Кэпсээн, остуоруйа истиэххит, уһана, иистэнэ үөрэниэххит

12.04.2020
Бөлөххө киир:

Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ бэртээхэй кэпсээннэрин, кырачааннарга остуоруйалары, уһаныан баҕалаахтарга видеонан туһалаах сүбэни-аманы «Сиэр-майгы кыһата» интэриниэт-контеҥҥа таһаарбыта.


Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин коронавирус дьаҥын кэмигэр дьиэҕэ хааччахтанан олорор  дьон бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар маннык ньыманан үлэлээһин ананарын бэлиэтиир.

Бастакы таһаарыыга «Бырдыка Уус кыын оҥорорго үөрэтэр» видеонан үөрэтиитэ,  Николай Винокуров-Урсун «Бастакы көҕөн» кэпсээнэ,  «Күөс хааһы», «Кыһыл көмүс сымыыт», «Эриэппэ» остуоруйалар болҕомтону тардыбыттара.

Бу сырыыга, «Бөрө, саһыл дьукаахтаспыттар»,  «Кэҕэ», Л.Толстой «Куртуйах уонна саһыл», «Куобах кутуруга суох буолбута» (Н.Золотарев-Н.Якутскай) остуоруйалары,  Николай Носов «Билбэтчэйин»,  «Тоҕус төгүл «тоҕо?» (Амма Аччыгыйа) айымньылары кырачааннарга анаан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибэ, СӨ култууратын туйгуннара Марианна Степанова, Раиса Петрова, Зинаида Никифорова, фольклорга методиһа Майя Егорова, Лариса Турнина,  Кычкиннар дьиэ кэргэн,  Н.Туласынов аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Афанасий Собакин ааҕаллар. Маны сэргэ, Василий Стручков-Сахамыын «Булчут» хоһоону, Ийэ алгыһа»( С.Васильев-Борогонскай) Чөркөөхтөөҕү норуодунай тыйаатыр артыыската Мариэтта Бондарева олус үчүгэйдик ааҕалларын, «Биир сыарҕа историята» Чөркөөхтөөҕү музей сэбиэдиссэйэ  Николай Попов кэпсиирин умсугуйан истиэххит.

Сатабылга үөрэхтэр болҕомтону тардыахтара. Ол курдук, «Бырдыка Уус кыын оҥорорго үөрэтэр», «Туостан оҥоһук ирдэбиллэрэ» (Дьүлэй нэһилиэгин олохтооҕо Валерия Потапова кэпсиир), «Ситиини хатыы ньымата» (Баайаҕатааҕы «Тускун» сынньалаҥ киинэ, «Мандар Уус», «Айылгы», «Айымньы» киин. Кэпсиир  Прасковья Бурнашова).  «ДьиэҕэрОлор» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа чэрчитинэн, И.Г.Федосеев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын тириэньэрдэрин дистанционнай  дьарыктара, ону сэргэ, бу оскуола тириэньэрэ Петр Стрекаловскай дистанционнай дьарыга, «Чабырҕаҕы толоруу» (уруогу Тыараһатааҕы  «Кылыһах»  фольклор ансаамбылын салайар  Марина Петрова ыытар) сэҥээриини ылыахтара.

Сэргээбиттэр, сэҥээрбиттэр Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин youtube ханаалыгар көрүөххүтүн, инстаграм страницатыгар киириэххитин сөп. Оттон видеоматырыйааллары +79142272175 эбэтэр taatta_kultura@mail.ru ыытаҕыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0