Кэпсээн: Уйбаан Барааскап

Ааптар: 
27.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Мин дойдубуттан тэлэһийэн? кэлин улаатан баран Уйбаан Барааскаптыын олох алтыспатаҕым. Оҕо сылдьан алтыһан ааспыппын олох умнубаппын.

Бастаан утаа көннөрү Лөгөнтөй Барааскап улахан баҕайы, мин көрдөхпүнэ, үүт-үкчү дьүһүннээх уолаттардаах эбитин билбитим.

Хайата Гуосатын, Бүөккэтин, Киэсэтин, Баанньатын арааран билии суох. Саамай билэрим убайым Дьөгүөр үөлээннээҕэ Гаанньаны арааран билэрим.

Дьэ, оҕордук буола сылдьан кэм борбуйбун көтөхтөҕүм буолуо, дьэ, Уйбаантан саҕалаан барыларын араартыыр буоллум.

Ол манныктан саҕаламмыта.

Кулуупка үлэлээччи Гуоса, акка тэптэрээччи Киэсэ эбиттэр.

Онтон арай убайым оскуоланы бүтэрэн фермаҕа ыанньыксыт буолла. Онно хомустаах хотонугар убайбар көмөлөһө сырыттахпына Барааскаба Даайыһы кытта Уйбаан кэлэннэр убайбын хомсомуолга киир диэн хаайдылар. Мин көрдөхпүнэ нэһилиэк бастыҥ ыччаттара кучуйалларыгар убайым тоҕо эрэ буолуммат.

Онтон Уйбаан: “Ээ, чэ аармыйаҕа муох-чуох диэбэккэ киллэриэхтэрэ”, — диэн кэпсэтиини түмүктээтэ.

Дьэ, ол сайыныгар дулҕа сайылыкка   ыанньык ферматыгар Лөгөнтөй Барааскаптаах таҕыстылар. Уйбаан ыанньыксыт этэ, бадаҕа. Ол сайын анды саҕана Уйбаан Мээй Миисэлиин Дөһүтэртэн дугдаттан кэлэн иһэн тыһылаах атыыр бүүчээни бултаан кэлбиттэригэр наһаа ымсыырбытым.

Ол кэннэ аҕалара Лөгөнтөй, Уйбаан, Обоччо Көстөкүүн уола Мииһиҥкэ буоламмыт оҕуһунан Оҕонньор Алааһыгар мунхалаан көрбүппүт. Онно Уйбаан аҕатынааҕар ордук мунханы бэрийэр этэ. Өссө : “Ээ, түөһэйимэ, оҕонньоор”, — диэн аҕатын дьээбэлиирэ.

Арай күһүөрү биир сарсыарда Уйбаан ыам бүтүүтэ дьиэтигэр баран иһэрин көрдүм. Арай сүнньүгэр биллэҕиннэри биир куобаҕы туһахтаан ылбытын бырахтан бара турда. Сүрдээҕин ымсыырдым.

Тута Ураһа аннынааҕы күөл уҥуоргу тыаҕа сыҥкаал борубулуоханан туһах ииттэх буоллум.

Ону билэн Уйбаан үс-хас дьиҥнээх туһах биэрдэ. Иитэлээн дуомнаан иккитин ханна ииппиппин булбатым. Биир быстыбытын буллум.

Онтон биһигинэн үүрдэрэн куобахтыыр буоллубут. Өлөрөллөр, биирдиилээн үүрээччилэр мөлтөхтөрбүт. Куруук бэйдиэ барабыт. Уйбаан икки уостаах 24 таһынан сомуоктаах саалаах. Сүүрэн кэлэн үүрээччилэрин күөйэн тохтотолуур. “Дьуолкалар, бэйэҕитин куобах гынаттыам”, — диэн хараҕа көстүбэт буола күлэн турар буолар. Оҕордук бултааһыҥҥа хардыылары оҥорбуппун эбит.

Дьэ, онтон бэйэм оскуоланы бүтэрдим.

Убайым Арамаан звенотугар оттоон кэллим. Ол-бу үтүрүм-хатырым үлэҕэ дьөллүргэ буоллум. Хамнас нэрээт саптарар эҥин  толкуй суох. Ханна ыыталларынан сырыттым.

Дьону үтүктэн  аармыйа иннинэ уоппуска ылбыт киһи диэн санаалаахпын.

Арай хонтуораҕа сарсыарда  Уйбаан эттэ: “Быстах үлэ олох хамнаһа суох, онон быраат, миигин тутус, үлэ баар”. Мин оччолорго хамнас өлөрөр өй суох киһитэ да буолларбын, таах дьөллүргэ буоларбын сөбүлээбэккэ сылдьар буолан, сөбүлэстим.

Киһим тугу эрэ аахсар. Погуоннай миэтирэ, расыаҥка эҥин дэтэлиир. Дьэ, оҕордук буоламмыт Сымалаахха күрүө тутар буоллубут. Тиийдибит да киһим дьаһалынан үлэлээн бурхайдыбыт. Бастаан күрүө баҕаната хастыбыт. Киһим кыайыгас баҕайы ньачаас хаһар. Эр киһи аатыраары сырсан киэптэттим эҥин. Кэлин наһаа ырааҕынан хаалбат буоллум.  Уйбааным матассыыкылыгар олорсон кэлэбин, эбиэккэ баран кэлэбит. Үлэ күөстүү оргуйда. Баҕанабытын кэртибит. Киһим ньачаас кумахтаталаата, мин сулуйабын хайыыбын. Сиэрдийэ кэртибит.

Ол буола сырыттахпытына   күн аайы биир кэмҥэ Дагдаанча Көстөкүүн матаһыыкылынан Баарда айаҕынан Чэлгиэрийэҕэ, Бараайыга киирэн кус көрөн тахсарын көрөбүн. Мин ымсыырабын да, киһим үлэҕэ үлүһүйбүтэ бэрдиттэн торуттаммын тыл көтөхпөппүн.

Биир күн киһим: “Чэ, быраат, аармыйалыыр киһи сынньан, уоппускаҕын көрдөө, мин ситэриэм, улахана бүттэ, нэрээккин  бырааппар баттыам суоҕа”, — диэн  үөртэ.

Дьэ, оҕордук киһи буолан, үлэһит киһи кытаҕар олорсон, хамнас аахсары билбитим.

Бу курдук үтүө киһилиин ,убай кэриэтэ Уйбаан Барааскаптыын алтыспыппын күндүтүк саныыбын.

Дьөгүөр Һэрэмээт.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1