Кэрэчээнэ, Кэскилээнэ Туприналар култуура уонна искусство институтугар үөрэнэ киирдилэр
“Туман” диэн ырыанан өрөспүүбүлүкэ кутун туппут, Анаабыр улууһуттан төрүттээх игирэ кыргыттар Кэрэчээнэ, Кэскилээнэ Туприналар Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар үөрэххэ киирдилэр.
Биир үтүө күн үрдүк үөрэх кыһаларын бирикээстэрин көрө олорон, “Кэрэчээнэ Туприна”, “Кэскилээнэ Туприна” диэн ааттарга хараҕым хатана түстэ. Бу кыргыттар букатын атын эйгэҕэ үөрэммиттэрэ дии санаатым эрээри, ыллыылларын билэр итиэннэ игирэлэр иннэлэээх сап кэриэтэ сиэттиһэ сылдьаллар дииллэрин элбэхтэ истибит буолан, улаханнык соһуйбатым. Кэрэчээнэлээх, Кэскилээнэ былырыын Дьокуускайдааҕы өрүс училищетын бүтэрэн, “техник-судоводитель” идэтин баһылаабыттара. Быйыл эмиэ сиэттиспитинэн Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар “управление этно-культурным центром” диэн идэҕэ киирбиттэр. Кэрэчээнэни кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэн, аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
— Өрүс училищета уонна култуура букатын бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат эйгэлэр. Тоҕо култуураҕа барарга сананныгыт?
— Хас биирдии киһи ханна үлэлиэн баҕарарыттан, сүрэҕин баҕатыттан, ханнык эйгэ чугаһыттан көрөр. Полиция өттүнэн идэни талаары гынан баран, биһиэхэ култуура быдан чугас, бу салааҕа үчүгэйдик үлэлиэһиэхпитин сөп диэн түмүккэ кэлбиппит. Оскуолаҕа киириэхпит инниттэн ыллыыбыт, ол эрээри, улахан сыанаҕа тахсыбыппыт үс сыл буолла.
— Кэрэчээнэ, үөрэххитин бүтэрдэххитинэ туох үлэһит буолан тахсаҕытый?
— Кулууп, норуот тыйаатырдарын үлэһитэ буолабыт. Бэйэбит артыыс идэтигэр туттарсыахпытын баҕарбыппыт эрээри, пандемиянан сибээстээн табыллыбата, Кэскилээнэ дойдутугар барбыта. Хайдыспакка иккиэн бииргэ үөрэнэбит диэн быһаарсыбыппыт.
— Эксээмэннэргитин хайдах туттардыгыт?
— Орто анал үөрэҕи бүтэрбиппит быһыытынан, нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин эксээмэнин туттарбыппыт. Тест уонна айар эксээмэни ааспыппыт. Айар эксээмэн икки түһүмэхтээх, талааны көрөллөр. Эксээмэн ыраахтан олорон (дистанционно) барбыта.
— Балаҕан ыйын 1 күнэ хайдах ааста?
— Үөрүүлээх тэрээһиммит ZOOMунан ыраахтан олорон буолла. Кууруспутугар сүүрбэччэбит быһыылаах, бу диэн көрсө илик буолан чопчу билбэппит. Бастакы күммүтүн үөрэннибит. Үс паара буолла: “физкультура”, “индустрия впечатлений”, “литэрэтиирэ”.
Ити курдук, Саха сиригэр киэҥник биллэр Кэрэчээнэ, Кэскилээнэ Туприналар олохторун култуура эйгэтин кытта сибээстээри Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар үөрэнэ киирдилэр. Ситиһиини баҕарабыт.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru