КЭПСЭЭН: Кэм доҕордоох

Ааптар: 
28.11.2019
Бөлөххө киир:

Иккис кылааска үөрэнэр Климок оскуолаттан кэлээт, тас таҥаһын устан ыйаат биир тылы быктарбакка оронугар кумуччу туттан сытынан кэбиһэр. Сирэйэ кэри-куру, тугу да саҥарбат, арай дириҥник өрө тыынар. Остуолга эбээлээх эһэтэ ас бэлэмнээн сиэннэрин аска ыҥыраллар:

— Килиим, кэлэҥҥин аһаа!

Хаста да ыҥыраллар. Киһилэрэ дьиэ өһүөтүн одуулаһан сытар. Сотору-сотору дириҥник үөһэ тыынар. Ыарыйдаҕа дуу дии санаан эбээтэ сиэнигэр тиийэр:

-Тоойуом, туох буоллуҥ? Ыарыйдыҥ дуо?

Киһитэ өрө буугунаат ыгыллыбыт баҕайы куолаһынан бааҕыныыр:

-Иккини ылан кэлэн сытабын буолбат дуо?!

Уу чуумпу буола түһэр. Ким да саҥарбат. Онтон эһэтэ аргыый наллаан:

— Ол икки сыана кэм ханыылаах буоллаҕа. Ити биир сыана сордоох дьэ баар – кини соҕотох. Тулаайах кэриэтэ чороҥ соҕотох. Дьэ ол чахчы куһаҕан… – онтон эбэн этэр. – Икки диэн судаарыстыбаннай сыана буоллаҕа дии.

Ийэтэ туоһулаһан билбитэ, уоллара физкультура уруогар формата суох тиийбитин иһин учуутала иккини туруорбут эбит.

Көстөкүүн оҕонньор биир сыыппараны былыр-былыргыттан сөбүлээбэт. Сааһын тухары чороҥ соҕотоҕун дьиэ кэргэнин иитээри мөхсүбүтэ. Холхуос үлэтигэр кыһыннары-сайыннары үлэлээн хара көлөһүнэ тохтон аҕай биэрбитэ. Кэргэнэ уон түөрт оҕону төрөппүтэ даҕаны сиртэн саҥардыы быган сэрбэһэн иһэннэр, дьаҥтан-дьаһахтан быстарбыттара. Оҕо турбат ыала аатырбыттара. Таҥас-сап да суоҕа, муостата суох тымныы балаҕаҥҥа киһилии таҥаһа суох оҕолор киһи буолууһуктар дуо… икки эрэ кыыс тыыннаах хааланнар киһи-хара буолбут-тара. Былыр эмп-том суоҕар оннооҕор буолуох атахтарыгар турбут чиргэл ыччаттар суорума суолланаллара. Кинилэр да араастаан онно-манна тиийэн ойууттарга, ичээннэргэ эмтэтэ сатаабыттара, туох да туһа суоҕа. Дьиҥэр, улахан удаҕаттар, ойууттар ол саҕана суох этилэр эрээри, кинилэр көрдүү сатаабыттара.

Сотору Климок судаарыстыбаннай сыананы ылбыт киһи быһыытынан аргыый туран остуолга кэлэр.

2003 с.

К. Эверстов

«Таптал да араастаах…» кинигэттэн

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0