Уонча сыллааҕыта Нижегородскай уобалас олохтооҕо оҕуруотугар үлэлии сылдьан 1751 сыллаахха тахсыбыт көмүс манньыаттары булбута. Аны Ижевскэйгэ олорор бульдозерист толору манньыаттаах алтан бочуонагы, Суздаль куоракка уу турбатын тарда сылдьар суһал биригээдэ 18-с үйэтээҕи 310 устуука манньыаты булбуттара. Чэ, бу курдук син сотору-сотору Арассыыйа араас муннугуттан кылааттары, көмүстэри булбуттара иһиллитэлиир.
Арассыыйаҕа ортотунан сыл аҥаарыгар биирдэ олохтоохтор кылаат булбуттарын туһунан иһитиннэрии былааска киирэр эбит. Ол эрээри, дьыала иһэ хараҥа: кылааты сыл баһыгар-атаҕар эрэ буолбакка, онтон чаастатык булаллар эбит. Булааччылар-талааччылар “уустук үллэрииттэн” куттанан, өлүүлэспэккэ эрэ иҥэринэр түбэлтэлэрэ быдан элбэхтик буолар эбит. Дьиҥэ, сокуон быһыытынан, кылааты булбут киһи уонна бу баайдаах сир хаһаайына үллэстиэхтээхтэр диэн.
Исписэлиистэр этэллэринэн, биһиги модун киэҥ Арассыыйабыт усталаах туоратыгар кистэнэн сытар кылаат олус элбэх үһү. Бу барыта былаас субу-субу уларыйыытыттан, сэриилэһии элбэҕиттэн уонна Арассыыйаҕа баан дьыалата кэлин сайдыбытыттан (Европаны кытта тэҥнээтэххэ) сылтаан диэн быһаараллар.
Арассыыйаҕа кистэнэн сытар хас даҕаны улахан кылааттар туһунан номохтор бааллар. Ол туһунан кэпсэтиэххэ.
Көмүстээх чымадаан
Кылааты көрдөөччүлэр бу чымадааны көмүстэн оҥоһуллубут этэ дииллэр эбит. Ол эрээри, докумуоҥҥа суруллубутунан, хара өҥнөөх “спецгруз №15” диэн киирбит эбит. Бу иһигэр уопсайа 80 киилэ кэриҥэ ыйааһыннаах 719 кыһыл көмүстэн, үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут былыргы киэргэллэри готтар көмүллэн сытар сирдэриттэн булан, 1926 сыллаахха Керченскэйдээҕи историко-археологическай түмэлгэ тиксэрбиттэр.
Бу кэмтэн 15 сыл буолан баран, 1941 сыл балаҕан ыйыгар Крымҥа ньиэмэстэр саба түһүүлэригэр, түмэл дириэктэрэ Юрий Марти куорат кэмитиэтин сэкирэтээрин кытта бу күндү кэллиэксийэни паньыараттан оҥоһуллубут чымадааҥҥа укпуттар. Керченскэй силбэһиини паромунан туораан, Краснодары уҥуордаан Армавирга кэлбиттэр уонна эвакуацияламмыт атын сыаналаах эспэнээттэри кытта чымадааннарын туттаран кэбиспиттэр. Аны ол харалла сытар дьиэҕэ буомба кэлэн түһэн, туох баар барыта умайан хаалар.
Ол эрээри, көмүстээх чымадаан туспа атын сиргэ хараллыбыта диэн сурах баар эбит. 1982 сыллаахха устуоруктар уонна чинчийээччилэр чымадаан Спокойнай станицаттан таһаарыллан, бартыһааннарга тиксэриллибитэ быһаарыллыбыт. Бу барыта оройуоҥҥа фашистар хаардыы хааман киирбит кэмнэригэр буолбут. Өстөөхтөр көмүстээх чымадаан баарын истэн көрдүү сатаабыттара диэн эмиэ баар.
Ол гынан баран, бу көмүстээх чымадаан билиҥҥэ диэри ханна кистэнэн сытара биллибэт. Кылааты көрдөөччүлэр станица чугаһынан баар хайаларга, бартыһаан этэрээтэ сылдьыбыт сирдэригэр көрдүү сатыыллар.
Ленька Пантелеев кылаата
Питер аатырбыт уоруйаҕа Ленька Пантелеев туһунан араас үһүйээннэр кэпсэнэллэр. Кини 1922 сыллаахха диэри Кыһыл Аармыйа саллаата уонна чекист эбит. Арай, уорганнартан туох төрүөттээх уһуллубута биллибэт, ол эрээри, бу кэнниттэн кини биллэр уоруйах буолаахтаабыт. Хаайыыга киирэр эбит да, быыс-хайаҕас булан күрүүр адьынаттааҕа диэн суруйаллар.
Хараҥа хаайыыттан бүтэһигин куотан баран, икки ый устата 35 саба түһүүнү оҥорбут. Ол кэм иһигэр дьону түүрэйдээн, сорохторун өлөрөн туран, быһа холоон барыта 150 000 дуоллар сыаналаах малы уорбут, халаабыт. Ленька кыраныысса таһыгар куотуом диэн санаалаах сылдьан тутуллан, ытыллар.
Уоруллубут мал-сал билиҥҥэ диэри ханна кистэнэн сытара биллибэт, ким да була илик. Арай, Санкт-Петербург Александро-Невскэй лавратын, Лиговскай катакомбатын, киин уулуссаларын анныларыгар баара биллэр.
“Варягин” теплоход көмүһэ
Овчинников хапытааннаах “Варягин” таһаҕаһы, пассажирдары тиэйэр борохуот (хаһаайына атыыһыт Алексей Варягин диэн киһи) 1906 сыллаахха алтынньы 7 күнүгэр Уссурийскай хомоҕо тимирбитэ биллэр. Борохуот Владивостоктан Суходол хомоҕо баар нэһилиэнньэҕэ уонна байыаннай чааска буостаны, харчыны илдьэрэ, 250 пассажиры таһар кыахтааҕа. Бу суудуна биир сырыытыгар хомо анныгар нуучча-дьоппуон сэриитин кэмигэр хаалбыт миинэ эстиитигэр түбэспит. Борохуоттан 15 киһи эрэ быыһаммыт, ол иһигэр хапытаан.
Кэлин Алексей Варягин олохтоох генерал-губернатортан суудуна тиэйэн испит таһаҕаһын толуйарыгар көрдөспүтүн, анарааҥҥыта аккаастаабыт. Онуоха аны 1913 сыллаахха Овчинников хапытаан тимирбит суудунаны хостуурга эспэдииссийэ тэринэн айаннаабыт. Кини борохуоту хомо анныттан булбут, ол эрээри сатаан таһаарбатах. Онтон иккистээн эспэдииссийэ тэрийээри гыммыттарыгар күүстээх силлиэ мэһэйдээбит, салгыы Аан дойду бастакы сэриитэ саҕаламмыт, ол кэнниттэн өрөбөлүүссүйэ өрө турбут. Чэ, ити курдук дьыала тиһэҕэр сатаан тиэрдиллибэтэх.
Онон, бүгүҥҥэ диэри Уссурийскай хомо Варгли хайатын уонна Суходол хомотун диэкинэн 3,5 миллиард солкуобай кэриҥэ сыаннастаах кыһыл көмүс манньыаттар уу анныгар сыттахтара…
Арай кылаат буллахпына, хайыыбын?
Бастатан туран, кылаат уонна булумньу туох уратылаахтарын быһаарсыахха наада. Кылааты ким эрэ соруйан кистиир, оттон булумньу ким эрэ алҕаска сүтэрбит мала диэн. Кылаакка үксүгэр харчы уонна сыаналаах мал-сал ууруллубут буолуон сөп.
Кылаат булан баран бэйэҕитигэр хааллардаххытына, онтон туох да барыстаммаккыт. Сокуон быһыытынан, полицияҕа кылаат булуллубутун туһунан этэн, хантан уонна тугу булбуккутун хаартыскаҕа түһэрэр оруннаах буолуоҕа. Аак оҥоһуллубутун кэнниттэн үс сибидиэтэл көрөн турдаҕына, кылааты полицияҕа биэрэллэр.
Кылааты бэйэҥ сокуонунан баһылыыр сиргиттэн булбут буоллаххына, бүтүннүү эйиэхэ тиксэр. Оттон атын киһи сириттэн сөбүлэҥ түһэрсиитэ суох булбут буоллаххына, бу барыта анараа киһиэхэ тиксэр. Эрдэ сөбүлэҥ түһэрсиллибит буоллаҕына, хайысхалар кылааттарын аҥаардаһаллар.
Өскөтүн кылаат историческай уонна култуурунай сыаннастаах буоллаҕына, бу барыта судаарыстыба киэнэ. Маны барытын полицияҕа тиксэриэххэ наада, ол оннугар кылаат сууматын аҥаарын булбут киһи ылар.