Саввинова Варвара Степановна-Балтараа Балбаара Маамыра эмээхсин соҕотох кыыһа. Балбаара төрүт Хорула. Тас көрүҥэ уһаат курдук, моонньо саннын кытта күдүс түһэр, харылара кырыылаах, холун былчыҥа сутуругун тутуннаҕына балдар курдук бөлтөрүһэн тахсаллар, туох да киһитэ ону хомуру туппат эбитэ үһү.
Хорулаҕа муҥура суох күүстээх дьахтар олорон ааспыт эбит. Былыргы ыал бэнсиин буочукатын тэһэн уу буочукута гынар, ону билэн көрбөккө аҥаар илиитинэн тутан, хомуоһу сыҕарытар курдук тутар хабар тарбахтардаах — оннук иҥиирдээх дэгиттэр кыахтаах дьахтар.
Арай биирдэ быраата Чоҕуллай Ньукулай Өрүүнэ уола эппит.“Маспыт бүттэ, эдьиэй биир массыына дьиэ таһыгар бэлэмнээр эрэ“,-диэбит. Ону быраатын “күүһүмсүйэҕин да, маскын бэлэмнэммэккин”- диэн сэмэлээн баран сөбүлэспит.
Дьэ, туран дьиэтин таһыгар тыраахтарынан оһорбо бөҕөнү состотторбут. Ону начаас дуруусбаннан эрбэтэн, бэлэмнээн баран, быраатыгар илдьиттээбит. “Бэлэмнээтим маскын, кэлэн тиэн”, — диэбит. Ону тиэйэ суоппар Туола куруусчутунаан Додохоптуун уонна Чоҕуллай бээтэ кэлбиттэр. УАЗ бортобуой массыынанан. Ол курдук айаннаан кэлэн, эдьийигэр биир көлүһүөк кэһиитин киллэрэн биэрбит. Ону эдьийэ ылан, оронун баһыгар уурунан кээспит.
Кэлбит дьон чэй иһэн баран, мастарыгар тахсыбыттар. Тахсан өөр баҕайы буолбуттар, улаханнык илистибит дьон киирэн сынньана олорбуттар. Ону көрөн, Балбаара: “хайа барытын тиэйдигит дуо?”,-диэбитигэр. Чоҕуллан: “Ээ, эдьиэй барытын тиэйээн “,-диэбит.“Кыайарбытын тиэйэ сатаатыбыт”,-диэн эбэн эппит. Балбаара ону: “ баҕайы тугу этэриҥ буолла “,-диэн баран таҥнан, таһырдьа тахсыбыт.
Онто били маһын төбөлөрүн эрэ тиэйбиттэр уонна били оһорболорун төрдүлэрэ сыталлар үһү. Буочуку саҕа лэкэчиктэр. Туох да ыатарбат ыархан мастара. Ону таах ыла-ыла массыына үөһэ тамнаан кээспитэ массыыналара ньахчас гына түспүт. Үс эр бэрдэ кыайбатах лэкэчиктэрин билэн көрбөккө тамнаабыт. Онтон дьиэҕэ киирэн, быраатын мөхпүт: “Күүһүмсүйэриҥ бэт дии, ити бөдөҥ маһы тоҕо хааллардыҥ дьэ”,-диэбит. Били дьон сып-сап чэй иһэн тахсыбыттара, били мастара массыыналарын үөһэ өрөһөлөнөн турарын көрөн саллыбыттар. Ону Чоҕуллай эппит: “Ити эдьийим миигин үтэн-анньан көрөр быһыыта, соруйан итинник бэлэмнээбит”,-диэбит үһү.
Ити курдук күүстээх уохтаах дьахтар Хорулаҕа үөскээн-төрөөн, олорон ааспыт эбит уонна биллэрбэккэ бараахтаабыт . Эргэ Дьабыга дьиэ таһыгар икки модьу тиит чөҥөчөктөрө баар этилэр. Олор кэлэр-барар сырыыны дьону мэһэйдиир этилэр. Дьоннор олору туура сатаан баран, кыайбаттар этэ. Онтулара биир күн түөрэ буордары сыыстары түөрэ олуллан тахсан, киэр эһиллэн сытарын көрөннөр, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыттар. Булгу Балбаара үлэтэ буолуо диэн сэрэйбиттэр.
Икки куул сүөһү аһылыгын икки өттүгэр кыбынан баран, тоҥ күөс быстыҥа оннук кыбыммытынан туран кэпсэтэр, иҥиирдээх дьахтар үһү. Кэлин Чаппандаҕа көһөн, онно көмүс уҥуоҕа хаалта. Ийэтэ Маамыра кыра баҕайы эмээхсин этэ. Лэппиэскэтэ минньигэһэ бөҕөө, оҕоҕо халыҥ арыылаан биэрэр этэ. Биһиги дьоммут суохтарыгар Маамыра лэппиэскэтин элбэхтэ сиэбиппит буолуо ээ.
Хорула