут», — диир Кэскилээнэ Туприна. Кэскилээнэ ийэтин кытта бүгүн Анаабырга көтөн тиийдэ. Кинилэр дьоннорун булбуттарын туһунан үөрүүлээх сонуну сөмөлүөттэн тахсаары туран истибиттэр. 

Сүппүт дьону Сааскылаахтан 50 км ыраах сытар Среднэй диэн сиртэн буллулар. Бу туһунан сонун Анаабыр биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспатыгар 18.45 ч. киирбит. Улуус баһылыгын солбуйааччы Валерий Зедгенидзев иһитиннэрбитинэн, сүппүт дьон бары этэҥҥэлэр. Кинилэри Илья Попов диэн

олохтоох киһи Тонообут үрэх аттыттан булбут. edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0