Дьиҥнээх Кэрэл баар эбит

Ааптар: 
20.02.2017
Бөлөххө киир:

“Кэрэл” киинэ тахсыан балай даҕаны инниттэн “Мин көрөбүн сүрэхпинэн” диэн килиип, ол кэнниттэн тута аны киинэ трейлерэ тахсаннар, киинэни өссө эбии күүттэриилээх оҥорон биэрбиттэрэ. Мантан көрөн, киинэ ис хоһооно хомолтолоох уонна киһини уйадытар эбит диэн эрдэттэн сэрэйиллэр.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Киинэ киэҥ экраҥҥа тахсыбыта икки нэдиэлэттэн орто. Манна көстөр уоллаах кыыс тапталлара – бэринии уонна дьиҥнээх таптал холобура диэтэхпинэ. сыыспатым буолуо. Киинэни көрбүт дьон бары биир кэм уолу, онтон кыыһы аһына олорбут буолуохтаахтар. Киинэ ис хоһооно дириҥээтэр дириҥээн иһэрэ олус үчүгэй. Бастаан көрдөххө, кыыс ырыаһыт эрэ буолар баҕалаах, онтон кини уолу таптыыр, уол аҕатын кытта сыһыана, аны туора дьахтар (Диана) оруола эмиэ баара — хартыына биир табыллыбыт өрүтэ. Биир сюжетнай линиянан буолбакка, элбэх кыһалҕаны таарыйбыта, киинэни “тыыннаан” биэрдэ.

Сүрүн оруоллар уобарастара соччо арыллыбата дии санаатым. Уоллаах кыыһы киинэҕэ уһулларга уопуттаах Валентин Макаров уонна Айталина Лавернова толордулар. Кэрэли бастаан утаа нарын-намчы, күөх оту тосту үктээбэт кыыс диэн көрөбүт. Аны киинэ ортотуттан кыыспыт киҥир-хаҥыр саҥарталаан, куруубайа, хаппырыыһа киирэн, хартыынаны буортулаабыт даҕаны түгэнэ баар. Онон Кэрэлбит туох, ханнык майгылаах, санаалаах кыыс буоларын ситэ өйдөөбөтүм. Куораттан кэлэн, уол барахсаны “иирдэн”, уу-чуумпу олоҕун атыйахтыы аймаан баран, төттөрү куораттаан хаалар. Киинэ былаһын күлэн-үөрэн, ымаҥнаан баран, киинэ бүтэһигэр эрэ кэлэн ытамньыйа олороро дьиибэтик көһүннэ диэххэ сөп. Валентин Макаров хараҕынан көрбөт киһини оонньоото. Төһө кыалларынан бу уобараһын оруолугар киирэ, табылла сатаата. Ол эрээри, бу оруол эмиэ ситэтэ, “уота-күөһэ” суох, киһи өйүгэр “хараҕа суох уол эрэ” диэн өйдөнөн хаалла. Дьиҥэ, хараҕа суох, доруобуйатыгар хааччахтаммыт уол төһөлөөх эрэйдэнэрин, санаата тууйулларын ситэ көрдөрбүттэрэ, арыйбыттара буоллар… Чэ, ол режиссердар быһаарыныылара буоллаҕа. Маны барытын тумнан, Валентиннаах Айталина судургута суох дьылҕалаах тапталы көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик көрдөрбүттэрин сыаналыы, сөҕө көрдүм.

Киинэни быстах оруоллар олус киэргэттилэр. Иннокентий Луковцев дьээбэлээх дэриэбинэ уолун олус табан оонньоото. Күлэн-үөрэн, кылгас кэмҥэ даҕаны көһүннэр, бу киһи санаатын барытын арыйда. Көрбүт эрэ киһи “ээ барахсаны” дии саныыр. Биир тэҥник баран испит киинэни сэргэхситэн, “сырдатан” биэрэр. Оттон  Ньургуйаана Маркова Дианата эмиэ биир табыллыбыт уобарас буолан көһүннэ. Кырдьык, бу кыыс Айтал туһугар ыалдьарын, кинилиин бииргэ буолуон баҕарарын, ол эрээри Айталбыт ону сыаналаабатын саныы-саныы киһи кыһыйыах санаата кэлэр. Ол аата Ньургуйаана оруолун мааһын таппыт, маладьыас! Уол аҕатын тыйаатыр артыыһа Петр Баснаев толордо. Кини оруолун, бу диэн эттэххэ, “Мин көрөбүн сүрэхпинэн” килиипкэ номнуо арыйбыта. Онон киинэҕэ ситэриллэн-хоторуллан, соҕотох аҕа оруолун бэркэ толордо. Бу оруоллар төһө даҕаны быстах, иккис былаан буоллаллар, киһи иһинэн киирэн ааһар, эмиэ даҕаны киһини сонньутар, толкуйдатар уобарастар буолан табыллыбыттар.

Киинэ былаһын тухары хас биирдии артыыс саҥатыгар нууччалыы тылы кыбытан саҥарара киһи кулгааҕын “аалла”. Дьиҥэ, ити кыбытык тыллары хайдах баҕарар сахалыы тылынан уларытыахха сөп этэ. Киинэни көрүөм иннинэ “Кэрэл” сценарийын суруйбут Мария Находкина: “Сценарий нууччалыы суруллубута”, — диэбитэ. Баҕар, арыыстар сценарийы нууччалыы аахпыт буоланнар быһыылаах, нууччалыы тыллары тумналларыгар ыарахаттары көрсүбүттэрэ буолуо. Эбэтэр аныгы ыччат бары сахалыы-нууччалыы булкуйа саҥарар диэннэр, итинник гыммыттара дуу?

“Кэрэлгэ” өссө тыаһынан-ууһунан киэргэтиитэ олус табыллыбыт диэн иһиттим. Ханна даҕаны урут тыаһаабатах ырыалар хас биирдии тыллара, матыыба чочуйуллан оҥоһуллубута биллэр. Наадалаах кэмҥэ киһини уйадытар, сонньутар ырыалар диэххэ наада.

Бу киинэ “аттыбытыгар баар ураты кыһалҕалаах дьоҥҥо арыый болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахха, дьон ону өйдөөтүн” диэн сыаллаах уһуллубут буоллаҕына – былаан туолла!  Уопсайынан, киинэни устубут бөлөх элбэх үлэни көрсүбүтэ көстөр. Режиссер быһыытынан холоммут Валентин Макаров уонна Илья Портнягин бастакы хартыыналара табылынна. Манна диэн эттэххэ, Валентин артыыстаабытын уонна режиссердаабытын таһынан, аны Иннокентий Луковцевтыын продюсердаабыт эбит. Онон Валентин дэгиттэр  талаанын сөхтүм. Аны “Айар аат” бөлөхтөн өссө интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох киинэлэри күүтэбит.

P.S. Сураҕа, киинэҕэ баар кыыс уобараһа дьиҥ олохтон ылыллыбыт. Дьиҥнээх Кэрэл Саха сириттэн көспүтэ быданнаабыт, билигин Ванкуверга олорор үһү.

Айтана Аммосова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Интэриниэттэн.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0