Кэпсээн: Үлээҥки

Ааптар: 
02.12.2022
Бөлөххө киир:

Дьөгүөр  Һэрэмээт дьиҥнээх олохтон кэпсээнин  ааҕыҥ:

Мин саҥа туран сылдьаммын, Түҥ эбэҕэ сайылаан, таба хараалын тутуутугар үлэлэспиппин сүрдээх күндүтүк саныыбын.

Бииргэ үлэлэспит дьоннорум дьон киэнэ дьоһуннара этилэр.

Кэпсээн бөҕөнү былыргыттан түөһэн кэпсэтэн сайылаабыппыт. Бастыҥ сэһэнньит, сээркээн сэһэн кэриэтэ киһи, Кучаарап Ньукулай Уйбаанабыс кэпсээннэрин үксүтүн субу баар курдук өйдөөн хаалбыппын. Бэйэтэ да дьоһумсуйан лоппойон олорон, кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин сатыыр буолара. Кинини сэргэ түһэрсэн Уйбаныап Баһылай Баабылабыс Харсамаан оҕонньор эбистэҕинэ- сабыстаҕына  киинэни көрө олорор курдук буолааччыбын, тугу кэпсииллэрин харахпар оҥорон көрөөччүбүн.

Дьэ, ол буола сырыттахпытына, Борокуоппайап Таҥара күн, сарсыардааҥы рация сибээһин кэннэ, уҥуоргу өттүбүтүттэн бэрт дьоһуннаахай лөкөй тайах тахсан кэллэ.

Өҥүрүк куйаас сатыылаары турар. Салгына олох суох.

Мин Кыра Өлөксөйдүүн «Лэбээлээх» үрэх төрдүгэр эрэһиинэ тыыбытын ыла сүүрдүбүт. Хаһан оҥочобутун үрдэрэн хайаан кэлиэхпитигэр дылы, тайахпыт хамсаабакка турар. Таҥнары өттүттэн  эрдэн, үрэх уҥуор таҕыстыбыт. Уонна сэттэ уонча хаамыы курдук сиргэ үөмэн тиийэн,  «чэй!» диэн баран,  иккиэн түҥнэри ытан кэбистибит. Үөрэн алакылыы түстүбүт.

Саба түһэммит, соһон, уунан уһааран, балааккабыт анныгар аҕалан, астаан-үөллээн бардыбыт. Син, быычаһа сыалаах. Оҕонньоттор обургулар сыалаах очоҕоско хаан чөллөөн кутан, буһара оҕустулар. Күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон харарҕаабыппыт сүр буоллаҕа…

Ол икки ардыгар сахсырҕа сааҕынас буола түстэ, күн үөһэттэн сырылаччы сырайан, эт буһар куйааһа сатыылаата.

Дьэ туран, үлээҥки  оҥорор түбүгэ буоллубут. Кумаары аннынан киэһэ хойукка дылы  үлэлээн түбүгүрдүбүт. Куҥ этин барытын усталыы, синньигэстик тэлэкэлээтибит. Дьонум онтукаларын «ургахталаатыбыт» диэтилэр. Мин барытыгар саба түсүһэ, тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьабын. Ону оҕонньотторум сөбүлүү көрөллөр. Онтон буоллаҕына,  тыа саҕатыгар «уобалаан» диэн ааттаан, ургахталаабыт эппитин ардьаахтаан ыйаталаатыбыт. Анныгар сахсырҕа саахтаабатын диэн, эмэҕинэн, муоҕунан, хатыҥ, үөт сэбирдэҕинэн, күөх отунан буруолатан бардыбыт. Оннук гыннахха эккэ сахсырҕа саахтаабат, эт, таарыччы, ыыһанан, буруо сыттанар, минньигэс амтаннанар

Сөп-сөп  саамылыыбыт. Ол курдук, икки-үс күн устата сыраластыбыт. Ол кэннэ хаппыт ургахталарбытын хомунан, үлээҥкибитин дьаһайдыбыт. Ону оҥорорго ахсааммытынан «хахымал»   диэн оҥордулар. Ол аата, тиит чууккаларга эрбиинэн кэрдиис эрбээтилэр  уонна аҥар өттүттэн мэччэчи кыһаттаан биэрдилэр. Онно быһахтарбытын кыһайа тутан туран ургахталарбытын кыралаан, кырпалаан бардыбыт. Сороҕун сытыы чохороонунан ситэрдибит.

Оҥоһуллубут үлээҥкибитин  барытын сиргэ дьуум тэлгэтэн мустубут уонна күн уотугар өссө сараҕытан ыллыбыт. Лаһыгырас буола хаппыт үлээҥкини кууллаталаан кээстибит.

Биир тайах  этин үлүкээҥкитэ икки таба ындыыта буолар  диэтилэр.

Дьэ, ити курдук, дьиҥ былыргылыы эти харайыыга кыттан, үлэлэһэн турабын.

Билигин даҕаны баһыттан атаҕар дылы, силигин ситэрэн, оҥоруохпун сөп дии саныыбын. Оҕонньотторум барахсаттар үөһээттэн көрөн астыналларын курдук туттан-хаптан, астаан-үөллээн  көрүөм этэ.

Өбүгэлэрбит төрүт астара умнуллубакка, үйэлэртэн уҥуордаан кэлбит эт аһылыгы хаһаанар ньымалара сүппэккэ хааллын диэн, сүбэ кэриэтэ суруйдум.

Дьөгүөр  Һэрэмээт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1