Кэпсээн: Ийэ

Ааптар:  Сандаара КУЙААР
04.01.2025
Бөлөххө киир:
Хаартыска: pxhere.com

Күһүҥҥү тыа устун ийэ бөрө сүүрэн иһэр. Суорҕанныы тэлгэммит көмнөх, саһарбыт сэбирдэхтэр хас сүүрдэҕин ахсын атаҕын анныттан ыһыллаллар. Ийэ бөрө ыксаан иһэр. Кинини хороонугар оҕото күүтэр. Бүгүҥҥү күннээҕи булумньутун, биир куобах оҕотун туппутун ыһыктымаары кытаанахтык ытыран иһэр.

Нэдиэлэ анараа өттүгэр бөрө биэс оҕону төрөппүтэ. Онтон түөрдүн бэдэр обургу тутан кэбиспит этэ. Оо, онно ийэ бөрө аймаммытын, ытаабытын көрүөххүт этэ. Кини энэлгэнин сир халлаан эрэ уйбута, тулуйбута. Оттон бэдэр обургу суола сойбут этэ. Хата, кини дьолугар биир оҕото хороон түгэҕэр кирийэн тыыннаах ордоохтообут этэ. Ону санаатаҕына, ийэ бөрө сүрэҕэ ытырбахтыыр.

Ийэ бөрө хороонугар чугаһаан тулатын сытырҕалыы-сытырҕалыы, атын сыт баарын атыҥыраан, хороонугар киирбэккэ эргийэ сырытта. Икки атахтаах сыта баар…. Ханнык эрэ икки атахтаах обургу кини оҕотун эмиэ сиэри кэллэҕэ дуу.

Оҕотун санаат, бөрө били сэрэхэдийбит санаата кыйданан хаалла. Тоҕо эрэ оҕото хороонтон быгыалаабат. Ийэ бөрө сүрэҕэ эмискэ күүскэ тэбэн кэллэ. Хороонугар сүүрэн киирэн көрбүтэ – оҕото суох. Ытыран кэлбит куобаҕын хорооҥҥо хааллараат, бөрө эрэйдээх соҕотох хаалбыт оҕотун сойбоппут икки атахтааҕы ир суолун ирдэһэргэ турунна. Мантан син тэйиччи сайылык баара. Бу сайыны быһа икки атахтаахтар онно мустан ахан биэрдилэр.

Саҥалара-иҥэлэрэ биир кэм өрө ньамалаһан олороро. Баҕайылар туохтара итэҕэс буолан, кини оҕотун ыллахтарай?  Бөрө эрэйдээх сайылык эргэ кыра дьиэтэ буруолуурун көрөн талах быыһыгар кирийэн сытта. Били кини хороонун таһыгар сылдьыбыт икки атах сыта манна кэлэн сүппүт. Ол аата кини оҕото манна баар.

***

Дьиэ иһигэр оһох иннигэр аҕамсыйбыт эр киһи уонна саас ортолоох дьахтар олороллор. Наһаар, бу туох буолан бөрө оҕотун манна аҕаллыҥ, ийэтэ кэлэн ирдэһэ сылдьыа…

Ээ, тулаайах сордоох ини, хорооҥҥо соҕотох этэ. Чугаһынан ийэтэ баара көстүбэтэҕэ. Көрүүй, барахсан бойбойон үкчү ыт оҕотун курдук. Ыт гына ылыахпытын сөп. Сэрэхтээх соҕус буолсу. Аныити кыракый уолбут Толик оонньуур ыт оҥостон үлбүрүйдэҕинэ, улахан булчут ыт тахсарын саарбахтыыбын.

Бөрө оҕото эрэйдээх ханна кэлбитин да ситэ өйдөөбөккө, сылааска тартаран, устунан утуйан хаалла. Наһаардаах Настаа уоллара иккитигэр барбыт кыракый Толик халыҥ кууркатын кэтэн дьиэ таһыгар оонньоон букунайа сырытта. Арай, тыа саҕатыгар саһан сытар бөрө кини оҕото киһи оҕотун уолчаан аттыгар сылдьарын көрдө. Кини манна уһуннук манаата. Ол тухары сүрэҕэ кыһыынан, абанан туолла. Икки атахтаах обургуттан хайдах оҕотун былдьаан куотарын санаан балачча сытта. Ийэтэ кэлбит сибикитин билэн, бөрө оҕото кулгааҕын, кутуругун хамсата-хамсата талахтар быыстарыгар түстэ. Толик бүдүрүйэн охто сыһа-сыһа, бөрө оҕотун ыҥыра-ыҥыра эмиэ талахтарга киирдэ.

Бу кэмҥэ Настаа тахсан уолун сүтүктээн: «Толиик, тоойуом, кээл» дии-дии ыҥырда. Эмискэ оҕо ытаан марылаабытыгар дьахтар олбуор таһынааҕы талахтарга туох эрэ барыҥныырын көрөн, төһө да дьулайдар,ийэ сүрэҕэ оҕотун туһугар туохтан куттаммыта баарай, талахтар кэннилэригэр биирдэ баар буолла. Кини иннигэр ийэ бөрө хаан өһөхтөөҕүнэн көрөн турара.

Арай аттыгар кини уолчаана бэркэ куттаммыт, ытаабыт сирэйдээх тоҥ сиргэ олороро. Ол быыһыгар, били кини кэргэнэ булан аҕалбыт бөрөтүн оҕото оонньуу сылдьара.

Дьахтар төһө да куттаннар, оҕотун бу адьырҕа аһыытыттан хайаатар да быыһаан ылыахтааҕын өйдөөбүтэ. Хаһан Наһаар дьиэттэн тахсыар диэри, бөрө кыыһырдаҕына кини Толигын биирдэ эрэ хабан кэбиһиэ… Тоҕо эрэ бөрө субу түһүөхчэ курдук аһыыларын килэтэн, дьахтары тобулу көрөн турбута. Оттон Толик «Ийээ» диэн ааттаспыттыы, тоҕо миигин көтөхпөккүн диэбиттии көрбүт уу-хаар баспыт харахтарын дьахтар аймана көрбүтэ. Настаа хайыыр да кыаҕа суоҕуттан, аны сыыһа хамсаннаҕына бөрө субу ыстаныах курдугуттан толло саныы-саныы, бөрөттөн маннык көрдөспүтэ: «Эн да ийэҕин, мин эмиэ ийэбин, оҕобун ийэ эрэ буолларгын тыытыма, ол кэриэтин сиир буоллаххына миигин сиэ….», диэбитэ. Ийэ бөрө балачча сүүһүн аннынан тобулу көрөн турбута. Онтон бэйэтин оҕотун арҕаһыттан ытыран баран, хара тыа диэки биирдэ субурус гынан хаалбыта. Толик бөрө бараатын кытта ытаан марылаабыта. Дьахтар субу айаҕынан тахсыах айылаах битиргэччи тэппит сүрэҕин туттубутунан уолугар саба сүүрэн тиийэн, ыга кууспута.

Ийэ… кыыл да ийэ буоллаҕа, атын ийэ оҕотун тоҕо тыытыай? Ийэ баар оҕотун туһугар кимнээҕэр да күүстээх, хорсун…

Сандаара КУЙААР

«Саха ыала» сыһыарыы архыыбыттан

+1
22
+1
1
+1
3
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2