Кэнники кэмҥэ мин тииһим ыалдьан сордоото. Кыйыһытан-чыскытан, ардыгар дэргитэн, дьэ, амырыын ыарыы диэтэҕиҥ. Туурдаран кэбиһиэхпин дэриэбинэҕэ тиис бырааһа суох, биэлсэр сатаан ылбат. Балыыһа иһэ толору маҥан халааттаах үлэһит да, саараама, тиискэ саа тэбиитэ да чугаһаабаттар. Ол кыргыттар барахсаттар кыайаахтаабаттара да буолуо – итиччэ алдьархай силистээх-мутуктаах баҕайыны туура тардан ыларга сомоҕо быччыҥнаах бэйэтин чахчы билиммит чүөчэ наада.
Аны онтукайым үөһэ тиис, онон кутталлаах диэн өссө эбиитин куттаан биэрбиттэрэ. Билигин сокуон уларыйан, кырдьык, кинилэргэ көҥүллэммэт буоллаҕа, оннооҕор оскуолаҕа уруокка мэниктээбит оҕону оройго охсор көҥүллэммэт дэһэллэр, үлэҕиттэн көтөрүҥ диэн кыра, күлүүс хаайыытыгар биэс сыл түбэһиэххин сөп үһү. Урут сэбиэскэй саҕана учууталлар кыҥыы-кыҥыы биһиги төбөбүтүн улахан суон мас укаасканан биэртэлиир этилэр. Олохтоох биэлсэр Балбаара үөһэ буоллун, аллараа буоллун, тиистэри харса суох уҥа-хаҥас тууран тардырҕатан иһэрэ. Өлөөрү тэбиэлэнэ сытар киһи көстүбэт этэ. Аҕыйах сыллаахха диэри тэйиччи баар улахан бөһүөлэктэн биир тиис бырааһа кэлэн сылга биирдэ эмтээ-тэҕинэ, таҥараҕа тиксэр кэриэтэ тиийэммит уочарат бөҕөнөн эмтэнэр этибит, аны онтукайбыт да сурахтыын сүппүтэ. Сорох ардыгар ыксааммын, тоһоҕону туурар улахан чыскынан туура тардан кэбиһиэхпин баҕарталыыбын. Эбэтэр, болоскууска хайдах эбитэ буолла? Саатар, тииһим бэйэтэ да дэлби түһүтэлээн аҕыйаата, балык айах буоларым чугаһаата, ол иһин эмиэ да пломба оҥорторуохпун санаталыыбын. Араас эмтэри уктан көрөбүн эрээри, кэнникинэн ол эмтэргэ үөрэнэн хаалан кыһаллан да көрбөт, син биир ыалдьан кыйыһыппытынан барар.
Арааһынай сүбэһиттэр бааллар. Биир атаһым тииһиҥ хаҥас өттүгэр ыалдьар буоллаҕына, хаҥас кулгааххын баатанан ыбылы бүөлэнэҕин диэбитэ, оччоҕуна ыарыыта биллибэт буолар үһү. Кини толкуйунан, ол аата ыарыы кулгаах үүтүнэн киирэр эбит буоллаҕа. Ол сүбэһитим өссө: “тииһиҥ күүскэ ыалдьаары гыннаҕына, иккис кулгааххын эмиэ бүөлэнэҕин,” – диэбитэ. Бэйи эрэ, оччоҕуна, адьас да таас дьүлэй буолар буоллаҕым. Эмиэ моһуок диэтэҕиҥ. Хайдах эрэ табыллыа суох. Тиис ыарыыта кулгаах үүтүнэн киирбитэ-тахсыбыта бу үйэҕэ иһиллибэт этэ.
Иккис алконавт соҕус сүбэһит бэртээхэй сүбэни биэрбитэ: “Тииһиҥ ыарыйдаҕын аайы биирдии ыстакаан буокката түһэрэн ис. Ыарыыны отой да билиэҥ суоҕа.”. Самаанчыбай этии диэтэҕиҥ. Ол эрэн оннук тииһим ыарыйдаҕын аайы ыстакаан-наах арыгыны түһэрэн истэхпинэ, хайдах ыал буолабын? Күн аайы итирик, күн аайы бырааһынньык. Буор иһээччи буолан бүттэҕим. Күнүстэри кур холуочук үлэбэр тэллэриҥнээн тиийдэх¬пинэ, тойотторум мас куораты таарыппакка көтүтэр инилэр.
Үһүс сүбэһит этиитэ маннык: “Ыалдьар тиискин бириэс баанан баайаҕын, иккис түмүгүн отут иккилээх гиирэ тутааҕар баайан бараҥҥын, дьиэҥ сарайын үрдүгэр таҕыс. Дьэ ол кэнниттэн били гиирэҕин аллараа кыыратан кэбис. Тиискин кытта быраһаайдастаҕыҥ ол”. Эчи киниэнэ ыйааһына даҕаны чуолкайа бэрт дии, отут иккилээх буола-буола. Ити туллаҥнаан да көрбөт тииспэр оччо иэдээннээх тэрили иилэн бараммын бырахтахпына, бэйэбин илдьэ аллараа куугунуур ини. Дьиэм сарайынаан үрдүгэ да бэрт. Ол түһүүттэн мин тыыннаах орду-баппын. Көмүс уҥуоҕум сарай анныгар хаалар. Эбэтэр айаҕым миилэтин бүтүннүүтүн тоҕо тардан, адьас да ыал аатыттан аһарар буоллаҕа.
Аны биир атаһым: ”Мас үөнүн ылаҥҥын, тииһиҥ дьөлө-ҕөһүгэр угун, былыр-былыргаттан оннук эмтэнэллэр эбит”. Мин араас сүбэһиттэртэн саллыбытым бэрт буолан, дьаахханаммын ыйыппытым: “Ол үөн хайыыр үһү?” Киһим бэркэ билэр эбит: “Ыарыыҥ ньиэрбэтин оборон ылар”. Ол бачча кыһын оройугар хантан мас үөнүн булан ылабын? Тыа маһын барытын хаһабын дуо, оччоҕуна? Бэрт бөдөҥ, тумса суох икки атахтаах тоҥсоҕой буолууһубун дии. Аны ол булан уктубут үөнүм тииһим дьө-лөҕөһүнэн киирэн баран, чэчэгэйбинэн тахсыбат дуо? Маһы таптаабыт сиринэн дьөлүтэ сүүртэлиир үөн мин эрэйдээҕи даҕаны таптаабыт сиринэн тэһитэ сүүртэлиир ини. Ким кинини онно муоһалыы олорбут үһү. Эчи куттала да бэрт. Ону санаа-тахпына, ньиэрбэм барыта айгыраан, тугум барыта ыалдьан олорбутунан бараары гыммытым. Ити да сүбэ таах хаалбыта.
Ол быыһыгар ыт сааҕын ылаҥҥын боруобалаан көр диэччи кытта баара. Кини этэринэн сахаҕа ити туһунан өссө өс хоһооно баар эбит: “Оннооҕор ыт сааҕа бииргэ туһалыыр” диэн. Ити баҕас наһаа сиэри таһынан барыы буолуохтаах. Төһө да куһаҕан тиис күннэри-түүннэри ииригирбитин иһин, ыт сааҕын уктан олоруу диэн адьас бүтэһиктээх дьыала буоллаҕа. Аны үөннээхтэр биллэхтэринэ, кэпсэл оҥостуохтара турдаҕа: “Били киһи ыт сааҕын туора ытыран олорор үһү, һа-һа-һаа!” Дьэ уонна сирэйдэрин араастаан муунньары-хаанньары тутта-тутта күлэн алларастыахтара. Оннук дьүһүлэнэллэрэ чуолкай.
Биир сатана уола ынах сааҕын уктан көр диэн аҕыа-лайдаабыта. Тохтуура буолуо дьиикэй, бастаан бэйэтэ ол эмин боруобалаан көрдүн. Амтана аһыы соҕус буолуохтаах. Дьэ ол кэнниттэн сатана уола төһө баҕарар ынах курдук маҥыраатын.
Сорох дьоннор үйэлэригэр тиистэрин суумматтар даҕаны, тиистэрэ кырылаһан бөп-бөҕө буолааччылар, ол аата тиистэрэ нэһилиэстибэннэй, бэриллэн иһэр үһү. Мин төһө да умна-умна тииспин сууннарбын, туллан түһэллэрэ элбээтэ. Дьэ, кыһалҕа диэтэҕиҥ.
Оттон эһиэхэ, атастаар, туох эмэ атын, киһилии соҕус сүбэ баар дуо?
2010 с.