Маарыйа бүгүн кыыһыгар күүлэйдии барыахтаах. Хаһан да буоларын курдук туох эмит тутуурдаах, кэһиилээх бараары кыра кыралаан сээкэйин хомуна сырытта.
Уола Тиэхээн кэһии гынан аҕалбыт куһун, хааһын бэттэх диэки уурда. Тиийэн сиэнин үөрэтээри даҕаны уонна этэ наһаа куура хаалбатын диэн түүтүн үргээбэтэҕэ. Хата сиэнэ кыыс Милена эбээтэ кэлэригэр үөрэр. Эбээ кэллэҕинэ туох эмит саҥаны-сонуну билиэм, сатыыр буолуом диир үһү. Ол саҥаны – сонуну диэн ити ол бу аныгы тэриллэргэ буолбакка дьиэҕэ – уокка, аска-үөлгэ сыһыаннааҕы этэр. Ааспыт сырыыга — күһүн бара сылдьан идэһэ иһин сууйбуттара уонна хаан куппуттара. Милена бу интэриэһэ учууталыттан төрүөттээх, бырайыак диэн ааттаан саха төрүт аһын дьыл кэмин аайы уларыта сылдьан ийэлэри, эбэлэри ыҥыран үөрэтэн – көрдөрөн сэргэхсийии бөҕө буолар.
Бу сырыыга «Дьиэ – кэргэн саамай күндү мала» диэн кылаас чааһа буолуохтаах. Маарыйа Милената эрийээтин кытта хараҕар ийэтэ Матырыас кэриэс-хомуруос гынан хаалларбыт иистэнэр иһитин уонна «Зингер» массыынаны көрбүтэ.
Дьэ кырдьыга саамай күндү маллар. Ол иһиттэн хостоммут иннэнэн сабынан тигиллибит таҥас сылааһын, сымнаҕаһын таһынан дьыл – кэм ханнык да туругар кэтэргэ сөптөөх буолара. Урукку үйэҕэ, ааспыт кэмҥэ саха дьахтара хайдах да иистэнньэҥ буолбата табыллыбат эбит. Онтон эбээтэ саха дьахтарын сиэринэн төгүрүк сыл иннэлээх сабын тута сылдьара. Санаан көрүҥ эрэ оҕолор, таҥас – сап, иһит-хомуос дьахтар илиитин анныттан тахсар, сатаабаппын-кыайбаппын диэн өйдөбүл суох. Туоһу хахтааһын, куурдуу (манна олус сэрэхтээх уонна чуолкай буолуохха наада эбит этэ), тигии барыта күннээх-дьыллаах, кэмнээх — кээмэйдээх. Чуут сыыһа тутуннуҥ да туоһуҥ туох да кыайбат гына токуруйдаҕа ол, эбэтэр хайа бара сылдьар буолуон сөп. Дьэ ону барытын кэтии-маныы, көрө-истэ сылдьан арыылаан-сыалаан, имитэн-хомутан биэрэн иһэллэр. Сатаан иистэммэтиҥ да эр дьонуҥ барахсаттар бултууллара-алтыыллара, мастыыллара — оттууллара хаайтардаҕа ол, ордук кыһыҥҥы таҥас туттаргахаптарга табыгастаах, сылаас, тымныыны киллэрбэт, тыалга курдары үрдэрбэт, тыаҕа сылдьарга маска-мутукка иилистэ сылдьыбат, тохтоон ытаары гыннахтарына үтүлүктэрэ түргэнник уһуллар, кэтиллэр буоларын туһугар араас элбэх албастар, кистэлэҥнэр бөҕө. Ол барыта тобус толору эбээбэр баар эбит уонна ийэбэр бэриллибит, ийэтэ барахсан сиигэ биир тэҥ, массыына сиигиттэн уратыта суох буолара. Дьиэҕэ киирбит тирии, түү барыта таҥас буолуор диэри төһөлөөҕү үлэлээн тигиллэрин саныырга да уустук. Онтон ону барытын оҥоруохха диэтэххэ төһөлөөх үлэ-хамнас, бириэмэ барара буолуой! Ийэлэрэ, эбээлэрэ удьуор иистэнньэҥ буоланнар тоҥор — хатар диэни улаханнык билбэтэхтэрэ. Аны үйэ уларыйыытын аайы таҥастара ол хардыытынан уларыйан, тупсан испитэ. Ынах тириититтэн саҕалаан күндү түүлээх саҕынньахха, «обманка» бэргэһэҕэ тиийэ.
Иистэнэр массыына Маарыйаҕа ийэтиттэн тиксибитэ – «Зингер» диэн туох да халыҥ да, чараас да таҥастан иҥнибэт этэ. Бу массыынаны аҕата сэрииттэн кэлэригэр сыл аҥаарын эрэ кыайбат уһун айаҥҥа хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ кэлбит. Бу массыына дьиэ-кэргэн саамай ытыктыыр –убаастыыр тэрилэ этэ, дьиэҕэ саамай көстүүлээх сиргэ анал тигиллибит сабыылаах, анал оҥоһуллубут остуоллаах этэ. Кэмиттэн кэмигэр арыыланан – самааскаланан сурууптара эриллэн сиигэ орун оннугар түһэн, саҥа тыыннанара. Элбэх оҕо, сиэн бу дьиэҕэ иитиллибиттэрэ, улааппыттара, мэниктээһин да баар буолара, алдьаммыт иһит, алдьаммыт түннүк да баара. Арай олох хаһан тыытыллыбат, харыстанар ол массыына этэ.
Аҕата барахсан сэрии туһунан хаһан даҕаны кэпсээбэт буолара, кыайыы күнэ буолла да төттөрүтүн иһийэн, хайдах эрэ туох эрэ хаа иһигэр киирэр курдуга.Сылгыһыт буолан араас сылтаҕы булан тыаҕа, хонууга, сыһыыга барара. Ону билэр буоланнар чугас дьоно улаханнык ол мунньах, бу кэнсиэр, ити көрсүһүү диэн моһуйса да барбаттар этэ. Арай бу иистэнэр массыына хайдах тиксибитин туһунан кэпсээбитин олох субу курдук өйдүүр. Онно кини дьикти диэн бу орто дойду олоҕор дьиҥ чахчы баарын итэҕэйбит түгэниттэн саҕалаабыта. Сэрии саҕана олох ис хоһооно барыта «Барыта фронт туһугар» диэн этэ. Ону Маарыйа бэркэ диэн өйдүүр – буойуннарга сурук, буойуннарга баһыылка хомуйуута буолара. Ийэтэ тикпит кээнчэлэрэ, үтүлүктэрэ, мохуоркаҕа анаммыт мөһөөччүктэрэ хаста да барбыта. Сэрии хонуутугар сырыттахха оннук баһыылкалары тутар күндү да буолара – туустаах сыаҕа тиийэ баар буолара диэнтэн саҕалаабыта кэпсээнин. Сэбиэскэй Сойуус киэҥ иэнин араас муннугуттан күн эгэлгэ барыта баар буолара. Баһыылкалары аһыах иннинэ хамандыырдара сөҥ, суон куолаһынан – «Кто у нас из Украины, Узбекистана, Алтая…» уонна да атын өрөспүүбүлүкэлэр, кыраайдар ааттаналлара. Ааттаммыт дойду уолаттара тахсаннар ол баһыылкалары арыйаллара уонна ол иһигэр баар маллары дуу астары кэпсииллэрэ. Баайыы наскылар, үтүлүктэр, сээллэр, бэргэһэлэр, сороҕор сибиитэрэ, сэлиэнчик да баар буолара. Ол сап туохтан өрүллэрин, баайыллыбат оһуор тугу кэпсиирин, сыа хайдах тууһанарын, мүөт туохтан ылыллларын, туохха туһалааҕын, ыт сыата тугу эмтиирин … «Бэйэтэ туһугар география, устуоруйа уруогун курдук эбит дии»- диэн саҥа аллайан Маарыйа быраата Лэгэнтэй күллэртээбитэ. Дьэ биир оннук түҥэтиккэ хамандыыр «Кто у нас из Якутии?» диэн ыйытыгар сүрэҕэ сүр күүскэ тэбэ-тэбэ «Я.-гвардии рядовой Егоров Николай» диэн эппиэттээтэ. Тиийэн баһыылка хантан кэлбитин көрөн баран өссө долгуйда – кини улууһун, кини дэриэбинэтин аата олох үчүгэй каллиграфическай диэн аатырар буочарынан сурулла сылдьар! Арыйбыта иһигэр суруктаах уонна испииһэктээх ким тугу тикпитэ, оҥорбута суруллубут. Ийэтин аатын көрөн хараҕыттан уу тахсыар диэри долгуйда. Удьурхайынан оҥоһуллубут хамса былдьаһыгынан барда, удьурхай диэни тылбаастаабакка эрэйдэниэҕин хата аттыгар хатыҥ турар буолан ыйан-кэрдэн абыранна. Куобах кээнчэ уочарата кэллэ туох диэн быһаарыан билбэккэ мунчаара түһэн баран «Портянка из зайца» эмиэ күлсүүнү, сэргэхсийиини таһаарда. Дьэ ол портянка хамандыырга тиксибитэ. Бу кэлбит таҥас барыта илиинэн тигиллибитин истэн баран бастарын быһа илгистибиттэрэ – хайдах маннык туох да уу да тэстибэт гына илиинэн тигиэххэ сөбүн дьиктиргээбиттэрэ. Ол кэннэ хамандыыр хаста да махтаммыта «портянка из зайца» сылааһын, кэтэргэ табыгастааҕын иһин. Бааччы уочарата кэлбитигэр саҥата суох сиһигэр баанан кэбиспитэ, бары ытыс таһыммыттара. Кырдьык да муударай омук эбит саха омуга диэн буолбута. Онтон Ньукулай ол күҥҥэ үрдүк айыылар чахчы бааллар эбит диэн өссө төгүл итэҕэйбитэ. Кинилэр көмөлөрүнэн дойдутун баһыылката, ийэтэ тикпит сылаас таҥастара оруобуна кини баар сиригэр тиийэн кэлбитин атыннык хайдах да быһаарбаккын буоллаҕа дии уонна. Кэлин уолаттар Ньукулайы «Николай у которого портянка из зайца и бааччы» диэн быһаараллара. Ол хамандыыра Кузнецов Александр Иванович – орто саастаах нуучча киһитэ унньуктаах уһун сэрии түөрт сылын тухары бииргэ сылдьыбыта. Киһи быһыытынан ис иһиттэн холку, сымнаҕас курдук эрээри тоҕоостоох түгэннэргэ кытаанах ирдэбиллээх, түргэн-тарҕан быһаарыныылаах буолара. Ол сыллар тухары Ньукулай биирдэ даҕаны строй иннигэр тахсан мөҕүллүбэтэҕэ, сэмэлэммэтэҕэ, төттөрүтүн мындыр өйүнэн оннук-маннык албастары толкуйдаан хайҕалга сылдьара. Ордук «полевые условия» диэн ааттанар кэмҥэ. Ибис инчэҕэй маһынан кулуһун отторго, быа-туһах тиийбэтэҕинэ талаҕынан хам баайталаан, тиргэ оҥоро охсон, сибиэһэй кус миинин иһэрдэн эҥин. Дьээбэҕэ диэн талаҕынан биир да тоһоҕото суох оҥоһуллубут олоппоһо кэпсэлгэ сылдьыбыта. Олох биир дьиэ-кэргэн курдук буолбуттара. Атаарыыга кэһии үллэстиитигэр ити иистэнэр массыына киниэхэ тиксибитигэр бары ытыс тыаһынан көрсүбүттэрэ — «матери от нас пламенный привет и благодарность за тебя» диэн буолбута. Маарыйа маны барытын санаан туран массыынатын өссө төгүл имэрийдэ уонна кылаас чааһыгар тугу кэпсиирин чуолкай былааннанна.
Н.Руфова. Хатас
2022 сыл, ыам ыйа.