Елена Прокопьева оҕо сааһы санатар кэпсээнин ааҕыҥ.
Урут тыа оҕолоро сааскы уһун өрөбүл кэмигэр кылааһынан Дьокуускай куоракка күүлэйдии киирэллэрэ. Эрдэттэн бэлэмнэнии бөҕө буолара. Ким төһө харчылаах барара, туох суумканы ылара, тугу таҥнара, тугу атыылаһыахтааҕа — барыта былааннанара.
Кэтэһиилээх күннэрэ бу ыган кэлбитэ. Бэһистэр кыра оҕолор аатыран, куоракка бастакынан барар буоланнар, үөрүү — көтүү , өрөпөөннөһүү бөҕөтө! Хайыахтарай, нэһилиэк үрдүнэн соҕотох грузовой массыына баарыгар уонна тохтоло суох сүүрэригэр баһыыба. Учууталлара Мария Дмитриевна сарсыарда 5 чааска халыҥнык таҥнан, хойутааһына суох кэлэллэригэр эттэ. Биирдэ аһыыр өйүө ылалларын санатта. Өссө хаттык гынарга көбүөр суорҕан наада эбит.
— Сааскы тыал албын, аны аһаҕас массыынаҕа үрдэрэн, ыалдьан хаалыаххыт, — учууталлара барахсан ийэлэрин курдук хос — хос хатылаата.
— Оҕолоор, киэһэ эрдэ хаптайыахха наада! Аны сарсыарда хойутаан хаалыахпыт, — сытыы тыллаах Бүөккэ уол чаҕаарда.
— Эс, бу да киһи! Ама, хайаан утуйа сытыахпытый! Куоракка барарбыттан долгуйан, олох да утуйуом суоҕа, — диэтэ Өндөрүүскэ уол .
Түмүктэрин сиирэ-халты истээт, оҕолор дьиэлэрин диэки сүүрэн бытарыстылар.
Уолаттар дьиэлэригэр баран иһэн, куорат маҕаһыыныттан бастатан туран сыр ылыахха наада диэн сүбэлэстилэр. Сыр диэн тылы кинилэр Крылов «Лиса и ворона» диэн үгэтин литература уруогар үөрэтэллэригэр билбиттэрэ. Саһыл турааҕы сымыйанан хайҕаан киһиргэтэн, сырын мүччү ыһыгыннарбытын бэркэ диэн өйдөөбүттэрэ уонна бу сыр диэн аһылыгы амсайан көрүөхтэрин баҕарбыттара. Куоракка киирээт да ас маҕаһыыныгар сылдьан хайаан да сыр ылан сиэхпит диэн былааннаммыттара.
Сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, дэриэбинэ уулуссаларынан оҕолор хоочугураһан, оскуолаҕа баран иһэллэрэ көһүннэ. Ыраах халдьаайыттан Кирииһэ уол, икки Андрей уонна Вася сыыры таҥнары бырдааттаһан түстүлэр. Вася, сүүрэн истэҕинэ, суорҕана ыһыллан хаалла да, онтон иҥнэн хап сирэйинэн хаарга батары түһэн хаалла. «Һуу — һаа» буолан киһилэрин хаартан хостоон, тэбээбитэ буоллулар уонна оскуола айаҕар кэлэн турар массыына диэки сүүрэн маҕыйдылар.
Суоппар Миисэ :
— Оо өрүөлчээннэр, кэлэ оҕустугут дуу? Дьэ, маладьыастар, улааттаххытына, аармыйаҕа барыаххыт, түргэн – тарҕан саллааты хамандыырдар сөбүлүүллэр, — диэтэ.
Уолаттар, хайҕанан, эгди буоллулар уонна харса суох куусапка ыттан киирэн бардылар. Уолаттар оннуларын булан олордулар. Кыргыттар учууталларын кытта оскуолаттан таҕыстылар. Мария Дмитриевна икки кыыһы суоппары кытта кэбиинэҕэ олорто, ол кэнниттэн куусапка тахсан оҕолору сааһылаата, суорҕаннарыгар үчүгэйдик сууланан олороллоругар эттэ. Хата, суоппар Миисэ куусапка сып — сымнаҕас от бөҕөтүн тиэйбит, бу кыһамньытын көрүөҥ! Оҕолор барахсаттар тоҥмотуннар диэн дьаһаннаҕа.
Бары саас — сааһынан олорбуттарын кэннэ, дьэ, массыыналара хоҥунна. Оҕолор долгуйаллара сирэйдэригэр — харахтарыгар сурулла сылдьар: отучча оҕоттон үгүстэрэ куорат диэннэригэр аан маҥнай айанныыр. Кылаас саамай дьээбэлээх — хооболоох уола Киэсэ :
— Оҕолоор, куоракка аан бастаан киирэр оҕолорго сибиинньэ эмэһэтин салаталлар үһү, -диэтэ.
— Пахыый, ол ама кырдьык буолуо дуо? — Маайыс кыыс сэрэхэчийэр.
— Эс, сымыйа ини!
— Хайдах сымыйа буолуой, кырдьык! Мин аан бастаан куоракка киирэрбэр сибиинньэ эмэһэтин салаабытым ээ,- диир Вася.
— Ээ, чэ буоллун даҕаны! Мин салыам уонна силлээн кэбиһиэм,- Араайа кыыс хаалсыбат.
Ити курдук күлэн — оонньоон хаадьылаһан Бэстээххэ тиийдилэр.
— О, Бэстээххэ кэллибит, куорат мантан чугас, чаас аҥарынан тиийэбит, — диэтэ Миисэ уол, бэркэ билэр киһи быһыытынан.
Билиминэ, кини учуутал оҕото. Куоракка хаста эмит сылдьыбыт буолуохтаах.
Кирииһэ куусап муннугар саҥата — иҥэтэ суох олорон уулуссанан ааһар элбэх дьону көрөр уонна:»Оннооҕор бу Бэстээххэ киһи бөҕөтө баар эбит, манан буоллаҕына, куоракка сүүһүнэн киһи хаама сылдьара буолуо,» — дии санаата. Аттыгар сытар Өндөррүүскэни ойоҕоско аста:
— Доо, куоракка чугаһаан эрэбит, тур эрэ, утуйан хаалбыккын дии!
— Ээ, утуйан хаалбыппын дии, бөлүүн олох утуйбатаҕым ээ.
Өлүөнэ өрүһү туоруурга суола куһаҕан буолан, нэксиэлээх баҕайы, сорох кыргыттар хотуолаатылар. Массыынаны тохтотон, кыратык сынньанан ыллылар, наадаларыгар сырыттылар.
Сотору Дьокуускай куорат дьиэлэрэ көһүннүлэр. Эчи, элбэх даа дьиэ баар эбит! Куораттара диэн маннык эбит дуу?
Суорҕаннарын иһиттэн тахсан, таҥастарын — саптарын тэбэннилэр. Барыта от сыата буолбут соннорун, бэргэһэлэрин ыраастаабыта буоллулар.
Мария Дмитриевна массыына тохтообутун кэннэ: «Бастаан аһыахпыт, дьэ, ол кэнниттэн кыраайы үөрэтэр муһуойга, маҕаһыыннарга сылдьыахпыт » — диэтэ. Өйүөлэрин үссэннилэр, тип — тигинэс буола түстүлэр. Онтон дьэ эмиэ сыр айдааннаннылар. Суоппар Миисэҕэ сырдаах маҕаһыыҥҥа сырытыннараар диэн үлэһии бөҕөтө буолла.
Кыраайы үөрэтэр муһуойу оҕолор бэркэ сэргээн көрдүлэр — иһиттилэр. Саамай астыммыттара — тиигир чуучулата буолла. Уолаттар обургулар тиигир айаҕар тарбахтарын уган көрдүлэр, тииһэ сытыы бөҕө эбит диэн быһаардылар.
Кыргыттар, куттанналлар да, били 17- с үйэтээҕи баай дьахтар өлүгүн болҕойон көрдүлэр, симэҕэ — киэргэлэ сиэдэрэйин сөхтүлэр.
Куорат устун кылгас соҕустук күүлэйдээтилэр, паарканы өҥөйдүлэр, «чёртово колесо» диэннэригэр олорсон, куораты үөһэттэн көрөн астыннылар.
Дьэ, онтон, доҕоор, саамай күлүүлээҕэ тиийэн кэлэр! Анекдот да диэххэ сөп! Били, сырбыт тиэмэтэ.
Суоппар Миисэ оҕолорун, дьэ, биир ас маҕаһыынын айаҕар аҕалан түһэрэр, бэйэтэ кэбиинэҕэ олорон хаалар. Уолаттар маҕаһыын иһигэр көтөн түһэллэр, арай көрбүттэрэ: таас анныгар сыр бөҕөтө кэккэлээн турар эбит!
Балай да өр уочараттаан, дьэ, бастакынан турбут сытыы — хотуу Бүөккэ: » Сыр!»- диир. Бэрэдэбиэс, нуучча дьахтара:» Сколько тебе надо?»- диэн ыйытар. Биһиги киһибит, сыалай бухаанка килиэп саҕа сыры ыйар уонна:» Это!» — диэччи буолар. Бүөккэ кэнниттэн турар Кирииһэ, ыксаатаҕына буоларын курдук, кэлэҕэйдии — кэлэҕэйдии:»Сы- сы- сыр!»- диир. Бэрэдэбиэс, күлэ — күлэ:» Тоже целый, да?»
— Тоже.
Ити курдук 13 уол бары биирдии сыалай сыры атыылаһан, тиритэн — хорутан маҕаһыынтан тахсыбыттар. «Дьэ , сиэн көрүөҕүҥ эрэ!» — диэн буолбут. Арай сытыы тиистэринэн ойо ыстаан ылан сиэбиттэр, туох да амтан баара биллбэт үһү! Кэлэйии бөҕөтүн кэлэйэн, сырдарын маҕаһыын олбуорун анныгар элээрдэн кэбиспиттэр.
Хойукка диэри ити сырыыларын «Сыр, мне тоже!» диэн анекдот оҥостон кэпсэтэллэрэ үһү.
Елена Прокопьева.