Хаас — киһи сэбэрэтэ кэрэ буоларыгар улахан оруоллаах. Дьыл-хонук хамыытын кытта хаас форматыгар муода эмиэ уларыйар.
Урукку сылларга сап курдук синньигэс, уруһуй хаас муода буола сылдьыбыт буоллаҕына, билигин киһи айылҕаттан бэриллибит хааһын тупсарыыга болҕомто ууруллар. Хаастары чочуйан оҥорон таһаарар аптаах илиилээх Валентина Дьячковская сүбэлиир
“ВД макияж салона”
Салонум үлэлээбитэ быйыл оруобуна бэһис сыла. Үс хайысханан үлэлиибит — макияж уонна баттах, хаас, тыҥырах оҥорор маастардардаахпын, ону таһынан хаас оҥоруутугар үөрэтэр кылаастаахпын.
Сэттэ сыллааҕыта макияж оҥорууттан саҕалаабытым, клиеннэрим хаас оҥорорбун ордук сөбүлээбиттэрэ. Анаан хаастарын эрэ оҥотторо кэлэр буолбуттара. Хаас оҥорор бары өттүнэн барыстаах. Бастатан туран материал аҕыйах барар, иккиһинэн – түргэн. Муҥутаан чаас аҥара бириэмэ барар. Үсүһүнэн хаас оҥотторор өрүү тоҕоостоох: макияж биирдэ эмэ оҥоһуллар буоллаҕына – хаас кэрэ аҥарга күн аайы наада. Кэлин билиибин сайыннаран, билигин хаас оҥорорго үөрэтэбин.
Айылҕа биэрбитин тупсарыы
Хаас сэбэрэни буортулуон да, киэргэтиэн да сөп. Төһө да кыра миэстэни ылбытын иһин, киһи сирэйин саамай көстөр, харахха быраҕыллар миэстэтэ буолар. Хайдах баҕарар хааһы араас форма көмөтүнэн кыыһырбыт, хомойбут, соһуйбут гына уларытыахха сөп.
Иҥэн-тоҥон анаан дьарыктанан, араас хаастары оҥорбут тус уопуппуттан көрдөххө, хас биирдии киһи хаастарын төрүкү формата бэйэтигэр сөрү-сөп гына барсар көстүүлээх буолар эбит. Ону тупсаран, чочуйан эрэ биэриэххэ сөп.
Хаас туохтан буортуланарый?
Кыраһыабай хаас диэн айылҕаттан бэриллибит күндү бэлэх. Эдэр кыргыттар ортолоругар кыраһыабай хаастаахтар элбэхтэ көстөллөр. Дьиҥинэн, хас биирдии кыыс айылҕаттан син биир үчүгэй хаастаах төрүүр. Ону сыыһа үргээн, татуаж оҥотторон хаарыан хаастарын буортулаан кэбиһэллэр. Буортуламмыт элбэх хааһы оннугар түһэрбитим.
Оҕо улаатан, киһи сааһыран истэҕин аайы хаас өҥө-дьүһүнэ, формата эмиэ уларыйар. Ханан эрэ хойдор, сонуур, эбэтэр синньээн түһэн хаалар. Киһи доруобуйатыттан, гормон уларыйыытыттан улахан тутулуктаах. Ордук соторутааҕыта оҕоломмут, кырачаанын эмтэрэр ийэлэр хаастарын өҥө сүтэн, убаан хаалар.
Тупсарыахха эрэ наада
Аан бастаан хаас үргэтэргэ, чуолаан, улаатан эрэр кыргыттар хайаан да маастарга сылдьыахтарын наада. Маастар хаас форматын көрөн сөпкө оҥорор. Бастакы сырыыга хааһы үргэтэр ыарыылаах соҕус буолар. Айылҕаттан бэриллибит форматыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһар ордук. Идэтийбит маастар анал инстурменынан үргүүр, онно ыарыыта улаханнык биллибэт. Айылҕа барытын көрөн оҥорор диэн хатылаан этэбин, онон хаас форматын уларыппакка – наадата суоҕу үргээн тупсарынары сүбэлиибин.
Хна дуу, кырааска дуу?
Хаас форматыттан, оҥоһуутуттан, киһи баҕатыттан көрөн хас биирдии хаас оҥотторор кыыһы кытары сөпсөһөн үлэлиибит. Киһи киһиттэн ураты буолар — кимиэхэ эрэ хна эрэ барсар, атыттарга кырааска эрэ, сорохторго иккиэн барсаллар.
Холобур: убаҕас хааска кырааскатааҕар хна быдан барсар.
Маастар буолуон баҕалаахтары түөрт күннээх кууруска үөрэтэбин. Кыргыттар үөрэх түмүгэр хаас оҥорооччу тугу билиэхтээҕин барытын билэн тахсаллар. Бастакы күн теорияны үөрэтэллэр, онтон салгыы практика барар. Сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үөрэнэллэр. Бүтэрдэхтэринэ хаас оҥорор идэтийбит маастар дипломун ылаллар. Дьулуһан араас салоннарга үлэлии сылдьар үөрэнээччилэрдээхпиттэн үөрэбин.