Ефросиния Колодезникова 1954 сыллаахха атырдьах ыйын 20 күнүгэр төрөөбүтэ. 1972 сылга Танда орто оскуолатын бүтэрээт Герой Егоров аатынан сопхуоска үлэлээбитэ.
1974-1979 сс. Ленинградтааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн инженер-механик идэтин баһылаабыта. Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумугар преподавателинэн, Танда орто оскуолатыгар учууталынан, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар инженер-конструкторынан, Герой Егоров аатынан сопхуоска инженеринэн үлэлээбитэ.
1992-2000 сс. Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтатыгар социальнай харалта үлэһитэ этэ, 2000 сылтан Тандатааҕы историяны, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ үлэлээбитэ. 2021 сыллаахха бэс ыйыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта. Хоһоон, кэпсээн, пьеса суруйара. Уус-Алдан улууһун “Куорсун” литературнай куонкуруска хас да төгүл бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ, кыайыылааҕынан буолбута.
САЛДЬА
Сааскы халлаан суһуктуйа сырдаан, балаҕан иһэ борук-сорук буолла. Аана эмээхсин бэҕэһээ киэһэ сыарҕа суолун баттаһа, күнү быһа от тиэйэн саҥата иһиттэн тахсыбат буолуор диэри сылайбыт кыыһын уһугуннарбакка, тыаһа-ууһа суох уолун Киргиэлэйи туруоран хотоҥҥо таҕыстылар. Киэһэ ынахтара ахтыбыт көрүҥнээҕэ, онон эмээхсин сээбэҥнээн утуйбакка сыппыта.
Киргиэлэй бэйэтин сааһыгар сөрү сөп эттээх-сииннээх, олус оттомноох уолчаан бу да сырыыга көннөрү батыһааччы, тымтык тутааччы курдук буолбата, ийэтин иннинэ сурдурҕаччы хааман тиийэн хотон аанын аһан биэрдэ.
– Ыл, кукаам, түргэнник уоккун умат, арааһа… – Аана уолун соруйан баран, уот умайарын кэтэһэн турбакка, ынаҕын диэки барда.
– Ээ, Салдьа, барахсаан, эрэйдээҕим сыыһа, быыһаммыт, – сотору буолаат саҥа аллайда.
– Ийээ, төрөөбүт дуо? – уол тымтыга умайаатын кытта баҕана быыһыгар кыбытта уонна ньирэйи өйдөөн көрдө. – Чээн, ньирэйбит үкчү ийэтин курдук дии. Тыһы дуо?
– Тыһы, тыһы. Этэҥҥэ сырыттаҕына ийэтин курдук үтүө, үүттээх ынах буолуо. Сүөһү төрдө буолуо. Оо, бу котокону, турда, турда!
Эмээхсин саҥардыы өндөйөн байааттаҥныы турар ньирэйгэ уолун кытта көмөлөөн ийэтин синньин буллардылар. Ньирэй бастаан тылбыҥныы түһэн баран, эмэн соппойон киирэн барда.
– Киргиэлээй, дьиэттэн били саҥардыы хаппыт быабын, ыаҕайата, чохоото киллэр.
Уруккута эбитэ буоллар Аана ньирэйигэр ийэтин төбөтүгэр сыры-сымнаҕас отунан олбох оҥорон биэриэ этэ. Аччыктаан кэлиргэлэрин кытта кэбийэр сүөһүлэр барахсаттар оту хотууллуохтара дуо?
Киргиэлэй төннөн киирэригэр эмээхсин сүүрбэтиттэн тахсыбыт кыыһа Алааппыйа кииристэ. Кыра хотон иһин үлүскэннээх үөрүү толордо. Ньирэйи имэрийии-томоруйуу, Салдьаны хайҕааһын. Төрүүрүгэр илистэн сылайбыт көрүҥнээх Салдьа ньирэйин салыы-салыы ыҥырана турда. Ньирэй тоҕо эрэ улахан баҕайытык «мээ» диэбитигэр күлбэтэхтэрэ ырааппыт дьон дэлби күлүстүлэр. Саҥа быанан ньирэйи ийэтин төбөтүгэр баайдылар. Алааппыйа дьоһуннук туттан-хаптан ынаҕын ыан киирэн барда, ап-араҥас уоһах утахтара ыаҕайа түгэҕэр охсуллаллара бастаан обургутук онтон уоһах ыаҕайа түгэҕин сабан тыас бүтэҥитик иһиллэр буолла.
Эмээхсин оҕолорун дьиэҕэ киирэллэригэр соруйан баран, бэйэтэ соҕотоҕун хотон ортотугар туран хаалла.
Кырдьаҕас киһи өбүгэлэриттэн иҥэриммит, ханнык да түгэҥҥэ умнууга хаалларбат биир үгэстээҕэ. Бэлиэ күннэргэ соҕотоҕун сылдьан сири-дойдуну алгыы, айылҕа анаан биэрбитигэр барытыгар махтана, аһата сылдьар идэлээҕэ. Кини сиэбиттэн кыра сарыы мөһөөччүгү хостоото. Онтон ытыс саҕа кытыан оту, сылгы сиэлин сүүмэҕин, туоска суулана сылдьар чыппааннары таһааран, баҕанаттан умуллан эрэр тымтыгы ылан хотон муостатыгар кыра уот отунна уонна умса нөрүйэн туран эрэ дьоҕус чохооҕо кутан ылбыт уоһаҕыттан уокка ибиирэ-ибиирэ:
Уордаах Улуу Тойон
Уйгулаах кыыһа
Наадьы Дьаҥха хотун!
Үс бараан күлүккэр
Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн
Төлкөбүтүн төрүттээ,
Төрөлкөй төрүөҕү үөрдээ!
Соргубутун үрдэт,
Үрүҥ илгэбитин үксэт,
Уруй! Үрүҥ тунах!
Уруй! Үрүҥ тунах!
Уруй! Үрүҥ тунах! — диэтэ уонна хаалбыт уоһаҕынан хотонун баҕаналарын, өһүөлэрин оҕунуохтаата. Алҕаан бүтэн ынаҕар тиийэн моонньуттан кууһан туран:
— Салдьа барахсаан! Үүттээх, иччимсэх, сымнаҕас, кэлигэс үтүө да ынаххын. Быйыл да кураан буолар чинчилээх, олохпутун, киһи дуу, кии дуу буоларбытын эн эрэ быһаараҕын эрэ, хайа эрэ… Иччилэриҥ туһунан санаар дуу, баҕар, мин аны сааскыга тиийиэм суоҕа. Түүлүм-битим оннуктуҥу. Үөрэрим биир, оҕолорум иккиэлэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһүөхтэрэ. Алааппыйам да, Киргиэлэйим да оҕонньорум биһиги дьолбутугар иитэ ылбыт оҕолорбут эбит. Майгылара-сигилилэрэ мааныта, үлэһиттэрэ. Киргиэлэй оҕотун көрүмэ, быһаарыылааҕа, туттуута, дьаһала – бүтүн эр киһи! Хаһан эрэ бу сордоох сэрии бүтэн дьон өрө тыынар?! Дьүөгэм Мааппа уолаттара онно уот ортотугар сырыттахтара. Дьэ, иэдээн! Былыр кырдьаҕастар сэрии сут-кураан аргыстаах дииллэрэ дьэ, кырдьык оннук буолла… – диэн истиҥ киһитигэр кэпсиирдии оргууй саҥара-саҥара ынаҕын хоҥоруутун имэрийбэхтээтэ.
Алааппыйа Киргиэлэйдиин уоһахтаах ыаҕастарын илдьэ хотонтон тахсыыларыгар илиҥҥи халлаан имэ кыыһан күн тахсыахча буолан эрэрэ. Сотору Алааппыйа дьиэттэн икки улахан ыаҕаска мүлүгүр ууну киллэрэн ынаҕар биэрдэ. Ийэтин тымныйыа диэн дьиэҕэ киирэригэр соруйда уонна бэйэтэ ынах кэнэҕэһэ кэлэрин кэтии хаалла. Урукку эбитэ буоллар бэлэм түспүт кэнэҕэһи ылан, кыыл-сүөл аһылыга буолбатын диэн көмөн кэбиһиэхтэр этэ билиҥҥи аас-туор олоххо ыстыыр наада кэмигэр бэлэм ас буоллаҕа.
Кэтээбитэ да үчүгэй эбит, сотору кэмигэр ынах кыратык түллэн ылбытыгар кэнэҕэһэ субуруйан тахсан эрэрин ыаҕаһыгар сыа-сым курдук тоһуйан ылла.
Хаһаасчыт хаһаайка буолуу бэйэтэ эмиэ туспа дьоҕур диэтэҕиҥ. Аана чугас эргин хаһаасчытынан сыаналанара. Бу да сырыыга соһуччу хаһаастаах буолан биэрдэ. Икки ытыс бурдугу ынах төрөөтөҕүнэ диэн хаһааммытынан уоһах алаадьыта оҥосто оҕустулар. Икки оҕолоох дьукаахтарынаан, Мотоохоонноохтуун уостарынан-тиистэринэн үллэстэн уоһах алаадьытын сиэтилэр.
Сып-сап итии киллэрээт, Алааппыйа Мотоохоон Балбааратынаан холкуос хотонугар үлэлии бардылар. Эмээхсин ынах кэнэҕэһин сууйан, кырбаан, хас да гына өлүүлээн, ампаарга таһааран уурда, биир өлүүнү киэһэ сииргэ хаалларда.
Салдьаҕа үүт киириэҕиттэн Ааналаах олохторо тосту уларыйда. Үүт аһы сыа-сым курдук тутан тугу да бычыгыраппакка сөрү-сөп гына аттаран, араас аһы астыыр дьоҕурдаах дьахтар тарбахха баттанар. Аана ынаҕа төрөөтөр эрэ чугас эргиннээҕи ыал сөҕүөхтэрин курдук күөрчэҕэ, суората, ымдаана, үөрэтэ, сүөгэйэ, арыыта дэлэгэйдик баар буола түһэрэ. Ол биир кистэлэҥэ сылын аайы үөрэ отун, унньууланы хото хомуйара, хаһаанара буолар. Былырыыҥҥы сайын төһө да кураан буоллар, үөрэ ото бастаан утаа син балачча үүммүтэ. Дьэ, ол иһин быйыл да урукку сыллартан соччо-бачча итэҕэһэ суох үүт аһы оҥорор.
Күһүөрү сайын, Алааппыйа окко сырыттаҕына, ньирэйдэрэ Ньээм сүтэн хаалан эмээхсиннээх Киргиэлэй ууга-уокка түһэ сырыттылар. Кырдьаҕаһа чугас эргин, Киргиэлэй ырааҕынан эргийэ икки күн көрдөөбүттэрэ. Ийэтин батыһан барбыт диэҕи Салдьа барахсан олох сүөм түһэн, кулгаах-харах буолан оҕотун суохтаан соҥуоран хаалла. Дөрүн-дөрүн киһи аһыныах, оҕом иһиттэр ханнык диэбиттии, ис иһиттэн эҥсэн маҥыраан ылар.
Иккис күнүгэр Киргиэлэй уһун кураантан хардырҕаччы хаппыт оттоох алаастар сыырдарын быллаардарынан, ойуурга ньирэйин сэниэтэ суох ыҥыра-ыҥыра киэһэтин олох чиэски ыраах Суотту үрэҕэр тиийдэ. Күн киирбитин кэннэ уолчаан санаатыгар, үрэх икки өттүнэн үтэн киирбит ойуур мастара хаһан эрэ ийэтэ кэпсээбит үһүйээнигэр ахтыллар боотурдар саҥата суох умса нөрүйэн туралларын курдуктара. Бэрт былыр, кыргыс үйэтин саҕана, байаҕантайдар суоттулары кытта элбэхтик күөн көрсүһэллэрэ үһү. Биирдэ суоттулар ыам бырдаҕын курдук хара баһаам аттаах боотурдара өс-саас ситиһэр, өлөрөр-өһөрөр санаалаах иһэллэрин туһунан илдьит кэлбит. Үөчэй Бөҕө диэн баһылыктаах байаҕантайдар оннук элбэх сэбилэниилээх боотурдардыын утары көрсөн кыргыһартан саллан ханнык эмэ албаһы туһанарга сүбэлэспиттэр.
Ол киэһэ Үөчэй Бөҕөлөөх сайылыктарыгар сүөһү өлөрүллэн олохтоохторго улахан чалбараҥ тэриллибит. Суотту үрэҕин устун арҕаалаабыт күнү күлүктүү аттыын, киһилиин килбэлдьигэс тимир куйахтаах кыргыс дьоно тоҕо ааҥнаан киирэн испиттэр. Үрэх ортотун диэки соҕурууттан уонна хотуттан икки өртүттэн ойуур тумустаан киирбит кыараҕас сирэ баарыгар чугаһаан кэлбиттэригэр, тыа быыһыттан кыа хааны бүрүммүт сэрии сэптээх дьон кус-хаас саҥатын түһэрэн, утары ойон тахсыбыттар. Киирэн иһээччилэр миинэн иһэр эрэллээх миҥэлэрэ үргэн хаһыҥырыы-хаһыҥырыы дьоннорун илдьи быраҕаттаабыттар, туора-маара ойбуттар. Итинник албаһы туттан байаҕантайдар аҕыйах ахсааннаах киһинэн халыҥ сэриини кыайбыттар.
«Эчи кутталын, ити мастар тыалтан иэҕэҥнээн-иэҕэҥнээн баран боотурдар буолан ордооттоһон туруох айылаахтар. Кус да сүрэх киһибин уонна кэлэн Ньээммин хайдах булабын? Мас-мас курдук ини», – уол бэйэтин уоскутунаары биир сонос маһы тэбэн көрдө. Ити хамсаныытыттан эрдийэн күүһүн муҥунан кэһиэҕирбит куолаһынан төһө кыалларына улаханнык: «Ньээм, Ньээм», – диэбитигэр ньирэй мэҥирээбитигэр соһуйан “ходьох” гына түстэ. Ол саҥа хоту баран иһэн, тэйиччи соҕус, ойуур быыһыгар туох эрэ маҥхайан көстөрүн көрөн аны тиэтэйэ-саарайа онно харбыаласта.
– Ээ, Ньээмискэй барахсан туох буоллуҥ? – диэн ньирэйэ иччитин билэн өндөҥөлөөбүтүгэр ньирэйин аттыгар тобуктуу түстэ. Имэрийэ олорон көрбүтэ биир илин атаҕа хайдах эрэ туора сылдьар эбит.
– Мээнэ-мээнэ бараҥҥын атаххын өлөрбүккүн дии! Ийэм эмтиэ, тулуй. Хайыыбын, эн курдук бөскөөнчөнү мин сатаан көтөхпөт буоллаҕым дии. Арай, соспут киһи. От соһор сыһылба курдук оҥорор эбиппин.
Уончалаах уол ырычаахтаһан-ырычаахтаһан хаһааҥҥы эрэ бүтэй тоһоҕолоругар ньирэйин быатын, талахтары туһанан туора мастары баайда. Оҥорбут сыһылбатын үрдүгэр мутукча тэлгэттэ уонна бэрт өр сыралаһан, ньирэйин соһон таһааран сытыаран баран иннин диэки дьүккүйэн көрдө да, харыс да сири хамсаабата. Сынньанан күүс киллэринээри, ньирэйин кууһан баран сытта уонна устунан утуйан хаалла. Түһээтэҕинэ Үөчэй Бөҕө тиийэн кэлэн күүстээх илиилэринэн ньирэйдээх уол сытар сыһылбаларын, киниэхэ билигин кый ыраах сэриигэ сылдьар Өлөкө талахтан кыһан оҥорон биэрбит оҕуһун соһорун курдук, бэрт чэпчэкитик соһон киирэн барда. Уһуктан кэлбитэ ийэтэ Салдьатын сыарҕаҕа көлүйэн Анньыыска диэн дьахтардыын кэлэн турара. Салдьа көлүллэ да сылдьан быыс булан оҕотун сытырҕалаан, салаамахтаан ылла.
Аймахтара Мааппа эмээхсин сэриигэ маҥнайгы хомуурга барбыт Бүөтүрүн кэргэнэ, үп ааҕынынан үлэлиир Анньыыска таба тайанан, уоллаах ньирэйи булбут эбит. Ньирэй туохтан эрэ үргэн куотан атаҕын бүлгүрүппүт, ону Аана бэрт саталлаахтык көннөрөн, чаттаан баран, бэрэбээскилээн кэбистэ. «Араанньы буолбут» ньирэй кыбыыга хааллан турда. Холкуоска окко оҕус сиэтэрин таһынан Киргиэлэйгэ ньирэйи үрэх чүөмпэтиттэн уу таһан уулатар, ханна от сэрбэйэн турар сириттэн от үргээн аҕалан аһатар эбии үлэлэннэ. Маҥнай утаа Салдьа барахсан оҕом эмиэ сүтэн хаалыа диэбиттии ынахтары кытта барбакка, хаһан да үүрүллүбэт, мөҕүллүбэт бэйэтэ иччититтэн мөҕүлүннэ. Саамай кэлигэс ынахтара, Салдьа аҕыйах күн дьиэ таһыттан арахпатаҕар сорох ыалларын ынахтара мэччирэҥи батыһан атах балай бараннар барахсан буруйа өссө халыҥаата.
Кыстыкка киирбит кэннэ эмээхсин дьонуттан кистии сылдьыбыт ыарыыта бэргээн дьиэ эрэ иһигэр сылдьар киһи буолан хаалла. Биир күн Алааппыйата суоҕуна Киргиэлэйи хотоҥҥо таһаара сырыт эрэ диэн көрдөстө. Салдьа иччитэ киирбитигэр ыҥырана тоһуйда. Аана ынах ыыр олоппоһу ылан ынаҕын төбөтүгэр тиийэн олордо. Ынаҕа иччитигэр чугаһаан имэрийтэрээри төбөтүн үҥүлүттэ. Эмээхсин араас истиҥ тыллары ботугуруу-ботугуруу таптыыр ынаҕын имэрийдэ-томоруйда, онтон ынахтаах эмээхсин сүүс сүүстэринэн өйөнсөн биирдэрэ олордо, иккиһэ умса көрөн турда.
– Салдьа барахсаан, иччиҥ кэннэ уһаан, иннэ кылгаан хаахыныыр мас охтубатыныы нэһиилэ бэйэтин эрэ бөрөнө сылдьаахтыыр буолан хаалла. Эн, бука, диэн эргис ыатан дьоҥҥун хайдах эмэ гынан кыстыгы туоратаар. Сөп, диэриий. Аттынааҕы холкуоспутугар дьон дьэҥкэрэн өлүтэлээбиттэр үһү. Алааппыйа миигиттэн кистиир да, дьукаахпыт Балбаара кэпсээбитэ… Сэрии маҥнайгы кыһынын инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан туораахтаатыбыт. Үс сыллаах кураан кэлбит буоллаҕына быйыл сайын эмиэ кураанныа…
Ити кэмҥэ Киргиэлэй таах турбакка саах күрдьэ сырытта. «Ийэм ынаҕын кытта киһини кытта кэпсэтэр курдук кэпсэтэр. Салдьа кырдьык киһи курдук өйдөөх. Үчүгэй киһи курдук. Кыыһырбат. Саҥата суох кэпсэтэр. Миигин кытта итинник кэпсэтиэ дуу?» дии санаата.
Эмээхсин арҕас мастан тардыһан турда. Ынаҕын моонньуттан ыга кууһан туран саҥа таһаарбакка ытаата, Салдьа хараҕыттан эмиэ дьэп-дьэҥкир ыраас таммахтар субурус гыннылар. Киргиэлэй уолчаан өйүгэр-санаатыгар бу көстүү хаһан да умнуллубат гына хатанан хаалбыта. Ити кэннэ Аана уһаабатаҕа. Биир сарсыарда уһуктубатаҕа. Пиэримэҕэ сэбиэдиссэйдиир Алааппыйа иллэҥэ суох буолан ийэлэрин таҥаска суулаан бастаан ампаарга таһаарбыттара. Кини үлэлии барарыгар Киргиэлэйгэ: “Ийэбитин кутуйах тыытыа көрө сылдьаар”, – диэн соруйара. Онтон ыаллара, аймахтара Былаас биир былыттаах сылаас күн чычаас гына буор хаһан биэрбитигэр салаасканан соһон таһааран кистээбиттэрэ.
Салдьа иччитин суохтуура, кэтэһэрэ. Кини кэриэһин толорбут курдук, кыһыны быһа хара төрүөр диэри эргис ыаппыта, онон дьонун да, чугас ыалларын да абыраабыта.
Алааппыйалаах Киргиэлэй өлүөхтэригэр диэри Салдьа удьуорун быспакка өрүү салдьыгыр муостаах, хара эбирдээх саха ынахтаах буолаллара. Алааппыйа оҕолоругар, сиэннэригэр Салдьа туһунан бастыҥ дьүөгэтин туһунан кэпсиир курдук кэпсиирэ: «Ынах да өйдөөх буолар. Саамай ыарахан кыһыҥҥа, сэрии иккис кыһыныгар, Салдьа барахсан эргис ыатан бачча элбэх ыччаттанан олордохпут», – диирэ.
– Эбээ ынаҕы аҕаллым. Чуп-чугас сылдьар эбит, сөтүөлүүр сирбитигэр. Эбээ, эбээ! Ынаххын тоҕо Салдьа диэн ааттаабыккыный. Дьиибэ баҕайы аат дии! Салдьа! Шуралаах ынахтара Күөрэгэй, Кэрэкээнэ диэн наһаа үчүгэй ааттаахтар. Бүгүн Салдьа диэбиппэр биир дьээдьэ сыалдьа дуо диир. Сыалдьа диэн ыстаан үһү дии! Ыстаан, ыстаан диибит дуо оччоҕоо!? – куораттан кэлэ сылдьар Сайаан биэдэрэлээх ынах аһын тутан эбэтин кытта хотоҥҥо баран иһэн биир тыынынан субурутан кэбистэ.
– Эб-ээ-э! Ынахпыт аатын уларытабыт дуо? Былыргыынышкай баҕайы дии, – Сайаан биир кэм лэбэйдэ.
– Сайаан, эн ааккын ким эрэ сөбүлээбэтэ да уларытан иһэр үчүгэй буолуо дуо?
– Не-а! Мин докумуоннаахпын дии “Свидетельство о рождении” диэн мин ааппын мээнэ уларыппаккыын! Онтон Салдьа пааспара да, туга да суох.
– Кини, һыллыы, пааспардааҕар буолуох остуоруйалаах. Киэһэ кэпсиэм.
Киэһэ аһылык кэмигэр эбэлэрэ улахан остуол тула олорор оҕолорун, сиэннэрин эргиччи көрөн баран:
– Чэ, эрэ оҕолор, этиҥ эрэ, быйыл туох сыла буоларын билэҕит?
– Этэбиин! Кыайыы сыла! – өрүһүспүттүү хап-сабар саамай кыралара Айаал чап гыннарда, – Аппина Степанна инньэ диэбитэ!
Улахан уола остуолтан туран бараары өндөҥнөөбүтүгэр ийэтэ сөбүлээбэтэхтии көрбүтүгэр төттөрү олордо.
– Кыайыы диэн билигин биһиги этэн кэбиһэрбитигэр эрэ дөбөҥ. Сүрдээх элбэх сиэртибэнэн кэлбитэ. Тыһыынча түөрт сүүс уон аҕыс күн устата сэрии буолбута. Ыл ахсаанньыт уол Айтал суоттаа эрэ хас сыл устата сэрии буолбутуй?
– Билигин. Үс сыл уон ый уонна.., уонна уон аҕыс күн эбит!
– Оҕом ахсаанньыт бэрдэҕин, ээ! Чэ, ити! Итиччэ уһуннук сэриилэспиттэрэ, итиччэ уһуннук тыылга, ол аата сэрии буолбат сирдэригэр, дьон халыҥ аармыйаны хааччыйар инниттэн умса-төннө түһэн үлэлээбиттэрэ. Улахан сэриилэр кураан аргыстаах буолаллар, кураан буоллаҕына аччыктааһын саҕаланар. Өссө сэрии инниттэн, 1940-с сылтан улахан курааннар сибикилэрэ биллибиттэр. Биһиэхэ саамай ыар сыллар сэрии маҥнайгы уонна иккис сыллара эбиттэр. Дьон хоргуйан өлүтэлээбиттэр. Оччолорго да ыаллар ынахтаах буолаллара. Эһиги кыраларга хос-хос эбэҕит, улахаттарга эбэҕит миигин ииппит Аана Салдьа диэн саха ынахтааҕа үһү. Ол ынах үүтүн аһаан сиэннэргэ хос эбэҕит, оҕолорго эбэҕит Алааппыйа уонна кини быраата Киргиэлэй тыыннаах хаалбыттар. Бу соторутааҕыта, эһиги кэллэххит күн, биһиги Салдьабыт төрөөтө дии. Кини кыһын буолуор диэри ыатан баран үүтэ бүтэн, уолан хаалыа. Онтон ол сэрии кэминээҕи Салдьа от кыра буолан наһаа аччык да буоллар, кыһыны быһа, хара төрүөр диэри, ыаппыт. Көр, оннук өйдөөх ынах эбит.
– Оччотооҕуга ол үүт өлбөт мэҥэ уутун курдук буоллаҕа дии, – эмээхсин кыыһа Маайа чэйигэр үүт кутунна. Онтон салгыы аймахтартан кимнээх сэриигэ сылдьыбыттарын, сэрии кэминээҕи тыыл олоҕун туһунан ирэ-хоро кэпсэттилэр.
– Адьас, киинэ курдук барыта харахпар көстөн ааста. Эбэбит Мааппа үс уолун сэриигэ атаарбыта, сэрибиэй кэбистэрбитэ, ынаҕын ыы олорон ытыырын көрөн балтылара Арыппыас тоҕо ытыыгын, сэриилэһэн бирдиргэтиһэн-бирдиргэтиһэн баран бары тыыннаах кэлиэхтэрэ буоллаҕа диэбит тыллара сөрү-сөп буолан убайдара этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ, эбээ Аана, Салдьа, от сии диэн атын улууска сүөһүнү илдьэ көһүү, онтон төннөн иһэн Хардыы бааһынатыгар сүөһүлэрэ аһыҥа эмиттэн өлүүлэрэ, эр дьон сэрииттэн эргиллэн кэлиилэрэ. Өлөкө ырыата, сэргэни кууспута, Бүөтүр Арыппыаһы көтөҕөн олорон эппит этиитэ… – диэтэ эмээхсин кыра уола Өлөксөөн, түннүгүнэн түптэ буруотун одуулуу-одуулуу.
– Мамаа, мин улааттахпына дэриэбинэҕэ олоруом уонна Салдьа диэн ынахтаах буолуом, – диэтэ Сайаан утуйаары сытан эмискэ уонна истиэнэ диэки эргийээт, утуйан хаалла.
– Эбээ, биһи Саллабыт тыаһыый, – диэтэ саҥардыы тылламмыт кыра сиэн, дьиэ кэннигэр кэлэн ыҥырана турар ынаҕы өйдөөн көрөн, эбэтин олбуор аанын диэки сиэттэ. Бу кэмҥэ Сайаан билисэпиэтинэн тэлээрэн кэллэ уонна салгыы тэбэн иһэн хаһыытаата:
– Эбээ, Салдьабыт бэйэтэ иһэр этэ! Мин сыалдьа диэбит дьээдьэни булан көрүстүм ээ! Уонна былыргы Салдьа туһунан кэпсээтим. Кини миигин маладьыас диэтэ, – Сайаан доҕотторун батыһан салгыы бара турда. Маҥан былаатын бобуонньуктуу бааммыт эбэтэ үөрэн мичилийбит харахтарынан сиэнин батыһыннара көрөн турда.