КЭПСЭЭН: Сааскы булт, Тукаай уонна «няшка трудовик»

Ааптар: 
05.04.2021
Бөлөххө киир:

(Дьиҥнээх олохтон кэпсээн)

Максим Ксенофонтов сааскы кэпсээнин ааҕыҥ. 

“Оо, тѳрѳѳбүт тыл!

Оо, кэрэ тыл!

Ийэм, аҕам тыла!”

Габдулла  Тукаай.

Yhүѳ буолан, кэллиэгэлэр – куорат оскуолатын учууталлара —  субуотаҕа болдьоhон сааскы куска таҕыстыбыт.

Куораттан чугас, Киллэм биир ходуhатыгар тахсыбыт ууга, дурда туттан сыттыбыт. Киэhэ хойут, “кус кѳтүѳ суох” диэммит дурдабытыттан таыстыбыт. Уот отто охсон,  хоруолаах хара хочулуокка садырым ууттан сомсон чэй ѳрүннүбүт.

Намыhах уңуохтаах эрээри киппэ кѳрүҥнээх, кэтит сарыннаах Алексей Петрович кулуhуҥҥа эбии абырҕал быраҕан биэрэн баран, «милитари» кууркатын кѳннѳрүннэ уонна уҥа кулгааҕын кытарбыт эминньэҕин тарбана-тарбана кэпсээнин салҕаата:

– Дьэ, онон, табаарыспын кытта оскуола кэнниттэн химия факультетыгар киирэр баҕалаах Казань куоракка тиийбиппит. Киирии экзаменнар саҕаланнылар. Арай, химияны туттара олордохпуна, сэңийэтигэр сэксэйбит биир тутум бытыктаах эрээри, эдэрчи кѳрүңнээх профессор ыйытар:

– Табаарыс, темаҕын син арыйа сатаатыҥ. Чэ, эрэ, биири  ыйытыым. Манна Габдулла Тукаай аатынан улахан болуоссат баар. Габдулла Тукаай диэн кимий?

Мин, бу, кэпсии олорбут тиэмэбиттэн атын боппуруос бэриллибиттэн  мунаардым. Логикабын “холбоотум”. Химияны туттара олоробун, онон, бука, онно сыhыаннаах биллэр киhи буолуохтаах. Онон маннык хоруйдаатым:

– Габдулла Тукаай – татаар биллиилээх химик-учуонайа.

Профессор сэксэйбит бытыгын бобуччу тута. Чочумча миигин тонолуппакка одууласта. Онтон кытаанах куолаhынан:

– Эдэр киhи, кэлбит дойдуң устуоруйатын, култууратын, улуу дьонун билэргэ дьулуhуохтаах этиң. Тукаай химик буолбатах,– диэтэ уонна “икки” сыананы туруоран эрилитэн кэбистэ.

Абитуралаан бүттэҕим ол. Дойдубар кэлэн, биир сыл сопхуоска куруусчуттаабытым. Эhиилигэр БГФ-га киирбитим.  Син химия учууталын идэтин ылан, онон килиэптэнэн сырыттаҕым.

Абыраамыч биhикки күлэн мүчүңнэhэбит. Сандал Абрамович биhиги үстэн саамай эдэрбит, түѳрт уончатыгар чугаhаан эрэр. Бастаан утаа “Абрамуобич” диэн кѳрѳн баран, Абыраамычка уларыппыппыт.  Абыраамыч огдоон аттыгар турар хочулуоктан кулуhун буруота сыттаах итии чэйи от күѳх эмааллаах куруускатыгар кутунна уонна:

– Доҕоор, оттон ол Габдулла туох киhи эбитий?– диэн баран, хиимик диэки бүлтээриччи кѳрѳн кэбистэ, андаатар бэргэhэтин сүүhүгэр өрө сыҕарытта.

– Поэт эбит. Суруйааччы, – Алексей Петрович кулуhун  буруота кини диэки кэлэрин халың, кэтит ытыhынан сапсыйан үүрэ сатыы олорон кылгастык хоруйдаата.

– Габдулла Тукаай – татаар норуодунай поэта, – литература учууталын быhыытынан, кэпсээн бардым. – Кини ѳссѳ литературнай критик, тылбаасчыт, общественнай диэйэтэл быhыытынан биллэр.

Үс сааhыгар Габдулла тѳгүрүк тулаайах хаалбыта. Ыраах-чугас аймахтарыгар, хас даҕаны ыалынан сылдьан, муңу муннунан тыыран  улааппыта. Медресеҕэ үѳрэнэн, элбэхтик ааҕан, киэң билиилэммитэ. Элбэхтик айанныыра. Норуотун олоҕун чэпчэтэргэ дьулуhара. Тѳhѳ да баара-суоҕа 26 эрэ сыл олордор, уонтан тахса кинигэни суруйан хааларбыта.

– Оо, Лермонтов курдук, кылгастык күлүмнээн ааспыт! – Абыраамыч тѳбѳтүн илгистэн ылбытыгар бэргэhэтин быата чанчыгар охсуллан ылар.

– Оннук, – табаарыстарым сэргээн истэн олороллоруттан үѳрэ саныыбын. – Кини тѳрѳѳбүт тыл туhунан хоhоонноох:

Ии, туҕан тил!

Ии, мадур тил!

Иним, инийүгүнүм тили!

Габдулла Тукаай тыңатынан аhааҕыран, ыарыhах буолан, Башкирияҕа, Казахстаңңа кымыhынан эмтэнэ сатаабыта. 1-ы Аан дойду сэриитэ саҕаланыан иннинэ, 1913 сыллаахха ыалдьан ѳлбүтэ.

– Биhиги Алампабыт… – итии чэйин сыпсырыйан симириктии олорон Алексей Петрович тыл ыһыктар.

Итинтэн салгыы, кутаабытыгар мас быраҕан биэрэ-биэрэ, сарсыардааңңы кус кѳтүүтүн кэтэhэ таарыйа, тѳрѳѳбүт тыл туhунан сэhэргэстибит.

– Доҕоттоор, Иван Гоголев “Таптыыр сахам тылынан” хоhоонугар эппитин санаан кэллим, – хиимикпит хараҕар тѳлѳн күлүмнээтэ.–

Тѳрѳѳбүппэр аал уот үѳрэн

Тигинэччи умайбыта.

Аастыйбыт астаах эбэм

Ботугураан алҕаабыта

Аптаах сахам тылынан.

Хоhоон муусука кэриэтэ кутуллар дорҕоонун, тэтимин биhирээн, саңата суох олорбохтоотубут.

Онтон аны мин Бүѳтүр Тобуруока “Айхал сахам тылыгар!” айымньытын аахтым:

–Yрдүк чыпчаал ѳргѳhүгэр

Yктэнэр да түгэммэр

Yѳгүлүѳҕүм,

Ыңырыаҕым:

“Ийээ! Ийээ!”–

диэмэхтиэҕим!

Туругура, тупса тур.

Тирэҕирэ, чиңии тур,

Тоҕойдору туораан ис,

Саргы дьайаан

Сахам тыла,

Сарыал саңа –

Сахам тыла!»

— Хайдах нойосуус билэргит бэрдэй, доҕоттор! Маладьыастаргыт даҕаны! – Абыраамыч сөҕөр, Алексей Петрович биһиккини хайгыыр.

Бары да5аны таптыыр сахабыт тыла сүппэтигэр, кэхтибэтигэр ис сүрэхпититтэн ба5ҕарар эбиппит, бу киэһэ кутаа тула түмсэн олорор доҕордуулар.

Аттыбытынааҕы үѳттэри ааhар мэник тыал ибирдэтэн ылар. Ыраах, ходуhа уңуор кѳлүкэҕэ, ким эрэ кус ыңырар маногун настройкалыы сатаан маатыргыыра иhиллэр. Чѳкчѳңѳлѳр, былдьырыыттар саңалара уhун кыhынтан улугурбут дьоңңо дьикти-кэрэ дьүрүскэн буолан иhиллэр. Баҕалар баҕыргыыллара кытта үчүгэйэ бэркэ дылы.

Абыраамыч хараҕар саба түһэ турар эргэ, саhархай түүлээх бэргэhэтин сэгэччи анньыммытыгар будьурхай кѳҕүлэ быкта:

– Мин уоллаах кыыhым бэйэлэрин икки ардыларыгар жаргон тылларынан кэпсэтэллэрин иhиттэхпинэ дууһам ыалдьар. Чэ, холобур, кыыhым этэр: “Саңа трудовикпыт янговай, няшка бааи”. Убайа онно: «Чобаи да? Лол. Санньыйдың да? Yнүр “Азия” циета5а класснай вислихалаах чувихалыын сылдьар этэ, ол янговайың. Биирдэ писи-хаси бѳ5ѳ хааланан, капитолийга элээрдим, онно кинини схема аттыгар инглиштиин плюсуйдаабыттар этэ». Онуоха Люда: «Ташкеңңа даа? Отто ону бээтэ айса сох да, не зрит щоли? Ханнык эрэ ваандефул фѳѳсн марайа ини».

Алексей Петрович дьээбэлэммиттии кѳрѳр уонна нууччалыы доргуччу, кѳрүдьүѳстүк этэр:

– Тылбаастаа.

Үһүөн тэбис-тэңңэ күлсэн доргуттубут.

Абыраамыч удьурхай уктаах саха быhаҕынан  ачаахтаах лабааны  кыhан биилкэҕэ майгынныыры кыччайан оңоро олорон, биhигини кѳрдѳ.

– Ол аата дуо? Ол маннык диэн эбит: “Саңа трудовик эдэр, ис киирбэх”. Уолум: “Yчүгэй баҕайы даа? Истэн күлэ санаатым, сѳбүлээн кэбистиң дуо? Yнүр “Азия” киинэ тыйаатырыгар мѳтѳйбүт кыыстыын сылдьар  этэ, ол эдэр киhиң. Биирдэ чэй бѳҕѳ иhэн, онтон хабаҕыран, оскуола туалетыгар элээрдим.  Быыс эркиңңэ трудовик уонна  английскай учууталынсатын ааттарын плюстаабыттар этэ», – диэбит. Балта: “Тахсан киирэр сиргэ даа? Бэйэтэ хараҕа суох дуо, кѳрбѳт дуо? Хайа эрэ акаары суруйдаҕа буолуо”.

Кѳр, итини билээри оҕолорбун кытта уон мүнүүтэни быhа ылахтастым, син ѳйдѳѳтүм ээ. Эбэлэрэ ол иhин этээхтиир ээ: “Сиэннэрим омуктуу кэпсэтэллэрин ѳйдѳѳбѳппүн”. Ол эрэн, бэйэлэрэ эрэ итинник кэпсэтэллэр, улахаттардыын син киhи ѳйдүүрүн курдук саңараллар.

Абыраамыч биhикки күлэн баhаарыйар кэммитигэр Алексей Петрович ыгыста-ыгыста күлэн ыгдаңалаата. Онтон, арыый холкутуйан, химикпит:

– Урут, эдэр сылдьан, хомнуо-хойут тыллар буомуран иhиэхтэрэ, дьоңңо наадалаах аҕыйах сүүс тылтан уратыта умнуллуоҕа. Ол оннугар формулаларынан толкуйдуур буолуохпут дии саныырым. Онтум тѳрдүттэн сыыhа эбит, – диэтэ. Ол ааспыт кэмнэри эргитэ санаабыттыы арҕаа мыраан үрдүнэн  аад-дьуо устар ньалака былыттары одууласта.

Сааскы түүн чэбдик сѳрүүн салгыныгар дьагдьайан, аттыбар сытар бушлат соммун ылан бүрүннүм. Уокка ойоҕолуу олордум. Табаарыстарым тѳрѳѳбүт тылларын туhугар кыhаналлара, ыалдьаллара үчүгэй да5аны!

– Тыл диэн тыыннаах организм кэриэтэ. Хаhан эрэ үѳскүүр, онтон сайдар, кэнэҕэс эргэрэр-элэйэр, кырдьар, – бары билэр чахчыбытын санаттым. – Биhиги тылбыт сүппэтин туhугар дьиэ иhигэр о5олорбутунуун сахалыы кэпсэтиэхтээхпит. Холобур, мин сэсиэдим Баанньалаах, били “ыраас уу доставкатынан дьарыктанабын” диэччи, кыргыттарын кытта дьиэлэригэр нууччалыы кэпсэтэллэр. “Сахалыы кэпсэтиэххитин” диири истибэттэр. “Наадата суох” үhү.

Алексей Петрович хоссоох саппыкытын талаҕынан охсуолаан, хаппыт буору саккыратта уонна эттэ:

– Дьэ, ол сыыhа. Киhи барахсан аан дойдуну кытта ситимэ тѳрѳѳбүт тылыттан саҕаланар, оннук буолуохтаах даҕаны. Чэ, хата, биир кѳрүдьүѳhү кэпсиим. Арай, соторутаа5ыта, бассаапка “Хаастар” бѳлѳххѳ киирэргэ ыңырыы кэллэ. “Кусчут-хаасчыт уолаттар бѳлѳхтѳрѳ быhыылаах”, дии санаан, киирдим. hок! Арай, бѳлѳххѳ бары кыргыттар! Анжелика бөлөҕө эбит. Хаас муодунай быһыытын, хааhы татуажтаан тупсарыы эңин туhунан кэпсэтэллэр эбит. Отой даҕаны кус-хаас  туhунан кэпсэтии суох, hэ-hэ-hэ! Хайыамый, таҕыстаҕым дии.

Абыраамыч биhикки эмиэ күлэн лаhыгыраттыбыт.

Салгыы, тѳрѳѳбүт тылбыт кэскилин тула кэпсэтэн, түүн ааспытын билбэккэ хааллыбыт. Тылбыт чэчирииригэр сахалыы тэлэбиидэнньийэ, араадьыйа, литература, хаhыат, үѳрэх оруолларын астына ырыттыбыт.

Хотугулуу илин саҕах лаппа сырдаата.  Өрүс арыытын диэккиттэн доруоптар тыастара биир-биир битиргээн иhилиннилэр. Ити аата сарсыардааңңы кус кѳтүүтэ саҕаланна. Туран, сып-сап хомунан, сааларбытын сүгэн, куул сабыы үрдүнэн хагдаң отунан бүрүллүбүт дурдабыт диэки хаамтыбыт.

Максим Ксенофонтов

Хаартыска: pinterest.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0