«Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын кэккэтэ кэҥиир, ыыра хаҥыыр

Ааптар: 
25.01.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бөдөҥ тэрилтэлэр отчуоттара буола тураллар. «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһата бэйэтин отчуотугар ааспыт сылга бииргэ үлэлээбит  социальнай партнердарын анаан ыҥыран, санаа атастаһыылаах  киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиини ыытта.

edersaas.ru


2013 с. тэриллибит «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһата быйыл 5-с үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир. Тэрилтэ 4 улахан хайысханан сайдар: оҕо бэчээтэ («Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар, «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунааллар), өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо прессатын киинэ, «Кэскил» оҕо суруналыыстыкатын оскуолата, оҕоҕо аналлаах электроннай бородууксуйа.

Ааспыт сылга Оҕо бэчээтин кыһатын иһинэн бэчээттэнэн тахсар «Чуораанчык»  уонна «Колокольчик» сурунааллар төрүттэммиттэрэ 30 сылларын бэлиэтээбиттэрэ. Быйыл «Кэскил» сахалыы тыллаах оҕо хаһыата 82-с сылын туолар эбит буоллаҕына, нууччалыы тыллаах «Юность Севера» төрүттэммитэ 30 сылын бэлиэтиэҕэ.

Ааспыт сылга «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһата бэрт таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Бу туһунан «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын салайааччыта Анжелика Андреева бэйэтин киирии тылыгар анаан бэлиэтээтэ:

— Отчуоттуур үлэбит сүрүн соруга — буолаары турар Оҕо аан дойдутааҕы интеллектуальнай оонньууларыгар уонна Монголияҕа ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга туһуламмыт оҕо пресс-кииннэрин тэрийии уонна оҕолорбутун ыллыктаах айар үлэҕэ уһуйуу.

Ааспыт сылга тэрилтэ салалтата Оҕо бэчээтин кыһата сайдыытын өйүүр эбии 54 социальнай партнеры кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттаспыта. Оттон «Анаабыр Алмаастара», «Якутскэнерго», «Дьокуускай аэропорда», «Арассыыйа почтата» курдук бөдөҥ тэрилтэлэр, кэккэ министиэристибэлэр Оҕо бэчээтин кыһата хайа күн төрүттэниэҕиттэн бииргэ үлэлииллэр. Тэрилтэ отчуотугар Оҕо бэчээтин кыһатын кытта бииргэ үлэлэһэр социальнай партнердар кыттыыны ыллылар.

«Кэскиллэр» өрөспүүбүлүкэ таһыттан Москватааҕы А.Н. Косыгин аатынан университет оҕо бэчээтин кыһаларын кытта бииргэ үлэлэһэр киинин, «Пионерская правда» хаһыаты уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин «ЖасStar» сурунаалын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлээтилэр.

Маннык сөбүлэҥ чэрчитинэн Оҕо кыһатын кытта ыкса сибээһи тутуһан үлэлиир эдэр кэрэспэдьиэннэр араас улуустартан мустан, Москватааҕы А.Н. Косыгин аатынан университекка тиийэн, интерактивнай оскуолаҕа үөрэннилэр.

«Пионерская правда» хаһыат быйылгы 1-кы нүөмэрин 2-с сирэйигэр «Кэскил» хаһыат суруналыыһа Жанна Леонтьева Саха сирин брендэ — Тымныы символа Чысхаан туһунан матырыйаала бэчээттэннэ. Бу эмиэ бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин чэрчитинэн ыытыллар үлэ туоһута.

Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи юнкордар уочараттаах сүлүөттэригэр орто оскуолалар, Оҕо айар кииннэрин истэринэн үлэлиир эдэр кэрэспэдьиэннэр кэлэн санааларын атастастылар, сонун хайысхаларга үөрэннилэр, уопуттарын атастастылар. 2017 сыллаахха аан бастаан  7 хайысхаҕа   «Кэскил» Оҕо бириэмийэтэ туттарылынна.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо прессатын киинигэр 188 маастар-кылаас ыытылынна. Манна 103 оҕо «Кэскил» медиакииҥҥэ суруналыыстыка киэҥ эйгэтигэр үөрэннэ. 38 өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо куонкуруһа ыытылынна.  12 саҥа бырайыак олоххо киирдэ.

Оҕолору  суруналыыстыка араас эйгэтигэр үлэлиир анал идэлээх 19 айар куттаах дьон бэйэлэрин идэлэригэр уһуйдулар.

«Кэскил» медиаоскуола 53 видеосюжеты уһулан, «Keskil14.ru» сайтка, ютубка таһаарда. Сайт матырыйаалларын ааспыт сылга 76000 киһи интернет нөҥүө киирэн билистэ.

Ааспыт сылга оҕо бэчээтин хайысхатыгар үлэлэһэр айар куттаах кулууптар, түмсүүлэр салайааччыларыгар тэрилтэ айар үлэһиттэрэ анал оскуоланы тэрийэн ыыттылар. Ол үлэ түмүгэр Эдэр кэрэспэдьиэннэр  256 салайааччыттан турар ассоциациялара тэрилиннэ.

Аччыгый академия иһинэн суруналыыстыка хайысхатыгар мультимедийнай оскуола үлэлээтэ.

Тэрилтэ отчуотугар кэскиллээх санаа атастаһыыта буолла. Былырыын оҕо бэчээтэ сайдыытыгар сыһыаннаах боппуруоһу тустаах кэмитиэт салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Антонина Григорьева анаан көтөҕөн, өрөспүүлүкэ иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэрин болҕомтотун тарпыта.

Быйыл Үөрэх министиэристибэтэ 2018 сылы Наука сылынан биллэрдэ. Хотугулуу-Илиҥҥи университет бу сылы Оскуола сылынан биллэрдэ. Ол эбэтэр университет салалтата бу сыл манна туһуламмыт тэрээһининнэри ыытыыга 6 мөл. солк. тыырда. Биллэн турар, бастыҥ бырайыактарга куонкурустары биллэриэхтэрэ. Онон маннык  кэскиллээх тосхоллорго, Оҕо бэчээтин айар үлэһиттэрэ, хайаан да кыттыаххытын наада, — диэн ыҥырда дьокутаат Антонина Григорьева.

Кэккэ министиэристибэлэри кытта «кэскиллэр» эмиэ ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр.

«Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунааллар көҕүлээһиннэринэн «Уһун суох» куонкуруска социальнай партнер быһыытынан бииргэ үлэлээбиппит. Бу саха омукка кыыс оҕо ис култууратын кыра сааһыттан сайыннарыыга олус наадалаах тэрээһин.  Былырыын «Кэскил»  Оҕо бэчээтин кыһата чаҕылхай оҕолорго анаан сэттэ хайысхаҕа анал бириэмийэ олохтообута эмиэ олус сонун бырайыак этэ.  Биллэн турар, билиҥҥи сайдыылаах олоххо оҕо талаанын кэмигэр бэлиэтиэххэ наада. Оҕо саас сылларыгар туһуламмыт 2018 сылтан саҕалаан биһиги «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын кытта өссө да биир кэлим холбоһуктаах бырайыактары ыытарга бэлэммит, — диэн  СӨ Дьиэ кэргэн уонна ыччат миниистирин солбуйааччы Савва Михайлов бэйэтин санаатын тиэртэ.

Оҕо Бэчээтин кытта бииргэ үлэлиир ХИФУ профессора, педагогическай наука доктора Мария Прокопьева «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунааллары сурутууга маннык санаалаах:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 600-тэн тахса оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕо уһуйаана баар. Онтон 10-тан тахса эрэ оҕо тэрилтэлэрэ оҕо сайдыытыгар олус наадалаах «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунааллары суруттараллар. Ол иһин,  оҕо бэчээтин сурутууга тустаах былаан туолбат. Саха тылын пропагандалыыр туһуттан «Чуораанчык» сурунаалга сахалыы тыллаах оҕо уһуйааннара бары суруталларын ситиһиэххэ, кинилэри кытта бииргэ үлэлэһиэххэ наада. 

«Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын кытта  эмиэ бииргэ олус тапсан үлэлэһэр уопуттаах телесуруналыыс Лена Керемясова «өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар улахан болҕомтону ууруохха наада» диэн бэлиэтээн туран, бэйэтин санаатын бу курдук эттэ:

«Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын хаһыаттарын уонна сурунаалларын курдук «Күнчээн», «Ээчэ уонна Бээчэ» уонна «Биһикчээн» биэриилэр сүрүн соруктара — оҕо сайдыытыгар болҕомтону туһаайыы. Онон биһиги, айар үлэһиттэр, биир хайысхалаахтык, бэйэ-бэйэбитин өйөһөн  үлэлиирбит — кэм ирдэбилэ. Онуоха оҕоҕо туһуламмыт Оҕо саас уон сылын устата кэскиллээх тосхоллору бииргэ тобулан үлэлиэхпит.

… Ити курдук, бэрт кэскиллээх үлэлээх Оҕо бэчээтин кыһатын ааспыт сыллааҕы отчуота үгүс киһи болҕомтотун тарта. Тэрилтэ социальнай партнердарыттан баҕа санаа бастыҥын истэн, айар үлэһиттэр санаалара көтөҕүллэн, тэрилтэ салгыы тахсыылаахтык үлэлииригэр саҥа саҕахтары торумнуохтара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ уонна «Кэскил» Оҕо бэчээтин кыһатын архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0