Олоххо буолбуттан
2000-с сыллар ыччатыгар ананар
Дьоллоох Дьокуускай куоракка көмүс күһүн. Балаҕан ыйын саҥата. Ону тэҥэ эмиэ биир үөрэх дьыла саҕаланна. Сайыны быһа чуҥкуйан турбут Сэргэлээх сэргэхсийэн, устудьуон аймах чуопчаарар саҥатынан туола түстэ. Ким эрэ доҕотторун көрсөн үөрэр-көтөр, ким эрэ уопсай дьиэтин эккирэтиһэр, биир кэм барыы-кэлии, хаамыы-сиимии…
Сааскылаана үһүс кууруска үөрэнэр. Кини — биолого-географическай факультет тарбахха баттанар биир бастыҥ устудьуона. Элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото буолан устудьуоннуу кэлиэҕиттэн үөрэҕин кэнниттэн үлэлиир. Бастакы, иккис куурустарга кафеларга, эрэстэрээннэргэ иһит сууйааччынан, эписийээнинэн үлэлээн истипиэндьийэтинээн ыйга 15–18 тыһыынчаны сиэбигэр уктара. Онон төрөппүттэриттэн харчы ылар диэни билбэт, ардыгар дьонугар кини ыытар түгэннэрэ да бааллара.
Быйыл Сааскылаана өрөспүүбүлүкэ сөбүлээн истэр сахалыы араадьыйатыгар ыытааччыга кастинг биллэриллибитигэр хапсан үлэҕэ киирдэ. Эдэр эрчимнээх кыыска икки бүк эппиэтинэһи сүктэрэн, түүҥҥү симиэнэни анаатылар. Уолуйдар да хайыай, харчы наада, сөбүлэһэригэр тиийдэ.
— Сэргээн истибит доҕотторбор — күндү истээччилэрбэр бииргэ буолбуккутун иһин махтанабын! Сылаас орону, минньигэс түүллэри баҕара хаалабын ыытааччы мин, Сайыына. Аныгыс эпииргэ көрсүөххэ диэри! — диэн кыыс түүҥҥү эпиирин түмүктээтэ. Сааскылаанабыт Сайыына диэн хос аатынан эпииргэ тахсар буолбута. Үлэтиттэн уопсайыгар диэри сүүрбэччэ мүнүүтэ хааман тиийэр. Харчытын бараамаары таксиламмат, онон кыыс хараҥа уһун уулуссалар устун Сэргэлээҕин уопсайын диэки тиэтэйэ хаамта.
Арай, суолу туораан иһэн көрбүтэ-ээ, уун-утары кини диэки массыына тоҕо анньан сырылатан аҕай иһэр эбит! Сааскылаана ыгылыйан хаалан ханна да барыан булбата, көрбүтүнэн туран хаалла. Эмискэ ким эрэ кэлэн суолтан туора таппытыгар сууллан түстэ, бэл хараҕа харааран ылла. Чочумча буолаат, туох буолбутун өйдөөн аймана түстэ. Онтон дьэ биирдэ уоскуйан, кинини алдьархайтан быыһаабыт киһитигэр хап-сабар махтанна. Быыһааччы уол аата Арчылаан диэн, инженернэй-тиэхиньиичэскэй факультет төрдүс кууруһун устудьуона эбит. Арчылаан маҕаһыыҥҥа харабыллаан иһэрин, үөрэҕин, ону-маны кэпсээбитэ буолла. Чэ ити курдук суолларын да билбэккэ хааллылар, уопсайдарыгар тиийэн кэллилэр.
— Махтал, өссө көрсүөхпүт! — диэт, Сааскылаана уопсайын диэки сүүрэ турда. Арчылаан кэпсэтиигэ аралдьыйан хаалан кыыстан төлөпүөнүн нүөмэрин ыларын умнан кэбиспитин бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла.
Дьыл — хонук. Күннэр түргэн-түргэнник элиэтээн ааһан истилэр. Устудьуон сэргэх олоҕо күөстүү оргуйар. Алтынньы ый биллибэккэ тоҕо анньан кэллэ. Бу кылгас кэм иһигэр Сааскылаана номнуо элбэх эрэллээх истээччилэрдэннэ, ону ааһан үөрэҕэр да, атын сиргэ да сырыттаҕына куолаһыттан истэн билэр сүгүрүйээччилэрдэннэ. Ол тухары Сааскылаана өрүһүйээччитин Арчылааны көрсүөн баҕарар санаата күн-түүн күүһүрэн истэ.
Арчылаан да бу кылгас кэм иһигэр тосту уларыйан сылдьар. Кини өйүн-санаатын үйэтигэр биир да кыыс маннык сүүйбэтэҕэ. Били хаһыылаах-ыһыылаах ыарахан рок ырыаны биһириирэ ханна да суох буолла. Ол оннугар үлэтигэр кэллэ даҕаны сахалыы араадьыйаны холбуур идэлэннэ. Сааскылаана бу манна үлэлиирин кини хантан билиэ баарай? Куруук арай иһиттэҕинэ Алгыстаана, Эрэлчээнэ, Ньургун, Сайыына…
— Үтүө күнүнэн, күндү Сахам сирин олохтоохторо! Куруук бу кэмҥэ, бу чааска буоларын курдук эһигини кытта бүгүн бииргэ буола олоробун мин — ыытааччы Сайыына.
Ити тылларынан Сааскылаана үлэтин чааһа саҕаланар. Бииртэн биир истээччитин баҕатын толорон ырыалары холбуур, оонньуу ыытар.
— Бу түүн миигин кытта бииргэ буола олорор доҕотторум, 1234 нүөмэргэ сөбүлээн истэр ырыаларгытын, эҕэрдэлэргитин, ону тэҥэ тапталга билиниилэргитин ыытаргытыгар көрдөһөбүн, — диэн куруук буоларын курдук эпиирин ыыта олордо. Бу күннэргэ Сааскылаана үөрэҕэр ыктаран, үлэтигэр баттатан сылайа аҕай сылдьар. Эпиирин ыыта олорон уута да кэлэн барда.
Бу кэмҥэ Арчылаан тапталлаах долгунун истэ-истэ маҕаһыыныгар үлэлии сылдьар. «Арай, бу араадьыйа нөҥүө мин Сааскылаананы булуум? Баҕар, истэ сытара буолуо», — дии санаат, түргэн үлүгэрдик төлөпүөнүгэр «БГФ кыыһа Сааскылаана, эн мин өйбөр тахсыбаттыы киирдиҥ. Эн быыһааччыҥ Арчылаан» диэн суруйан, 1234 нүөмэргэ SMS-ын ыытан кэбистэ. Син балай даҕаны буолаат «доставката» тилигирээн кэллэ.
Сааскылаана эпииригэр SMS-иһитиннэриилэр кэлбиттэриттэн утуктуу олорбута ааһан сэргэхсийэн барда. Истээччилэригэр кэлбит суруктары биирдии-биирдии ааҕа олорон «БГФ кыыһа Сааскылаана…» диэҥҥэ хараҕа хатана түстэ. «АРЧЫЛААН!!! Бу миэхэ аадырыстаммыт иһитиннэрии дии!» — диэн кыыспыт соһуйан эрэ хаалла. Истээччилэригэр сакаастаабыт ырыаларын холбуу охсон баран, бу кылгас суругу хос-хос ааҕа олордо. Сааскылаана Арчылааҥҥа утары эрийэргэ сананна. «Привет, бу мин Сааскылаанабын ээ, мин ити араадьыйаҕа ыытааччынан үлэлиибин» диэтэ. Эдэр дьон үөйбэтэх-ахтыбатах өттүлэриттэн сибээстэһэннэр эмиэ да соһуйдулар, эмиэ да үөрдүлэр. Өр да өр кэпсэттилэр, түмүгэр сарсын көрсүөх буоллулар.
Сааскылаана үлэтин чааһын түмүктээн истээччилэрин кытта быраһаайдаһан, хомунан тахсан барда. Арай ааны аспытыгар сибэкки дьөрбөлөрдөөх Арчылаан күлэн мичилийэ турар эбит. Сааскылаана долгуйан хайдах да буолуон билбэтэ.
— Дьэ көрүстүбүт, сарсыҥҥы күнү сатаан күүппэт эбиппин, — диэн Арчылаан кыыһы өссө долгутта. Бэйэлэрэ да билбэттэринэн биир соһуччу түгэн кинилэри ситимнээбитин күлэ-үөрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ уопсайдарын диэки хаамыстылар. Бу түүн маҥнайгы хаар кыырпахтара тэлээрэ көттүлэр. Бүгүн Сэргэлээххэ дьоллоохтор кэккэлэрэ кэҥээтэ.
Ама маннык киинэҕэ курдук кэрэ устуоруйалар бу олоххо буолаллар дуо? Киһи эрэ итэҕэйиэн баҕарбат, ол эрээри бу дьиҥнээх түбэлтэ ээ.
Кустук Кистэлэҥэ.
Хаартыска — интэриниэттэн.