Кэрэ күн көрсүһүүтэ

17.09.2022
Бөлөххө киир:

Мин бүгүн “В.Г Павлов аатын сүгэр алын сүһүөх оскуола” 4 “а “ кылааһыгар сырыттым. Оҕолорум оскуоланы бүтэриэхтэриттэн кылаас чааска сылдьарбын умна быһыытыйбыт киһи кыралаан долгуйа-долгуйа тиийдим.

Олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Марфа Егоровна хайыы үйэ тиийэн олорор этэ. Уһата барбакка, үлэхтээх кэммитигэр кылааска лоп курдук киирэн кэллибит.
Марфа Егоровна быйыл биһиги улууспутугар “ Ньургуһун” литературнай түмсүү 50 сылын билиһиннэрэн туран, көрсүһүүбүтүн саҕалаата. Мин урут элбэх кылаас чааһын ыыппыт үөрүйэхпэр тирэҕирэн, быйыл саҥа таһаарбыт үбүлүөйдээх мэтээлбин кылабачытан таһааран, көөчүктүү көрдөрөн оҕолор болҕомтолорун тартым.
Бу 4 “а”кылааска 27 оҕо үөрэнэр. Бастакы кылаастан Кутана маастарыгар хомус сакаастаан, бары хомус алыптаах, тулалыыр эйгэни ыраастыыр дьүрүскэнин оонньотон кылаастарын, оскуолаларын ыраастыы, арчылыы сылдьаллар эбит. Сатыырдыын-сатаабаттыын бары А.В.Чойнова салайыытынан үҥкүүлээн тэйэллэр. Бастаан 27 оҕо 27 атын-атын хамсаныыны оҥороллор этэ диэн Людмила Саввична күлэ-үөрэ кэпсиир. Кыргыттарым бары ыллыыллар диэн киэн тутта этэр. Бу кылаас саамай уратыта бары кылааһынан “Татыйык” литературнай куруһуокка дьарыктаналлар. Бастакы холонууларын “Сунтаар сонуннара» хаһыакка бэчээттэппиппит диэн Марфа Егоровна кэпсээтэ. Олохтоох “Долгун” араадьыйаҕа биэриилэри бэлэмнииллэр. Бу ыыппыт үлэлэрин түмүгүнэн диискэ уонна кинигэ таһаарбыттар.
Быйыл оскуола саамай үрдүкү кылаастара буола улаатан, дьоһумсуйан олоҥхоҕо ылсар санаалаахтар эбит. Олоҥхо – бу саха уус уран айымньытын муҥутуур чыпчаала. Ону оҕо да, улахан киһи да ылла даҕаны кыайбат суола. Былырыын улуус култуурата ыыппыт Граныгар “Олоҥхону оҕоҕо, ыччакка үөрэтии” диэн бырайыак суруйбутум. Онно кыайыылаах буолбатаҕым эрээри, биһирэбил бириис ыламмын, оҕолорго аналлаах тэттик кинигэбин таһаартарбытым. Бу оҕолорго наһаа чугас, өйдөнүмтүө, бэйэлэрэ хас күн аайы алтыһар тиэмэлэригэр оскуола, үөрэнээччилэр, айыы бухатыырдара – 4, 5 сыаналар, абааһы аймахтара — 1 ,2 сыаналар киирсиилэрин туһунан оҕолор күннэтэ туттар, өйдөнүмтүө тылларынан суруйан холоммут.
Оройунан көрбүт омуннаах-төлөннөөх Онтуоска уолчаан «Олоҥхобун туруорабыт дуо?» диэн көҥүл көрдөөбүттэрэ мин бүгүҥҥү күнүм мүҥүтуур үөрүүтэ. Бу тэттик олоҥхо оҕолор олоҥхо тутулун өйдүүллэригэр, тойуктарын толоро, туойа үөрэнэллэригэр, үтүө санаа, үчүгэй куруук өрөгөйдүүрүгэр кыһалларыгар олук ууруо диэн эрэнэбин.
Мин бииртэн наһаа үөрдүм – бу оҕолор барахсаттар кирик-хорук буолбакка, чоҕулуччу көрөн олорон отой ыксаабакка, бэйэ-бэйэлэрин убаастаһан, кэпсэтии култууратын тутуһан, кими да саҥара олордоҕуна быһа түспэккэ, биэс уонча ыйытыыны биэрэн тумнара сыстылар. Олох ханна төрөөбүппүттэн, хас оҕолоохпор тиийэ, хайдах үөрэммиппин, ханнык кинигэбин таптыырбар, ханна бэчээттэтэрбэр тиийэ ыйытар дьон буолан биэрдилэр. Баҕар, ким эмит эрдэ бэлэмнээбит ыйытыылара буолуо диэх иһин, оруобуна кэпсэтии сүнньүнэн ыйыталлар.
Бу оҕолору бастакы кылаастан РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, араас таһымнаах бочуотунай грамоталар хаһаайкалара, үрдүк категориялаах учуутал Аммосова Людмила Саввична үөрэтэн-такайан илдьэ сылдьар. Бары кылааһынан элбэх үлэни ыыталларыгар төрөппүттэр тирэх буолаллара отой саарбаҕа суох. Учуутал уонна төрөппүттэр биир хамаанданан үлэлиир буоллахтарына эрэ, оҕолоро ситиһиилээх буолаллар. Онон эдэр төрөппүттэр бэйэҕит оҕолоргут тустарыгар учууталга көмөлөһүҥ, айыҥ-тутуҥ. Улахан уопуттаах учуутал диэх курдук, оруобуна ханна тоҕоостоох сирдэригэр чахчы да оннук ээ диэх курдук киирэн, этэн-тыынан кэпсэтиини аһара сэргэх тыыннаата.
4 “а” кылаас үөрэнээччилэригэр, кылаас салайааччытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

«Саха сирэ» edersaas.ru анаан Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0