Билигин бары барыта баар, олох кэрэтэ умсугутар кэмигэр киһи эрэ чэгиэн сылдьан, бу күн сиригэр уһуннук, дьоллоохтук олоруон баҕарар.
edersaas.ru
Ол курдук, куораппытыгар кэлиҥҥи кэмҥэ дьону чэбдигирдэр араас хайысхалаах хамсааһыннар элбээтилэр. Дьон үксэ бэйэтин туһунан дьэ, саныыр, көрүнэр буолла диэн сэргиэххэ эрэ сөп.
Дьон өссө да “уһукта” илик кэмнэригэр, оҕо сылдьан үҥкүүлүөхтэрин олус баҕара санаабыт кэрэ аҥаардар уон сыл анараа өттүгэр ымыы санааларын толороору, Сыдьаайа ыытар дьарыгар кэлбиппит. Көннөрү бэйэбитин, дьоммутун үөрдэр инниттэн.
Салайааччыбыт Анастасия Габышева-Сыдьаайа доруобуйаҕа туһалаах диэн илиҥҥи үҥкүүгэ эрэ дьарыктыыра. Бөлөҕүн «Азиза» диэн ааттаабыта. Кэлин үөһүгэр киирэн истэхпит аайы, араас омук үҥкүүтэ, этэргэ дылы, үрүмэччи курдук көппүтэ. Салайааччыбыт араас сонун, дьикти үҥкүүлэри толкуйдуу охсорун олус сөҕөбүт, үөрэбит. Кэлин элбэх толкуй кэнниттэн бөлөхпүтүн «Айыы саас» диэн ааттаабыта.
Биһиги үп-харчы суох диэн олорунан кэбиспэккэ, тэриллибиппит 1, 3, 5 сылларын бэлиэтээбиппит уонна бу 10 сылбытын эмиэ туругуран туран бэлиэтээн эрэбит.
Сахабыт сирин дьонугар үтүө холобур буолуҥ диэн улуустарынан сырытыннартыыр. Оннооҕор ыраах Сунтаарга биир кэнсиэри көрдөрөөрү сөмөлүөтүнэн баран кэлбиппит. Куорат иһигэр эмтэнэр кииннэргэ, Кырдьаҕастар дьиэлэригэр ый ахсын бу 10 сыл тухары күндү ыалдьыт буоллубут.
Сыдьаайа, кыра эрдэҕиттэн саастаах дьон аттыгар сылдьарын ордорор буолан, аҕам саастаах үөрэнээччилэрин — туспа суоллаах, толкуйдаах, майгылаах дьону биир тэҥник тутан, ыраас сырдык санааларын өрө туттаран, чөл, уһун олоххо кынаттаата. Бэйэтин ис туругун истэр киһи буолан, тустаах түгэҥҥэ кытаатан тургуталыыр, кэминэн көрөн сымныыр. Ол да иһин буоллаҕа, кыргыттар үксүбүт номнуо 80-с хаарбытыгар үктэнэн эрэбит. Көрөөччүлэрбит: “Эһигини көрөн, киһи ымманыйа үөрэр, алгыс ылбыттыы дууһабыт сырдыыр, эһиги курдук олоҕу таптыахпытын, уһуннук олоруохпутун баҕарабыт», — диэтэхтэринэ олус үөрэбит.
Сыдьаайа: “Киһи 73 сааһын кэннэ бу олохтон тутула (кармата) тохтуур. Ол иһин, киһи бэйэтэ таҥара тэҥэ буолар, алгыстыан сөп. Аҕа саастаах дьонун ытыктыыр омук үйэлээх буолар”, — диэн этэр.
Бүгүн, кулун тутар 18 күнүгэр, «Айыы саас» ансаамбыл “Сэргэлээх уоттара” кииҥҥэ буолар кэнсиэригэр күндү ыалдьыт, көрөөччү буолуҥ диэн ыҥырабыт.
“Айыы саас” ансаамбыл кыттыылаахтара “Саха сирэ”, edersaas.ru cайтка анаан