Өйүүн сааскы кэрэ, саамай сырдык бырааһынньык – Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрэ. Аан дойду үрдүнэн төһө эрэ элбэх киһи маҕаһыыны кэрийэн эрэр. Бэлэҕи төһө сөпкө талалларый? Кэрэ аҥаардар тугу бэлэхтэтиэхтэрин баҕаралларый?
Эр дьон тугу бэлэхтиир санаалааҕый?
Социологтар чинчийбиттэринэн, эр дьон 44 %-на кулун тутар 8 күнүгэр бастыҥ бэлэх диэн сибэккини уунар эбит. Сибэккини ордук 40-гар диэри саастаах дьон бэлэхтииллэр үһү. 25-39 саастаах күүстээх аҥаардар 14 % духи, косметика, парфюмерия бэлэхтиир санаалаах. Оттон минньигэс (торт, кэмпиэт) бэлэҕи 19 % эр дьон утары уунар санаалаах эбит. Ордук 40-55 саастаахтар “минньитиэхтэрин” саныыллар үһү. 10 %-ра кыргыттар, дьахталлар бэйэлэрэ баҕарбаттырын ылынныннар диэн харчылаах кэмбиэри туттарар эбэтэр баан хаартатыгар харчы ыытар толкуйдаахтар. 5 % көмүһү, 3% таҥаһы, 3 % иһит-хомуос, 2 % кинигэ, диискэ бэлэхтииргэ быһаарыммыт. Оттон эһиги тугу бэлэхтиигит?
Эр дьонтон тугу күүтэллэрий?
Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, аны кэрэ аҥаардар тугу бэлэхтэтиэхтэрин баҕараллар эбитий? Ыйытыыны ыыппыт дьахталларыттан 23 % сибэкки бэлэхтэтиэн баҕарар эбит. Оттон 36 % киэргэл, 27 % косметика, 22 % харчынан ылыан баҕарар үһү. Олох аҕыйах бырыһыан дьахтар аймах иһит, таҥас, минньигэс диэн хоруйдаабыт.
Ити чинчийииттэн сиэттэрэн икки түмүгү оҥоруохха сөп. Бастатан туран, кыыс аймах үксэ сүрүн бэлэҕи таһынан хайаан даҕаны, булгуччу да диэххэ сөп, сибэкки дьөрбөтүн сирэйигэр сыһыары тутан хаартыскаҕа түһүөн баҕарар үһү. Болҕой, гвоздиканы эрэ уунума. Иккиһинэн, иһити-хомуоһу, кэнсэлээрийэ табаарын бэлэх тутарын сөбүлээбэт эбит. Ол оннугар иһит маҕаһыыныттан сэртипикээт ылан бэлэхтээбитиҥ ыыра ордук буолуо. Кытаат, ситиһиилэри!
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru