Кэпсээн: Орто омурҕан ааһыар диэри…

15.09.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Кырыа кыһыммыт кэлиэ буоллар кэлбэккэ, «сылаас салгыны ыймахтыы түһүҥ ээ» диэбиттии, кырпай хаарынан көөчүктэнэ оонньуур. Тыа ыала кыһын хаһан олохтоохтук кэлэрин күүтэн олоруохтара баара дуо? Үлэлээбиттэрин курдук үлэлии, кыстыктарыгар бэлэмнэнэ сырыттахтара.

Арай Ньукулай Саабыс эмиэ биир унньуктаах уһун, сындалҕаннаах кыһын салаллан эрэриттэн хайдах эрэ харааста саныыр буолла. Кини «чэ, бээ-бээ, аныгыскы кыстык буоллун, мин да олохпун оҥостоо инибин» диэн бэйэтин төһөлөөхтө уоскутунан кэллэ этэй? Кэргэнэ күн сириттэн күрэниэҕиттэн ыла төһө кыстык хаар түспүтүн дьоһуннанан олорон аахпат да буолла. Хаһааҥҥыта эрэ кылабачыгас хара баттахтарыгар аны үрүҥ көмүс мөһүүрэлэр оһуор-бичик курдук бэлиэ суолу хаалларан эрэллэр.

Кэргэнинээн, оҕолорунаан дьоллоохтук олорон ааспыт кэмнэрэ өйүттэн-санаатыттан букатыннаахтык сүппэтэллэр да, былыт быыһыгар састар-саһан, сииктии симэлийэн иһэр курдуктар. Чугас ыаллара, аймахтара: «Оҕолорго ийэ наада. Хаһааҥҥа диэри соҕотох сылдьыаххыный?» – диэн сүгүн да олордубаттар. Саабыс бэйэтэ соҕотох сылдьарын улахаҥҥа  уурбат, кыһаллыбат курдук ээ. Оҕолоро туох санаалаахтарын да ыйыталаспат. Киирии ийэ наадатын дуу, суоҕун дуу бииргэ олорон аһаҕастык кэпсэппэттэр. Аҕалара оҕолорун эр киһилии кытаанахтык иитэн кэллэ. Көмүс чыычаахтарын атаахтата, төбөлөрүттэн имэрийэ сылдьыбата. Уолаттара дьиэ ис-тас үлэтин барытын үмүрү тутан кэбиһэллэр. Быһата, ийэлэрин суохтаппат курдук, иэримэ дьиэлэригэр иллээхтик-эйэлээхтик олорор курдуктара.

Төрөппүт ийэ истиҥ тапталын билбэккэ улааппыт уолаттар ыал буолар, алаһа дьиэни тэринэн кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Икки уола, куоталаспыт курдук, кийиит кыргыттары дьиэлэригэр киллэрбиттэр. Аныгы дьон бэйэ-бэйэлэрин үтүктүһэллэринии, ньиргиэрдээх сыбаайбаны тэрийбэтэхтэрэ. Орто уол талан ылбыт талыы-талба көрүҥнээх кыыһа хаппырыыс бэрдэ буолан биэрбитэ. Кийиит дьоно: «Сыбаайба тэрийсибэт буоллаххытына, кыыспытын эн уолгар кэргэн биэрбэппит», – диэн эрдэттэн тааллара кырыыламмыттара. Баччааҥҥа диэри ыал аҕа баһылыгын курдук санана сылдьыбыт Саабыс истибэтэҕин истэн олус соһуйбута. Үгүһү-элбэҕи толкуйдуу барбакка: «Сыбаайбата да суох ыал буолуллар. Кыыһыҥ ону өйдөөбөт буоллаҕына, тохтуу, толкуйдуу түс!» – диэн уолун саба саҥаран кэбиспитэ. Аҕалара өтөрү-батары тылласпыта сэттээх буолуоҕун оччолорго хантан билиэ баарай?

Кийиит кыыс кинилэр дьиэлэригэр өр буолбатаҕа, ааны тыастаахтык сабан эргиллибэттии тахсан барбыта. Кийииттэр өйдөөбөтөхтүү көрсөн ылбыттарын ким да болҕомтоҕо ылбатаҕа… Сотору кэминэн аны улахан кийиит куоракка үөрэнэбин диэн ааттаан быралгы барбыта. Ол аньыыта онон, Саабыстарга төннүбэтэҕэ.

Саабыстар сиҥнэн эрэр эргэдьиэлэрэ кэм-кэрдии кэрээнэ суох элэҥниирин билээхтииркурдук. Дьиэ иһигэр туох эрэ курус салгын, санньыар санаа иитиэхтэнэргэ дылыта.

Биир сарсыарда чугас ыаллара Ааныс эмээхсин киирэн кэллэ. Саабыс соҕотоҕун хаалан, тэлгэһэтин хаарын аа-дьуо харбыы сылдьара.

– Дьэ, ити оҕолоруҥ алаһа дьиэлэриттэн бараары кынаттарын куурда сылдьаллар. Оттон эн ити курдук сиппииргин ойох оҥостон кырдьаары гынныҥ. Сиппиири дьахтар тутар баҕайыта! – диэн хара ааныттан силбиэтэнэн киирдэ.
– Ыалым Ааныс, саатар эн миигин «тарбаама». Бэйэм даҕаны мучумааным, иэрэҥ-саараҥ санааларым элбээниһэллэр.
– Буолуохтаах этэ. Мин оҕолоруҥ суохтарына эйигин кытары аргыый наллаан кэпсэтэ киирдим. Өһүргэнимэ, миигин өйдөөн иһит. Кэргэниҥ бокуонньугу мин даҕаны сөбүлүүр этим. Ол эрээри, өлбүтү кытары өлбүт суох.
– Ааныс, тохтоо дуу!
– Суох, кырдьаҕас киһи тылын иһит. Ыал олоҕор орооһор диэҕиҥ. Мин даҕаны бачча сыл тухары эһиги тускутугар кыһалла-мүһэллэ сатаатым. Ити уолаттарыҥ олохторугар сатанымаары гыннылар дуу, хайдах дуу. Дьиҥэр, үлэни өрө туппут барахсаттар. Ол гынан баран, оҕолоргун аһара тимир-тамыр курдук иитэлээбитиҥ соччо бэрдэ суоҕа көстөр ээ. Кийиит киһиэхэ нарыннык, эйэҕэстик
сыһыаннаһыахха баара. Дьахтар кулгааҕынан таптыыр дииллэрин билбэт этиҥ дуо? Мин уолаттарыҥ кэргэттэрин кытары хайдах кэпсэтэллэрин алҕас истэн турабын. Бырастыы гын, ити аҕа киһи кытаанах иитииҥ содула. Эн иккистээн олоххун оҥостубутуҥ буоллар, кэргэҥҥэр истиҥ сыһыаҥҥын көрө-билэ, ону үтүктэ уонна дьахтары өрө тута улаатыахтаах этилэр. Эр киһи оҕону иитэрэ олох атын. Дьахтарга сыһыан эмиэ атын.
– Онон тугу этээри гынаҕын, Ааныс?
– Тугу этиэмий, этэрим биир. Кэргэннэн!
– Оһо-оо! – дьиэ хаһаайына соһуйбута буолла. – Ол ойоҕу оһох кэнниттэн булабын дуо? Ханна баалларый эн этэр дьахталларыҥ? Ити кулууп Любатын эбэтэр маҕаһыын Харытыанатын этэҕин дуо? Эбэтэр саҥа кэлбит эдэркээн биэлсэр кыыһы? – эр киһи, бу сырыыга тугу эппиэттиир эбиккин диэн сэтэрээбиттии, эмээхсин диэки үөннээхтик көрөн кэбистэ.
– Үөннэнэ олорума, ити Любаҥ да, Харытыана да киһи сирбэт дьахталлара. Бэрт киһи куорат дьахтарын кэргэн ылан таһаарар инигин!
– Кыһытар буоллаххына, таһаарыам!
– Таһаар! Харыйаны таҥнары соспут киһи диэн эн курдуктары этэн эрдэхтэрэ, – Ааныс кыыһырбыта буолан, остуолу тыастаахтык оҕуста.

– Чэ, доҕоор, уоскуйуох. Аны кыраларыҥ убайдарын дьылҕаларын хатылыахтара диэн дьаахханан этэбин. Кыраларыҥ эмиэ уолаттар
дии, саатар кинилэри санаа. Кинилэргэ ийэ тапталын биллэр.
– Эн, кырдьаҕас киһи, өйүҥ-санааҥ былыргылыы буоллаҕа. Аныгы дьону, дьахталлары билээхтээбэккин. Мин оҕолорбор, буолаары буолан уолаттарга, ньиксик сыттаах ыыспабар хайа дьахтар ийэ буолабын диэн киириэй? Аныгы дьахталлар бары биирдэр, мин оҕолорбор наадыйыахтара диэтэҕиҥ дуу? Мин да дьиэм иһигэр дьахтар сылаас тапталыгар бигэниэхпин баҕарбатым кэлиэ дуо? Оҕолорбун аһынабын, төһө кыайарбынан иитэлии сатаатым. Кийииттэр кэлэн олохпутун киэргэтиэхтэрээ, сиэн оҕолору батыһыннара сылдьыам диэн баҕарбытым. Уолаттарым киһи сирбэт дьоно, ону баара кыргыттар ырааҕы көрбөт харалҕан харахтаах буолбуттар.
– Саҥам диэн саҥараахтыыгын ээ. Оттон мин кийииттэрбин олус таптыыбын. Миэхэ дьиэҕэ тугу да гыннарбаттар. Таах олоро сатаан ыалларбар сылдьарбын сорохтор хобу-сиби таһар диэн сиилииллэр. Мин эн тускар кыһаллан этэбин. Толкуйдан, билигин да эдэргин!
– Эдэргин буолан, орто омурҕаммын аастым быһыыта, – «оҕонньор» толкуйга түһэн, биир сири тобулу көрөн олордо.
Кини кыараҕас харахтара уоттанан ылбыттарын, быыппастыбыт уоһугар симик мичээр биллэн ааспытын,
Ааныс да буоллар, көрбөтөҕө.Саабыс дууһатын түгэҕэр бүөмнээн илдьэ сылдьар кимиэхэ да арыйбатах кистэлэҥин – «чыып-чаап саҥалаах чыычааҕын» саныы олордо.

* * *

Саабыс икки сыллааҕыта куоракка доҕорун үбүлүөйүгэр киирэ сылдьыбыта. Бырааһынньык кэнниттэн чугас доҕотторо-атастара даачаҕа тахсыбыттара. Түүн көр-нар үгэннээн турдаҕына, хоту дойдуттан хойутаан кэлбит доҕордоро Көстөкүүн дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түспүтэ. Кини уруккутун курдук уол оҕо одьунааһа, саҥарбыт-иҥэрбит эр бэрдэ,
адьас да уларыйбатах курдуга. Кини онно кийиит кыыс курдук килбик бэйэлээх дьахтары батыһыннара сылдьара. Көстөкүүн кэргэннээҕин бары билэллэрэ да, дьахтары, Настааны ким да атыҥырыы көрбөтөҕө. Саабыс сэргэхтик сэгэйэ хаамар, кылбаарар хаар маҥан дьахтары киэһэни быһа кэтээбитэ. Кини өссө хаһан да маннык хорсуннук санамматах буолуохтаах. «Костя кэргэннээх эрээри, тоҕо кинини бас билиэхтээҕий? Икки сулумах дьон билистэхпитинэ, тоҕо сатамматый?» – диэн бэйэмсэх санаата бу түгэҥҥэ баһыйбыта.
Биэчэр кэнниттэн үбүлүөйдээбит доҕоруттан Настя суотабайын нүөмэрин ылбыта. Киһитэ баҕарбатар да, биэрбитэ. Дьикти! Атына эбитэ буоллар, доҕорун туһугар кыһаллан, үөрэ-көтө билиһиннэртиэ эбитэ буолуо.
Саабыс Настяҕа төлөпүөннээн, кинини кытары билсиэн баҕарарын туһунан эппитэ. Анарааҥҥыта үөрбүтүн да, соһуйбутун да биллэрбэтэҕэ. Арай биир күн болдьообут кэмнэригэр кафега кэлбитэ.
– Настя, бырастыы гын. Мин эйигин көрөөт да, сөбүлээтим.
– Туох диэн эттэҥий? Мин сүрэҕим атын киһиэхэ ананансылдьар ээ.
– Кимиэхэ? Ити Костяҕа дуо? Кини кэргэннээх.
– Допустим, но Костя мой идеал мужчины. Говорят, ты в какой-то деревне живешь? Работы нет, а детей много-оо, – диэн Настя нууччалыы унаарытан саҥара олордо. – Оттон мин олоҕум атын.
– Настя, мин үлэлии-хамсыы сатыыбын. Оҕолорум улахаттар. Арай, кыра уолаттарбар ийэлэрин солбуйар киһи наада.
– Наһаа да аһаҕас, наивнай киһигин. Мин хайдах сразу эн дэриэбинэҕэр барыахпыный? Миигин надо ухаживать и, наконец, соблазнить и т.д. – дии-дии хараҕынан оонньуу олорбута.
Ити кэнниттэн туох да күттүөннээх кэпсэтии тахсыбатаҕа. Настя, кэпсэтэн бүттүбүт диэбиттии, суотабайынан кимиэхэ эрэ эрийбитэ. Сотору буолаат, джип массыынаҕа олорон элээрдэ турбута.
Саабыс саҥа билсибит кэрэ аҥара кинини чугаһатымаары сэлээрчэх дьахтар курдук көстө сатаабытын, дьиҥэр майгылаах мааныта буоларын бүтэйдии сэрэйбитэ. Хаһан эрэ Саабыс
да кыргыттары тала сылдьан сыымайдыыр, кинилэр түүлээх холбукаларыгар тугу буһаралларын билэр ахан дьыалата этэ. Кини бу да сырыыга сыыспатах буолуохтаах.
Кэлин, Настялыын хаста да көрсүбүттэрэ. Биирдэ кини хаайыыттан тахсыахтаах кэргэнин күүтэрин туһунан эппитэ. «Кэргэним алҕаска балыллан хаайыыга барбыта. Миэхэ эн дьоллоох түгэннэри бэлэхтээбиккэр махтанабын. Эн үтүө киһи эбиккин. Ол эрээри, айан киһитин сааратымыым, оҕолорго ийэҕитин солбуйар дьахтары булуоҥ», – диэн алҕыы хаалбыта.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
8