Кей-поп (Кэриэйскэй электропоп, хип-хоп жанрдарын холбоһуктара) сүгүрүйээччилэригэр анаан, аан дойдутааҕы дьахталлар күннэригэр, Дьокуускай куоракка “Триумф” спортивнай комплекска «Double eight» диэн Кэриэйэ
бөлөҕө бэйэтин кэнсиэрин бэлэхтээтэ.
Лена Андреева, edersaas.ru
Аан дойду үрдүнэн Кэриэйэ артыыстарын шоу-кэнсиэрдэрэ үрдүк таһымнаахтык ааһар диэни бэркэ билэбит. Кинилэр ырыаларын истээри-көрөөрү сүгүрүйээччилэр өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан анаан-минээн кэлбиттэр эбит. Кыра оҕотуттан улаханыгар тиийэ кэнсиэр буолуон иннинэ үҥкүүлээн, бииргэ ыллаан-туойан кэтэспиттэрэ. Дьэ, сыанаҕа кэриэйдэр тахсааттарын кытта, көрөөччүлэр ыһыытаан-хаһыытаан, часкыйан ыалдьыттар сүргэлэрин сүрдээҕин көтөхтүлэр.
Кэриэйдэр Саха сирин “Сардаана” фабрикатын фирменнэй унтууларын кэтэн үҥкүү туруордулар. Кинилэри кытары бииргэ биһиги оҕолорбут («Zavod» бөлөх) тэбис тэҥҥэ үҥкүүлэстилэр. Кэнсиэр бүппүтүн кэннэ биһиэхэ кылгас интервью биэрдилэр. «Double eight» группа лиидэрэ Ихион «Zavod» оҕолоро сүрдээх талааннаахтарын, дьоҕурдаахтарын бэлиэтээн туран:
— Биһиги аан дойду араас судаарыстыбаларын кэрийдибит. Арассыыйаҕа хаһан да сылдьа иликпит. Дьокуускай куоракка аан маҥнайгы сырыыбыт буолар. Саха сирин туһунан истэ илик этибит. Өймөкөөн тымныытын туһунан билэбит. Тымныы баҕайы буолуо диэн куттаммыппыт, иккилии хос куурка кэтэн сөмөлүөттэн тахсыбыппыт. Наһаа сылаас эбит, кэлин билбиппит, саас кэлэн иһэр буолан, халлаан лаппа сылыйбыт кэмэ эбит. Тохсунньуга, олунньуга кэлбиппит буоллар, дьиҥнээх хотугу тымныыны көрүө этибит. Биһиги бөлөхпүт 2015 сыллаахха тэриллибитэ. Сорох ыллыыр, сорох үҥкүүлүүр. Бары тус-туспа оруоллаахпыт. Иллэҥ кэммитигэр баскетболунан дьарыктанабыт, ыллыыбыт, фортепианоҕа, гитараҕа оонньуурбутун сөбүлүүбүт. Маннык сылаастык биһигини көрсүөхтэрэ диэн кэтэспэтэхпит. Көрөөччүлэрбититтэн ылбыт энергетикабыт биһигини кытары баччааҥҥы диэри сылдьар. Көрөөччүлэргэ уонна тэрийээччилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит, — диэтэ.
Лена Андреева, edersaas.ru
Чэлгийээнэ Бахсырова, edersaas.ru хаартыска түһэриилэрэ.
ВИДЕО:
https://www.instagram.com/p/BRV0MddDyg4/?taken-by=edersaas
[vc_video]