КЭПСЭЭН: Манна Москва буолбатах!

Ааптар:  К.ЭВЕРСТОВ
04.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Архыып Ойоҕостуурап биэс уончатыгар диэри бэйэтин дэриэбинэтигэр олохтоох дьаһалта кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ. Быйыл соһуччу, таҥараҕа тиксэр кэриэтэ, Москваҕа икки ыйдаах курска үөрэнэ барарга ыҥырыы тигинээн кэлбитэ. Биллэн турар, төлөбүрдээх. Ону аахсыа дуо, “үөрэх – сайдыы, квалификацияны үрдэтии” диэн тылларынан доҕуһуоллатан барарга быһаарыммыта. Биир үксүн ол улуу дойдуга аны кэлэн барара да биллибэт. Билигин итинник харчыны хайытар кылгас курстар, быстах үөрэхтэр халлаан сулуһунуу элбээн тураллар. Үөрэх үксэ төлөбүрдээх буолан, аны баай дьон эрэ оҕолоро үөрэнэр кыһалҕалаах үйэлэрэ кэлэн турар. Архыып, хата, аҕыйах ыйдаах уурунуута баарыгар эбии үлэтиттэн иэс ылан, син додо курдук үптээх буола түспүтэ. Улууһун кииниттэн ырааппатах киһиэхэ Москваҕа барыы Америкаҕа барыыга тэҥнээҕэ.

Москваҕа этэҥҥэ тиийэн, тастыҥ быраатыгар тиийдэ. Быраата дойдутун собото кэлбититтэн улаханнык үөрдэ, дьонун-сэргэтин ыйыталаста. Сынньана түһэн баран, Архыып бириэмэ баарынан быраатын уолун сирдьит оҥостон, столицаны көрө барда. Эчи, уулуссалара улахаттарын, массыыналара элбэҕин, барылара курутуойдар быһыылаах. Боруобкалар буоланнар, аргыый аҕай быт хаамыытынан сыннараллар, сатыы киһитээҕэр да бытаан айылаахтар. Хас хардыы аайы маҕаһыыннар, килэһэн-халаһан түһэн баайдарын, табаардара элбэҕин! Сыана­лара син-биир Дьокуускай киэнинии ыарахаттар быһыылаах. Син орута-борута дьоннорун сакаастарын атыыласта. Онтон Кыһыл болуоссакка тиийэн туран, иһигэр кыратыттан мыына санаата, телевизорга көрдөххө, нэлэһийэн улахана сүрдээххэ дылы дии. Сэдээҕирэн мавзолейга киирээри гынан баран, ”эрэйдээҕи кэлиҥҥи кэмҥэ истэр тухары наар үөҕэллэр-кырыыллар, онон кырдьаҕас сирэйэ-хараҕа лаппа мөлтөөбүтэ буолуо” – дии санаан киирбэтэ. Архыып күнү быһа хааман, саатар иннигэр балачча лэс курдук дээдэйбит хаһалаах буолан сылайда, дэлби аҕылаата.

Үөрэхтэригэр чэпчэки сыаналаах олорор уопсай дьиэ биэ-рэн абыраатылар. Ол дойдуга бэрээдэк кытаанах, уон биир чааска ааны хатыыллар. Хойутаабыт дьоҥҥо тос курдук ыста-раап.

Архыып Москваҕа ый буолан, син дьиэтийэн, бэйэтин балач­ча москвич курдук сананна. Дойдутун кытта телефонунан кэпсэтэригэр: “Биһиэхэ манна, в Москве” – эҥин дэтэлиир буолла. Сороҕор: “Программа обширнай, бириэмэ сжатай!” – эҥин дэтэлээн сүгүн кэпсэппэккэ телефонун саба ууран кэбиһэр идэлэннэ. Анараа уһукка: “Бу оҕонньор Москваҕа тиийэн адьас нуучча буолан бүппүт! Манна кэллэҕинэ хайдах өйдөһөрбүт эбитэ буолла?!” – диэн эмээхсинэ халахайданар саҥатын хантан истиэҕэй.

Биирдэ Саха сириттэн эмиэ үөрэххэ кэлбит атаһыгар сылдьан, хойукка диэри олорон, элбэҕи билбит-көрбүт киһи быһыытынан куоратын сонунун ыһа-тоҕо сырдатан балачча хойутаата. Онон ыстараап уобумаары уопсайыгар барбакка, түүн үөһүн саҕана быраатын дьиэтигэр тиийдэ. Киһитэ кинини көрөөт үллэччи кыыһырда:

– Эн бу хайдах түүннэри илэчийдиҥ? Манна араас схинхедтэр, бандьыыттар аһары элбэхтэр. Тутан ыланнар тимир сыабынан үнтү сынньан кэбиһиэхтэрэ! Омуктары Москваҕа оннук гыналлар. Өйдөө, манна Дьокуускай буолбатах!

Онтон ыла куттанан, Архыып үөрэҕэ бүттэ да уопсайын диэки харбыалаһар. Хараҥарда да, хороонугар кирийбит кутуйах курдук хоһугар бүгэр, кыра наадаҕа уулуссаҕа тахса соруммат. Туох да буруйа суох киһи таһырдьа тахсан, тимир сыабынан үнтү таһыллан киирэрэ сүрэ бэрт. Онон күнүс хаһааммыт доширагын уобалыыр, суухаратын кэбийэр, тохтуу түһэ-түһэ куоскаттан сэрэммит чыс кутуйах курдук тула иһиллэр тыаһы-ууһу иһиллиир, ол-бу диэки олоп-чолоп көрүтэлиир. Титаҥҥа оргуйбут уу күнүстэри-түүннэри баар буолан абыраата. Сороҕор дууһата иэйдэҕинэ, бытыылкалаах үүтү атыылаһан ылан иһэр уонна сороҕор ол утаҕын хаачыстыбата мөлтөх буоллаҕына, туалет диэки сүүрэр.

Сотору куурустара бүтэн абыраата. Үөрэҕэ бүппүтүнэн сибээстээн кини уопсай аһаҕас түннүгүнэн: ”Москва барахсан, прощай! Быдан дьылга бырастыы!” – диэн күүһэ баарынан ыһыытаан, сиэрин-туомун толорон баран, Домодедово аэропор-ка киирбитэ. Этэҥҥэ Дьокуускайга салгын аалынан көтөн кэл­битэ. Москва курдук “күлэр күлүгээн” уйатыттан дойдутугар тыыннаах эргиллибит буолан санаата бөҕөх. Онон ити киэһэ оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолугар тиийэн, ол улуу дойду дьалхааннаах олоҕун туһунан үгүһү-элбэҕи сиэллээн-кутурук-таан кэпсээн, киһитин дэлби салыннаран, көрсүһүүнү кыратык бэлиэтээн баран, эдьиийин аахха сатыы кэлбитэ.

Эдьиийэ квартиратын аанын аһан киллэрэн баран, куттанан, харахтара мэкчиргэ киэнинээҕэр өссө ордук төгүрүй­бүттэрэ:

– Эн бу туох буолаҥҥын бачча хойукка диэри күүлэйдии-гин?! Куоракка түүн киһини сүгүн хаамтарбаттар. Дьоннору… ордук эттээх-сииннээх эмис дьону өлөртөөннөр, бэрэски оҥорон атыылыыллар үһү, – инньэ диэт эдьиийэ Архыып дээдэйбит иһин диэки көрөн ылбыта. – Эбэтэр сибиинньэлэригэр сиэтэл­лэр. Киһи этэ минньигэс, сымнаҕас дииллэр үһү. Онон мээнэ мэнээктээмэ! Манна Москва буолбатах.

Архыып кутталыттан аҕыйах салаа баттаҕын дуома өрө адаарыйан тахсыбыта. Ол аата Дьокуускай Москватааҕар өссө ордук сүрдэммит эбит дии?! Москваҕа түүн илэ бардаххына, тутан ыланнар тимир сыабынан таһыйан куһурҕаталлар, баҕар, таҥара биэрдэҕинэ син тыыннаах ордуохха сөп. Оттон Дьокуус­кайга түүн мэнээктии сырыттаххына, үгүс кэпсэтиитэ суох сүгэ өнчөҕүнэн оройго биэрэн бараннар, соһон киллэрэн соҕотуоп­калаан кэбиһэллэр. Нөҥүө күнүгэр бэйэлээх бэйэҥ эккинэн бырааһынньык аһа оҥороннор, бүтүн куорат дьонун күндүлүүл­лэр – минньигэс сибиэһэй бэрэски дуу, кэтилиэт дуу сиэннэр үөрүү-көтүү бөҕөтө буолуохтара. Эбэтэр астыахтарын сүрэҕэл­дьээ­тэхтэринэ, силтэйэ сытыйбыт сибиинньэлэригэр быраҕан биэриэхтэрэ. Дьэ ол ыттыйбыт кыыллартан эн ханнык да омук албаһынан тыыннаах тахсыбаккын. Баллайбыт бачыыҥкалар­гын эрэ хаалларыах­тара. Чахчы да сибиэһэй, иҥэмтиэлээх ас буолуохтаах, бакаа туох да куһаҕаны сии илик этэ. Чэ бээ, куһаҕаны санаамыах­ха. Ол да буоллар, сиһин ороҕунан кутуйах сүүрэкэлииргэ дылы гыммыта.

Архыып нөҥүө күнүгэр ойоҕор, оҕолоругар ситэ ылбатах сакаастарын ыла охсоот, дойдутугар улууска айаннаабыта. “Кэбис, манна киһи сиэхситтэргэ эрэ аһылык буолсу, ол кэриэтин дьиэбэр тиийэн дьоммун уонна үлэһиттэрбин кытта ылахтаһа олорбутум ордук буолсу”.

Бартын нөҥүө күнүгэр куоракка эдьиийэ чугас дьүөгэтигэр бэлэһинэн күлбүт тыла кэнники киниэхэ иһиллибитэ:

  • Аташкааммын түргэнник куоттардым ээ! Һэ-һэ-һээх!

К.ЭВЕРСТОВ,

2004 с.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1