Кэрэ кыыс буолар сүгэһэр дуо?

Ааптар: 
07.03.2017
Бөлөххө киир:

Сахабыт сирин нарын-намчы кыргыттарыттан, кэрэ куолар куонкурустарын кыайыылаахтарыттан, бүгүн биһиги Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө,  аҕыйах ыйытыыга хоруйдуулларыгар көрдөстүбүт.
1) “Кыраһыабай буолуу эталона” диэн этиини хайдах өйдүүгүнүй?
2) Куонкурус кэннэ туох уларыйыылар тахсыбыттарай?
3) Дьон саҥата диэн баара биллэр. Ону хайдах ылынаҕын? Хайдах харыстанаҕын, тэйитэҕин?
4) Титуллаах кыраһыабай кыыс аатын сүгэр туох үчүгэйдээҕий, туох мөкү өрүттээҕий?
5) Билигин тугунан дьарыктанаҕын?

Варвара ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/


Олеся Кондакова-Захарова, “Мисс Якутия-2011”, «Miss model of the world» аан дойдутааҕы куонкуруска 30 кыраһыабай кыыс ортотугар киирбитэ.
1) Кыраһыабай буолуу диэҥҥэ мин киһи ис туругун, үтүө-мааны майгытын сыаналыыбын. Ити кэннэ, биллэн турар, кэрэ көстүү, дьоҥҥо истиҥ сыһыан эмиэ көрүллэр.
2) Куонкурустар кэннэ тута, баҕар да баҕарыма, бэйэҕэр улахан болҕомтону тардаҕын. Саҥа саҕахтар арыллаллар. Тус бэйэҥ тутуһар сүрүннээх, туруктаах буолаҕын.
3) Дьон саҥата биллэн турар баара, син биир наар үчүгэйи эрэ истибэккин. Ону бастаан сүрэхпэр наһаа чугастык ылынар этим, олус хомойорум. Кэлин аахайбат буолбутум.
4) Маннык куонкурустар эрэллээх буоларга, бэйэни ытыктыырга, дуоспуруннанарга үөрэтэллэр. Саамай үчүгэйэ, биллэн турар, короналаах кыыс аатын сүгэр. Ол эрээри, мэтээл иккис өрүтэ – киһини ырытыы баар. Ону хайдах да гынар кыах суох.
5) Устудьуоннуур кэммиттэн саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар дирекцияларыгар исписэлииһинэн үлэлиибин.

Сахаайа Захарова, Бүлүүгэ ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ыччат ыһыаҕар” “Айыы Куо-2014” күөн күрэс кыайыылааҕа.
1) Хас биирдии кыыс бэйэтин ураты сэбэрэтин, ис дууһата кэрэтин көрдөрүөхтээх дии саныыбын. Кими даҕаны үтүктүбэккэ, бэйэтэ туспа көрүүлээх буолуохтаах.
2) Улахан уларыйыы тахсыбатаҕа, тоҕо диэтэххэ үгүстүк итинник хабааннаах куонкурустарга кыттыбытым. «Айыы Куо» кэнниттэн атын куонкурустарга холонон көрө иликпин. Инникитин кыттар былаан суох.
3) Кылаабынайа, киэҥ-холку буолуохха, куһаҕаны өйдүү сатыы сылдьымыахха, аһарына сатыахха наада. Дьон саҥарар, саҥарбыттара, саҥарыахтара даҕаны. Ол онтон туохха эрэ үөрэниэххэ эмиэ сөп.
4) Бэйэбин дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр кыраһыабай кыыс курдук санаммаппын.
5) Идэбинэн ветеринарнай-испытательнай экспербин. Икки сыллааҕыта үөрэхпин бүтэрбитим. Билигин дойдубар, Намҥа, ветеринарнай-тургутар лабораторияҕа үлэлии сылдьабын. Иллэҥ бириэмэбэр спорт, култуура хайысхаларынан нэһилиэгим, улууһум араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабын.

Маргарита Макарова, “Краса ФЛФ-2015” титул хаһаайката.
1) Кэрэ диэн өйдөбүл миэхэ киһи тас көрүҥүн уонна ис дууһатын дьүөрэлээһин буолар. Онно бэйэни көрүнүү, иитииҥ, үтүө майгыҥ, кырдьыгы көрүүҥ киирэллэр дии саныыбын.
2) Куонкурус кэнниттэн тас көрүҥмэр улахан болҕомтобун уурар буолбутум. Ол эмиэ үлэттэн тахсар, судургу дьыала буолбатах эбит (күлэр). Маны тэҥэ бэйэм күүспэр, кыахпар эрэллээх буоллум. Үгүс үтүө дьону кытта билсэн, күн бүгүҥҥэ диэри ситиммитин быспаппыт. “Маннык куонкурустарга кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордоспоттор” диэн этэллэрэ сымыйа.
3) Аан маҥнай олус ыарахан, уустук этэ. Социальнай ситимнэргэ, араас сайтарга ырытыы, үөҕүү үгүс этэ. Мин кинилэр тылларын уларытыахпын баҕарбытым да иһин, кыах суоҕа. Хас биирдиилэригэр тиийэн тоҕо итинник саныылларын, кинилэргэ туох да куһаҕаны оҥорботох киһини тоҕо итинник саҥаралларын билиэхпин, ыйытыахпын баҕарарым. Итиэннэ кинилэргэ сыһыаммын уларыппытым. Билигин мин ситиһиилэрбэр үөрэр дьон элбэҕэ санаабын кынаттыыр. Онтон тирэхтэнэн, бэйэм кыайыыларбын, үчүгэй санааларбын үллэстэбин, үллэстэ да туруоҕум.
4) Биллэн турар, кыргыттарга титулга тиксэллэрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Сорохторго “зона комфорта” диэн өйдөбүлтэн тахсалларыгар көмөлөһөр. Туох эрэ саҥаны оҥорорго, бэйэҕэр бэйэҥ кыаххын дакаастыыргар, эрэллээх буоларга сирдиир, күүс эбэр.  Куонкуруска уһуннук хобулукка хаамыыны, киһи тулуурун бэрэбиэркэлээһин курдук ылынабын.
5) Мин билигин МГУ журналистикаҕа факультетыгар үөрэнэ сылдьабын. Ону тэҥэ, “Москва24” ханаал информационнай отделыгар билиибин хаҥатабын. Маны таһынан, КВН-ҥа оонньуубун. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр үөрэ-көтө, айа-тута сылдьарбыттан олус үөрэбин.

Ася Архипова, “Леди СМИ-2007” суруналыыс кыргыттар ортолоругар ыытыллыбыт күрэс кыайыылааҕа:

— Эталон диэн туох эрэ тэҥнэһэ сатыыр, кэрэни кэмниир холобур буолуо. Ол холобур араас дойдуга, араас кэмнэ тус-туспа буолар. Быһаара түстэххэ, барокко эттээх-сииннээх, тэтэркэй имнээх дьахталларын билиҥҥи 90-60-90 халыыпка эппиэттиир моделлары киһи сатаан тэҥнээбэт. Ол гынан баран, бэйэлэрин кэмнэригэр кинилэр кэрэ дьахталлар ааттарын сүгэллэр. Эбэтэр, Таиланд норуотун бииһин ууһун уһун моойдоох кыргыттарын кытта дьоппуон омук битийэн хаамар кыргыттарын эмиэ тэҥнээбэккин. Онон “эталон” диэн хайа баҕарар норуот, бириэмэ бэйэтэ олохтообут халыыба дии саныыбын. Биллэн турар, ол кэмҥэ, бириэмэҕэ төрөөбүт дьон оччотооҕу кэрэҕэ тардыһара үчүгэй. Ол гынан баран, киһи бэйэтэ айылҕаттан кэрэтин өрө тутуохтаах. Хас биирдии киһи кэрэ, ол кэрэтин кини ис санаатынан, үтүөҕэ дьулуурунан, үлэһитинэн, сиэринэн-майгытынан көрдөрүөхтээх дии саныыбын. Мин кыайыыны, наҕарааданы ыараханнык ылынабын диэн билинэбин. Наһаа улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ диэн долгуйабын. Бу да кыайыыны эппиэтинэс, ирдэбил, сүгэһэр курдук ылыммытым диэн 10 сыл ааспытын кэннэ кырдьыгынан билинэбин. Ол гынан баран, ол ааты-суолу түһэн биэрбэккэ, суруналыыстыка эйгэтигэр 20-чэ сыл бэриниилээхтик үлэлии сылдьабын. Ол тухары үлэбэр ирдэбиллээхпин, матырыйаалым суругун бэлиэтигэр тиийэ сыныйан көрөбүн. Бэйэм таһыммын, кыахпын, туохха үчүгэйбин, мөлтөхпүн барытын учуоттанабын. Хайҕабыл, наҕараада киһини үрдүккэ кынаттыыр эрээри, ол онно эппиэттиир гына үлэлиэхтээххин дии саныыбын. Мин даҕаны, бииргэ үлэлиир үөлээннэхтэрим даҕаны титулум туһунан билигин соччо ахтыбаппыт буолуо. Биир кэмҥэ дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээри, бэйэни тургутаары ыытыллыбыт күрэс. Сүрүннээн кэрэ куолар куонкурустара курдук буолбакка, үлэ хаачыстыбатын билиһиннэрии буолар. Ханнык баҕарар күрэхтэһии ырытыылаах, саҥалаах буолара чахчы. Миигин саҥаралларын истибэтэҕим эрээри, ордугурҕаһыы ханна барыай? Кыайыыттан төттөрүтүн кыбыстар киһи буоллаҕым. Ол иһин итинник түгэннэри тута умна сатыыбын, олоҕум биир түгэнэ курдук ылынабын. Уопсайынан, бэйэбэр критичнай соҕуспун.

Варвара ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0