Автобуска холуочук киһи киирэр. Кондуктор «бырайыаскын төлөө» диэбитигэр, «харчым суох» диэн аккаастаан кэбиһэр.
-Арыгы иһэргэр харчылаах эбиккин дии... – кондуктор хомуруйар.
—Табаарыһым күндүлээтэ, – диэн хардарар киһитэ.
-Оттон айаҥҥар тоҕо биэрбэтэ?
-Хайдах биэриэ суоҕай… – диир уонна хоонньуттан бытыылка быһаҕаһа водканы таһаарар.
* * *
Эдэр ыал аҕата оҕотун педиатрга көрдөрө аҕалбыт.
-Эт эрэ, доктор, оҕом ыйааһына тоҕо эбиллиэхтээҕэр, түһэн иһэрий? Кэргэним уоппуска ылан барбыта, оҕобун бэйэм көрөбүн. Ийэтэ эппитин барытын толорорго дылыбын: эмиэ да таһырдьа салгын сиэтэбин, эмиэ да массажка, кварцевай ваннаҕа сырытыннарабын, гимнастика оҥорторобун…
-Оттон тугунан аһатаҕын?
-Тууй-сиэ, хайаан да тугу эрэ умнуохтаах этим!..
* * *
Кэргэнниилэр этиһэллэр. Бэйэ бэйэлэрин кэнэйдэһэ сатаан баран тохтообокко, чугас уруулара-аймахтара туох куһаҕаннаахтарын хостууллар.
Дьахтар:
-Оттон эн аҕаҥ…
Эр киһи:
-Мин аҕам ол, дьэ, тугу оҥорбутай?!.
-Эйигин!..