Кэрэ сэбэрэ, ураты талаан — Маргарита Борисова

07.03.2021
Бөлөххө киир:

Сахабыт сиригэр күүтүүлээх сандал сааспыт  тийэн кэллэ, ону сэргэ кулун тутар ыйга кэрэ аҥаардарга, дьахтар аймахха  истиҥ сыһыаны, тапталы бэлэхтиир  ураты тыыннаах  сырдык бырааһыннык — Аан дойду дьахталларын күнэ.

Быйыл олунньуга биир дойдулаахпыт, СӨ үтүөлээх артыыската, дьоҥҥо-сэргэҕэ тыйаатыр уонна киинэ артыыһын быһыытынан киэҥник биллибит П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа Маргарита Михайловна Борисова үбүлүөйдээх сыла.

edersaas.ru

Ойор күннээх оҕо саас

Маргарита Михайловна ойор күннээх оҕо сааһа Ньурба сирин Токос сэлиэнньэтигэр (Дьиикимдэ) ааспыта. Оҕо сааһын туһунан өйдөбүлүгэр кырачаан кыыска сайылык оҕолорун үөрүүтэ-көтүүтэ, түптэ буруота, эбэтэ барахсан күөрчэх ытыйа турара ойууланан көстөр. Хонууга лыаҕы сырсан сэрбэкэчийэ сүүрэр чоҕулуччу көрбүт кып-кырачаан кыысчаан сайылык оҕолоро “Ийээ” диэн ыҥыралларын ымсыыра истэрэ… Ийэтэ Маргаританы ыараханнык оҕолонон, кыысчаан 2 ыйдааҕар эбэтигэр көрдөрө биэрэннэр, “Ийээ” диэн тылы саҥарбакка, истиҥник ыҥырбакка улааппыт. Ол да иһин, Маргаритаҕа: “Арай… Арай миигин ийэлээх-аҕам бэйэлэрэ ииппит буоллуннар, мин бииргэ төрөөбүт алта күндү дьоммун кытта тэҥҥэ улаатыам этэ”, — диэн санаа өрүү ыалдьыттыыра. Кырачаан киһини эбээлээх-эһэээтин кытары иитиспит, үтүөлээх ыанньыксыт убайа Сэмэн Баһылайабыс баар буолан, оҕо саас үөрүүтүн билэн улааппытыгар мэлдьи махталлаах. Маргарита ийэтин өйдөөбөтөр да, дьон кини туһунан истиҥник ахтар буоланнар, кыысчааҥҥа ийэтэ сырдык аанньал тэҥэ хаалбыт, аҕата Михаил Никифоров сытыы өйдөөх, артыыс талааннах киһи эбит.

Чуораанынан чугдаарбыт оскуола сыллара

Оскуолаҕа киирэр сааһа кэлбитигэр дьоно кыыстарын үөрэттэрээри дэриэбинэҕэ көһөн киирэллэр. Аҕыйах киһилээх алааска улааппыт кырачаан киһи көрдөҕүнэ дэриэбинэтэ  улахана, киһитэ элбэҕэ сөхтөрөн, кыбыста быһыытыйан оскуола боруогун атыллаабыта. Үөрэххэ дьоҕурдаах, сытыы чобуо кыыс кэлин сыанаттан түспэт буола улааппыта. Оччотооҕу сэбиэскэй кэмҥэ нэһилиэктэргэ элбэх дьону, ыччаты түмэр култуура бэстибээлэ ыытыллара. Биир оннук бэстибээлгэ Ньурба театрын режиссера Спартак Слепцов кыысчаан хоһоон аахпытын сэргии истэн, кыыһы ыҥыран ылан: “Тоойуом, артыыска буолуоххун баҕараҕын дуо?… Хоһоону аахпытыҥ курдук аах, сценаттан тэйимэ”, — диэн   кыысчаан кистэлэҥ баҕа санаатын ыйытан олус долгуппутун, улахан режиссер алгыс тэҥэ эппит тыллара элбэххэ кынаттаатаҕа. Рита дойдутугар Дьиикимдэҕэ аҕыс кылааһы бүтэрэн, салгыы Ньурба 1 №-дээх оскуолатыгар үөрэммитэ.

Улахан олоххо, киэҥ аартыкка үктэнии

Маргарита Ньурбаҕа орто  оскуоланы бүтэрэн, оҕо сааһыттан ыра гыммыт баҕа санаатын толорон, 1980 сыллаахха Уһук Илиннээҕи искусство институн драма уонна киинэ артыыһын идэтигэр нууччалыы устуудьуйаҕа түбэһэн киирбитэ, биир сыл эрдэ киирбит оҕолор саха группатыгар үөрэнэллэрин ымсыыра көрөрө. Нуучча оҕолорун кытта биир сыл үөрэммитин кэннэ уһуйааччыта Ефим Давыдович ыҥыран ылан: “Саха группата испэктээкил туруорарыгар артыыстара тиийбэт, баҕарар буоллаххына онно көһүөххүн сөп” диэбитигэр толкуйдаан көрөн баран аккаастаабытыгар учуутала наһаа үөрбүтүн астына ахтар. Эдэр оҕо толкуйун, эппиэтинэстээх сыһыанын муударай учуутал сыаналаатаҕа. Владивосток куорат Маргарита дьылҕатыгар өссө биир улахан бэлэҕи тоһуйбута. Манна үөрэнэ сылдьан тапталын, олоҕун аналын көрсүбүтэ, бу туһунан биир интервьюга маннык эппитэ: “Биһиги эдэр саас саамай кэрэ кэмнэригэр устудьуоннуу сылдьан көрсүбүт буоламмыт тапталбыт ып-ыраас, романтическай этэ. Таптал тырымнас тыына, дууһам кылын таарыйар кэрэ кэмнэр кимтэн да ыйыппакка тиийэн кэлбит этилэр. Сүрэхпин сүүйбүт, дууһабын туппут тапталым мин аттыбар куруук баар буолуон, кини сүрэҕэ миэхэ бэриниилээх буолуон баҕарарым”. Маргарита үөрэҕин бүтэрэн баран, Петр Борисовтыын ыал буолбуттара. УҺуйбут учуутала, группатын салайааччыта Ефим Табачников  Маргаританы үөрэнэр сылларыттан бэлиэтии көрөн, ханнык баҕарар лирическэй, трагическай, романтическай, комическай  оруолларга оонньуур кыахтааҕын бэлиэтээн, диплом ылар биэчэргэ олус долгутуулаах, истиҥ тыллары эппитэ үөрэҕин саҥа бүтэрбит кыыска киэҥ аартыкка үктэниитигэр далаһа тэҥэ буолбута, Артыыска айар үлэтигэр оннук курдук да буолбута.

Ыра санаа ыллыгынан айан

Үөрэҕин бүтэрээт, 2 сыл Ньурбатын театрыгар үлэлээбитэ. Эдэр артыыска 1980 сыллаахха   Азат Абдуллин суруйбут,  Спартак Слепцов туруоруутугар “Уон үһүс председатель” диэн испэктээкилгэ ситиһиилээхтик оонньообута.

Эдэр ыаллар салгыы Дьокуускай куоракка олохсуйаллар. Маргарита Борисова 1982 сылтан Саха театрыгар үлэтин саҕалаабыта. Театрга саҥа үлэлии киирбит эдэр артыыскаҕа Иван Гоголев  “Харах уута” испэктээкилгэ милиция сотруднига Света кыыс сүрүн оруолун итэҕэйэн оонньоппуттарын мэлдьи  махталынан ахтар. Саха театрыгар үлэҕэ киирэн баран, бастакы гостуруолларга элбэхтик сылдьыспыт,  күндүтүк саныыр, Саха АССР үтүөлээх артыыһын, Аан Дархан артыыһынан ааттаммыт Лазарь Сергучевы айар айанын суолугар убай тэҥэ бииргэ сылдьыспытыгар, көмө, өйөбүл буолбутун, саха көрөөччүтэ кинини таҥара тэҥэ уруйдуу көрсөллөрүн астына бэлиэтиир.

Артыыска Маргарита Борисова Саха академическай театрыгар 30-н тахса араас  туруорууларга сүрүн оруоллары итэҕэтиилээхтик оонньообут, олус кыраһыабай, кылыһахтаах куоластаах артыысканы көрөөччү мэлдьи үөрэ көрсөр. Театр сценатыгар олоҕор ылбыт идэтинэн талаана арыллан, элбэх сүгүрүйээччилэрдээх, чаҕылхайхай артыыска быһыытынан уһун кэмҥэ оонньоон кэллэ.

Артыыс киһи  оруолларынан, айбыт уобарастарынан олорор буоллаҕына,  Маргарита Борисова бэлиэтииринэн  артыыска таптаабат оруолуҥ суох, ол оннугар ыарахан оруол баар, ыарахан уобарастарга туруулаһан туран үлэлиигин уонна ол өйгөр-санааҕар суураллыбаттыы сөҥөр. Эдэр эрдэххинэ эдэрдии эрчимҥинэн, үксүн режиссер салайыытынан үлэлиигин, сааһыран истэххинэ бэйэҥ уопутуҥ холбоһон өссө айымньылаахтык үлэлиигин. Маргарита Михайловнаны ис туругун тосту уларыппыт Баһылай Харысхал “ Көмүөл” испэктээкилигэр Екатерина Максимовна оруола буолар. Ол курдук, бу испэктээкилгэ ийэ оруолун оонньоон, өйө санаата, олоҕу көрүүтэ тосту уларыйан, төрөппүттэригэр хом санаалаах улааппытын бу испэктээкил кэнниттэн кинилэри бырастыы гынан, махтал тылларын эппитэ.

Искусство икки көрүҥэ: театр уонна киинэ   СӨ үтүөлээх артыыската, Арассыыйа уонна Саха сирин киноматографистарын чилиэнэ Маргарита Борисова айар олоҕун дьылҕатыгар үтүө эрэ өттүнэн дьайбыта.

Ол курдук, 1983 сыллаахха Арассыыйа экраныгар саха артыыскаларыттан биир бастакынан суолу аһан, Свердловскайдааҕы киинэ устуудьуйатыгар, режиссер Николай Гусарев “Семен Дежнев” киинэтигэр  Абакаяда оруолун толорбут Маргарита Борисова норуот биһирэбилин уонна тапталын ылбыта. Салҕыы   Беларусьфильмҥа “Бирикээс”, Алексей Романов  “Мааппа” “Орто дойду”?  Никита Аржаков  “Тулабыт барыта хайалар”, Эдуард Новиков   “Плисада”  киинэлэригэр ситиһиилээхтик оонньообута. “Семен Дежнев” киинэ оччотооҕу Сэбиэскэй сойууска ситиһиилэнэн, Азия уонна Африка дойдуларын аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кыттыбыта.

Үтүө доҕор-улуу баай

Доҕор, дьүөгэ барахсан — оҕо сааска эрэллээх аргыс, тумаҥҥа муннахха, хараҥаҕа хаайтардахха суолдьут сулус, кырдьар сааска-күндү баай диэн этэллэринии, Маргарита Михайловна олоҕун суолугар, айар айанын аартыгар көрсүбүт аргыс буолбут үтүөкэннээх дьүөгэлэрдээх.

Кинилэр үһүөн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара: Елизавета Потапова, Надежда Ушницкая уонна Маргарита бэйэтэ. Бу үс  бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр, кэрэ дьүһүннээх, ураты талааннах артыыстары саха көрөөччүтэ мэлдьи сэргии, манньыйа көрөр. Бэл, тас дьүһүннүүн Маргарита Елизавета Потаповалыын майгыннаһарын элбэхтик бэлиэтииллэр эбит. Чугас дьүөгэтэ, сахалыы күөх экраны көрөөччүлэр куттарын туппут, хараҕы үөрдэ, сүрэҕи манньыта “Кэл,олор,сэһэргэһиэх” биэриини ыытан кэлбит, билигин сахалыы сериалларга элбэхтик оонньуур Елизавета Потапова маннык ахтар:

“Биһиги Ритабыт, бастатан туран, ураты минньигэс астаах хаһаайка. Кини хайаан да ким да астаан көрө илик сонун минньигэс бүлүүдэлээх буолар. Сахалыы ис куттаах, айаҥҥа сиэри-туому булгуччу тутуһар. Айылҕаны кытта сатаан алтыһар, кинини араҥаччылыыр туох эрэ күүс баарыгар итэҕэйэбит. Маргарита Борисова диэн артыыска сэргэх сэбэрэлээҕин кэрэхсээн кэпсииллэрин эрдэттэн истэр этим. Биирдэ Ньурбаҕа Амакинка таһыгар көрсөн сөхпүппүн өйдөөн хаалбыппын. Рита “Төлөммөтөх иэс” киинэҕэ режиссер көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитин бэлиэтиэм этэ. Киинэҕэ элбэхтик уонна ситиһиилээхтик оонньообут артыыска диэх курдук, уоту-күөһү туттууну, саҥабыт хайдах иһиллэрин, таҥаспытын кыраҕы хараҕынан көрөр эбит”.

СӨ үтүөлээх артыыската, чугас дьүөгэтэ Надежда Ушницкая:

“Гостуруолларга Рита бөлөҕөр түбэспит киһи аска абыранар. Үһүөн бэйэ- бэйэбитигэр наһаа чугаспыт, тыл аҥарыттан өйдөһөбүт, өр көрсүбэтэхпитинэ суохтаһабыт аҕай. Араас улууска улааппыппыт эрээри, дьылҕабытыгар маарыннаһар элбэх. Оҕолорбут, сиэннэрбит тэҥҥэ улааттылар. Лиза майгыта аммалыы сымнаҕас, Рита ньурбалыы наҕыл, тулуйумтуо, мин кыратык өһүргэспин, ньоҕойбун. Дьүөгэлэрбин иккиэннэрин наһаа таптыыбын. Рита барыбытыгар, сиэннэрбитигэр тиийэ кэһиилээх сылдьар үгэстээх.

Оттон Маргарита бэйэтин туһунан маннык ахтыбыта баар:

“… Миигин кыра эрдэхпинэ хаһан да кэрэ сэбэрэлээххин диэбэт этилэр. Тоҕо диэтэххэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээхтэрэ. Артыыстары биһиги идэбит уонна көрөөччүлэрбит кыраһыабай оҥороллор дии саныыбын. Талаан эмиэ киһи тус бэйэтин эрэ өҥөтө буолбатах. Үөһэттэн бэриллибит талааны таба туһаныахха, сатаан кырыылыахха, күлүмүрдүү сылдьар күндү тааска кубулутуохха наада. Дьүөгэлэрбин наһаа таптыыбын, махтанар уонна махтаныах түгэннэрим элбэхтэр”.

2016 сыллаахха Арассыыйаҕа Киинэ сылыгар СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, Саха театрын эйгэтин өрүү сырдатар,  киһи ааҕа олоруон курдук ис киирбэх суруйуулары суруйар  Надежда Егорова-Намылы Маргарита Борисова олоҕун айар үлэтин туһунан кэпсиир “Ыра санаа ыллыгынан” диэн кинигэтэ ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр тарҕаммыта. Икки айар куттаахтар сүбэлэрин холбоон бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэр саха аныгы литературатыгар сонун сүүрээн дьикти айымньы буолан тахсыбыта.

Киһи олоҕо кинигэ кэриэтэ. Маргарита Борисова олоҕо дьоһун, көмүс солотуулаах, сиэдэрэй ойуулаах, баай ис хоһоонноох кинигэ буоларын ааҕаачы  бэйэтэ сыаналыа, салгыы аахтахха дьоруой олоҕо өссө умсугутуулаах буолуо..

Биир дойдулаахпыт, СӨ үтүөлээх артыыската Маргарита Борисова олоҕун биир сырдык кэрдиис кэминэн эҕэрдэлээн, Күөх Ньурбаттан куорсун анньынан ыра санаатын ыллыгынан баҕатын толорон, норуот тапталлаах артыыската буола үүммүт үтүө аатыҥ ааттана турарыгар, бу сааскы маҥнайгы  сырдык куттаах бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн, дьахтар быһыытынан мааныга, далбарга, тапталга сууланан, айар үлэҥ аартыгар сонун ситиһиилэр кэлэ турдуннардиэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

«Саха сирэ», edersaas. ru cайтка анаан Мария НИКОЛАЕВА, бибилэтиэкэр, Ньурба хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0