КЭПСЭЭН: Саҥа дьыл үөрүүтэ

Ааптар:  Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
27.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Айгылаан куоракка киирэн, этэргэ дылы, “ыт атаҕын тутта”. Аныгы эдэр дьон туттар тыла. Кураанаҕы кууһан, туоҕа да суох хаалла. Арыгы иһээччи буолан харчытын уордарда. Төлөпүөнүгэр тиийэ сүтэрбит. Куоракка эт туттара киирбитэ. Били, былыргы куоратчыт Ыстапааны санаата. Ыстапаан ама да дьадаҥытын иһин, кэм дойдутугар төттөрү айанныыр көлөлөөх, хонор сирдээх буоллаҕа. Айгылаан төттөрүтүн куоратчыт Ыстапааны, ордугургуу санаата.

Эдэр киһи куорат киинигэр турар бэйэтэ эрэ хаалла.  Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолар диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

Айгылаан саҥа дьыл кэнниттэн ыал буолуохтааҕа, кэскил тэриниэхтээҕэ. Билигин Розатыгар төлөпүөннүөн, саатар, сүтэрэн кэбиспит. Баҕар, билэр киһибин көрсөөйөбүн диэн уол уулусса устун хаамар. Маҕаһыыннарга киирэн иттэн тахсар. Атыыга туох суоҕуй, саха саныыра барыта баар. Саҥа дьыл кэлээри турар буолан дьон харыйа, петарда, гирлянда, бэлэх арааһын ылаллар.

Аҕыйах эрэ күн анараа өттүгэр үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьыбыт киһи уулуссаҕа туран хаалла. Дьон эрдэ кэпсиирин истэр этэ да, итэҕэйбэт, аахайбат курдуга. Билигин уулусса дьонун көрөн аһынар, уруургуу саныыр буолла. Эрдэ «сүрэҕэ суохтарыгар, арыгыһыттарыгар кэһэйэн сылдьаллар» диирэ. Билигин эмиэ кини курдук кыһалҕа кыпчыйбыт буолуон син эбит дии саныыр. “Күөх моҕой” обургу киһини хайдах баҕарар булгу сөрөөн таҥнары тардар эбит. Тоҕо да иһэ турбута эбитэ буолла?! Билэр атаһын көрсөн исиһэ да турбута баар! Бастаан «кэбис доҕор, испэппин, ыал буолаары сылдьабын, харчыга наадыйан эт туттардым» диэн айаҕаланааччы буолан киирэн биэрдэ. Атаһа оччолоох харчы туһунан истэн баран арахпатаҕа. “Кыратык, көрсүбүччэ иһэ түһүөххэ” диэн хаайбыта. Айгылаан полицияҕа биирдэ өйдөммүтэ. Тугу гыммыттарын, туохха түбэспиттэрин билбэт. Мээнэ айдаарсыбыттарын ыаллара үҥсүбүттэр эбит. Ыстарааптаан баран ыыппыттара. Харчытын даҕаны, атаһа ханна барбытын даҕаны билбэт. Полицияҕа иккиһин тиийэн ыйытыан саллыбыта. Билигин бу тымныы буолан подъезка хоно сылдьар. Билэр дьонун да көрсө илик. Дьонун да, Розатын да ньүөмэрдэрин өйдөөбөт. Онтон атын ааһар дьонтон көрдөһөн эрийэн, баҕар, хайдах эрэ бу балаһыанньаттан тахсыа этэ.

Айгылаан хомойоро диэн Розатыгар эрэннэрбитэ. Харчыланна да кыыһын дьонугар ыйыта тиийиэхтээхтэрэ, төһө эрэ күүттүлэр, кэлэйдилэр.

Роза тапталлаах уола Айгылаан кэлэрин күүтэ сатаабыта. Саатар, бэйэтин дьонугар субуота күн Айгылаан дьонун кытта билсэ кэлиэхтээхтэрин этэн кэбиспитэ. Онтон санааргыы сылдьар. Эбиитин дьүөгэтэ “куоракка атын кыыстааҕа буолуо” диэн букатын кыынньаата.

Уол сибээстэн сүппүтэ түөрт хонно. Роза Айгылаан дьонуттан ыйыппытын, полицияҕа биир хоннорон баран ыыппыттар диэбиттэрэ.

— Хайа тукаам, били, дьонуҥ тугу биллэрдилэр? Субуотаҕа ыалдьыттыы кэлэллэр дуо?

— Суох. Куоракка эт туттара киирэн баран арыгылаан түбэспит үһү.

— Оо дьэ, кэм да биһиэнэ оннук буолуо. Иһээччи эбит дии.

— Суох ээ, мээнэ испэт этэ, — Роза дьиэтин иһигэр киҥир-хаҥыр кэпсэтии буолла. Кыыстара ытаан айманар.

Сарсыныгар Айгылаан ийэтэ ытыы-ытыы Розаҕа төлөпүөннүүр. Куоракка көрдүү сатыыллар да була иликтэр үһү.

Роза Айгылаан арыгылаабытыгар кыыһырбыта  уонна атыҥҥа күнүүлээбитэ ханан да суох буолла. Кэлин куттанан барда. Сарсыныгар таксинан куораттаата. Ханнык полиция отделыттан төлөпүөннээбиттэригэр тиийэн ыйытарга сананна.

Айгылаан куоракка көрсөн манныкка тэппит атаһын көрдөөн булбата.  Төһө да куттаннар, хоммут отделыгар барда. Баҕар төлөпүөнүм онно баара буолуо диэн эрэнэр. Полицияҕа киирэн истэҕинэ билэр куолаһа: «Айгылаан!» — диэн ыҥырда. Көрбүтэ Розата турар. Уол көрбүтүн итэҕэйбэтэ. Онтон дьэ өйдөнөн, тугу барытын умнан: “Розаа!” — диэбитинэн кыыһы кууһаары гыммытын биирэ түөскэ аста.

— Арыгыһыт! Манна кэлэн умнаһыт буоллуҥ дуо?!

— Суох, Роза, өйдөөн иһит. Барытын кэпсиэм — уол нэһиилэ уоскутта. Хайдах харчытын уордарбытын барытын кэпсээтэ.

— Оччоҕо бу полицияҕа киирэ сылдьыах.

— Суох, кэбис Роза, мантан бара охсуох.

— Киириэх диэтим! — Роза күүһүнэн киллэрдэ. Полицияттан ыйыталаһан, хата, харчылаах кумааһынньыгын, төлөпүөнүн ууран кэбиспиттэрин олоччу  биэрдилэр. Айгылааҥҥа соһуччу үөрүү буолла. Эмискэ тапталлааҕын көрсө түстэ. Харчыта көһүннэ.

Роза билэр дьонугар тиийдилэр, Айгылаан суунан-тараанан баран ырыынактан саҥа таҥас атыыласта. Эмиэ киһи киһитинэн буола түстэ.

Аҕыйах кэмҥэ алтыһан ылбыт уулусса дьонун көрөн кыратык кыбыһынна. Атын кэм эбитэ буоллар сиргэнэн туора хаамыа эбитэ буолуо да, аҕыйах да кэмҥэ этинэн-хаанынан билэ сылдьыбыт буолан, кинилэр балаһыанньаларын өйдөөн харчы бэристэ.

Айгылаан  тоҥон-аччыктаан, туохтан эрэ дьаархана, куттана сылдьыбыт эбит буоллаҕына, билигин эмиэ уол оҕото “ат уорҕатыгар” буола түстэ.

Саҥа дьыллааҕы ас-таҥас, бэлэх ылла. Такси тутан дойдуларыгар айаннаатылар. Массыынанан айаннаан иһэн уол “бүгүн хантан булан аһыыбын, ханна хонобун?” диэн санааҕа ылларбат.

Суоппары көрөн “эмиэ үлэлээн-хамсаан, массыына ылан хаарыаны таксилаабыт киһи” дии саныыр. Оҕолору көрөн «биһиги эмиэ бу үөрэн чэмэличчи көрөн иһэр оҕолор курдук дьонноох буолуохпут” диэн ыра санаатын Розатыныын үллэстэрдии сэгэрин диэки истиҥник көрөр. Илиитин ыга тутар. Розата эмиэ ону өйдөөбүттүү үөрэн ыга сыстар.

Ама мантан ордук дьол баар үһүө. Киһи бэйэтинэн кыһалҕаҕа кыпчыттара түһэн ыллаҕына биирдэ олоҕу сыаналыыр. Оннукка кэтиллэ илигинэ дьону үөһэнэн да көрүөн сөп.

Айгылаан эдэр киһи олоҕу билэн иһиэҕэ. Арыгыттан аккаастанары дьоно бары сүбэлээтилэр. Уол бэйэтэ даҕаны, амырыын аска чугаһыыр санаата суох.

Айгылаан бүгүн Розатын дьонун кытта Саҥа дьылы бырааһынньыктаары сылдьаллар. Үнүр массыынанан киллэрэн биэрбит харыйатын дэлби симээбиттэр, киэргэппиттэр.

Розалаах Айгылааҥҥа икки үөрүүлээх бырааһынньык курдук. Саҥа дьылга кинилэр саҥа ыал буолан кэскили тэринэллэр. Бу хотойор астаах сандалы, эгэлгэ араас өҥүнэн халлааҥҥа ыһыахтанар салют, тулалыыр дьон үөрүүтэ — барыта кинилэргэ анаммыт курдук.

Киэһэ кулуупка тиийэн үҥкүүлээтилэр. Уол иннигэр имигэстик хамсанан үҥкүүлүүр тапталлаах кэргэнэ араас өҥүнэн сыдьаайар муусукалаах уокка өссө тупсан көстөр. Киэҥ хара харахтара тырымныыр. Уол «миэхэ мантан ордук дьол суох» диэбиттии аны вальска ыҥыран кубалыы дайаллар.

Саҥа дьыл үөрүүтэ — эдэр ыал үөрүүтэ!

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.

+1
11
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0