КЭПСЭЭН: Сыгынньах илиинэн

Ааптар:  Никифоров-Басхаай Егор Егорович
27.08.2024
Бөлөххө киир:
Фото: PxHere.com

Һааска саас кус ытыытын саҕана сылгытын баазатыгар сыттаҕына, икки табаарыс уола тиийэн кэлэллэр. “Ходуһалаахтан чугас соҕус дьоҕус күөл баарыгар баран иһэбит. Тахсар аартыгын билбэппит, биһигини кытта барыс”, — диэн хаайаллар. Инньэ гынан, үһүө буолан үс атынан Ходуһалаах диэкки бараллар.

Сааскы чуумпу, былыта суох чаҕылхай күн турара yhy. Уолаттар чочумча күөл кытыытыгар киирэн, хойуу баҕайы талах быыһынан баран испиттэр. Һааска бастаабыт. Арай ол иһэн көрдөхтөрүнэ, талах быыһыгар хаастар хаамсан хонолдьуйа сылдьаллар үһү.

Apaaha, сылгылар сылдьаллар диэн дьон иһэрин аахайбакка хаалбыттар быһыылаах. Субу чугаһаан эрэ кэлбиттэригэр, дьэ, соһуйан, көтөөрү тыа-уус бөҕө буола түспүттэр. Ол эрээри, талаҕа хойуута бэрт буолан, кыайан көппөккө төттөрү-таары сүүрэкэлэспиттэр, дайа сатаан мучумаан бөҕө буолбуттар. Саатар уолаттар сааларын санныларыгар сүгэн испит буоланнар, хойуу талах быыһыгар сып курдук устан ыта охсор кыахтара суох буолбут. Арай, Һааска атын аттынан биир хаас далланныы-далланныы сүүрэн эрдэҕинэ, ыҥыырыттан хаас үрдүгэр ойон түһэр да, көтөрүн кытта кыһыл илиитинэн киирсибитинэн барар. Анараата муччу туттараары сапсыныы кытаанаҕа буолар. Аны, киһилээх хаас өрүтэ мөхсүүлэриттэн ата сиргэнэн туора ойбутун, хата, биир уола тутан хаалар, иккиһэ тута Һааскаҕа көмөҕө сүүрэр. Онон уолаттар кыһыл илиилэринэн биир хаастанан хаалаллар. Хата, ол араллааҥҥа сааларын маһын тоһуппатахтар. Ол түүн көтөр хойуутук киирэн, табыллан кустаабыттар этэ.

Никифоров-Басхаай Егор Егорович

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1