КЭПСЭЭН: Истиэнэ нөҥүө кистэлэҥ тыас… (салгыыта)

12.10.2026
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Оҥоһуу өй. Алиса. Василий Прокопьев

Кыыс  мөҕүттэ-мөҕүттэ, сотторунан тохтубут чэйин сотто турдаҕына, халыҥ бетон истиэнэ нөҥүөттэн эмиэ ол дьикти тыас хатыланна. 

Бу түөрт хонук инниттэн саҕаламмыта. Күнүстэри-түүннэри дьикти тыас тохтообот. Бастаан Полина ыаллара өрөмүөн оҥороллор дии санаабыта, Галина эмээхсини уорбалаабыта. Арыгар ким эрэ итирэн баран, эбэтэр оҕо мэниктээн истиэнэни тэбэр дии саныыра. Бэл, подъезка тахсан ааннарын тоҥсуйан көрбүтэ да, ким да арыйбатаҕа.

Билигин, остуолга тохтубут чэйин сото туран, Полина туох эрэ уратыны бэлиэтии көрдө. Бу тыас  кыйыттыбыт киһи тоҥсуйарыгар олох маарыннаабат эбит. Тыаһа намыһах, быстах-быстах, биир тэтимнээх. Хайдах эрэ… мөлтөх уонна көрдөһөр курдук.

Полина кулгааҕын истиэнэҕэ сыһыарда, чуумпуран олорон, өссө күүскэ иһиллээтэ. Тоҥсуйуу быыһыгар ыараханнык уһуутуур, ынчыктыыр курдук тыас иһиллэр. Кыыс кута мөчөс гынна. Кыыһырбыт санаата уостан, аны куттал уонна сэрэхэдийии солбуйда. Кини тута суотабайын хаба тардан ылан, участковай нүөмэригэр эрийдэ. Ол эрээри бу сырыыга үҥсүбэт — көмө көрдөөн.

Участковай Василий Николаевич аҕыйах мүнүүтэнэн тиийэн кэллэ. Кини Полинаны кытта ыалларын аанын хаста да тоҥсуйдулар. Кыбартыыра туох да хоруй суох, ол эрээри били намыһах тоҥсуйар тыас — ааҥҥа чугаһаабыта иһилиннэ. Полиция үлэһитэ, дьыала улаханын сэрэйэн, ЫБММ үлэһиттэрин ыҥыран, тимир ааны алдьаттарарга күһэлиннэ.

Аан аһыллыбытыгар, Полина хараҕын саба тутунна. Көрүдүөр муннугар, ааҥҥа нэһиилэ соһуллан кэлэн баран, соҕотох олорор кырдьаҕас эмээхсин сууллан сытара. Инсуллаабыт, саҥарбат, хамсаабат буолбут эбит. Биир эрэ илиитэ үлэлииринэн, аттыгар сытар тайах маһынан хас да хонук устата туох баар күүһүн түмэн истиэнэни тоҥсуйа сыппыта бука диэн билиннэ. Кини олоххо тардыһыыта, тиһэх эрэлэ ол дьикти тыас эбит.

— Оо, дьэ… Өссө биир хонук ааспыта буоллар, быыһаабат эбиппит, — диэтэ суһал көмө бырааһа. Эмээхсин арай Полина диэки көрөн баран, үлэлээбэт буолбут уоһунан нэһиилэ мичээрдиир курдук гынна.

Ол киэһэ Полина утуйбатаҕа. Сырдык өҥнөөх остуолун олорон одуулаата. Истиэнэ… Биһиги, дьон, үгүс түгэҥҥэ бэйэбит эрэ кыһалҕабытын көрөбүт. Истиэнэ нөҥүө иһиллибит тыаһы мэһэй эрэ курдук санаабыппыт. Оттон олоххо сороҕор ол «мэһэй» — ким эрэ тиһэх көрдөһүүтэ, көмө күүтэр дьайыыта буолар эбит.

Кыыс төлөпүөнүн ылан, сасыарда балыыһаҕа барардыы сэрээттии холбоото…

Сайдам

+1
5
+1
0
+1
2
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0