1963 сыл сайыныгар Дьааҥы, Өймөкөөн уонна Томпо улуустарын тыатын уот сиэн, сир аһа үүммэккэ эһэ, тайах мэнээгэ саҕаламмыта.
Үөһээ Томпоҕо 80-ча, оттон Хаандыга, Саһыл, Мэҥэ Алдан нэһилиэктэринэн уонна Кириэс Халдьаайынан 29 эһэни өлөрбүттэрэ. Бөһүөлэктэр икки ардыларыгар дьону бырысыаптаах бөлөрүүс тыраахтарынан таһан, бултуурга харабыын сааны нэһилиэнньэҕэ түҥэтэн эҥин, айдаан бөҕө буолбут этэ.
Томпоҕо биир оҕолоноору сылдьар эбээн дьахтарын, Кириэс Халдьаайыга паарка таһынааҕы ычык ойуурга куобах туһаҕын көрө сылдьыбыт оҕонньору, оскуолаҕа баран иһэн эмиэ туһаҕын көрө тахсыбыт 6-с кылаас үөрэнээччитин эһэ тутан сиэбитэ. Сүппүт оҕону көрдүү тахсыбыт күргүөм дьонтон булчут Дмитрий Атаковы, 9-с кылаас үөрэнээччитин Ваня Саввины куйахаларын хайыта тардан, халтаһаларын саба тарыйан улаханнык бааһырдыбыта. Ваня уол чахчы кыанар буолан тыыннаах ордубут этэ. Доҕор оҕолоро эһэни көрөн, часкыһа-часкыһа куотан хаалбыттарын кэннэ, төһө эмэ илиитин хадьырыйтара-хадьырыйтара эһэни моонньуттан ылан бэйэтигэр тиэрдибэккэ киэр анньа сылдьыбыт — тыатааҕы сылайан барыар диэри. Ити алтынньы саҥатын эргин. Бу туһунан атын ааптардар балай эмэ суруйбуттара, онон хатылыы барбаппын.
Мин суруйар түбэлтэм атын. Кириэс Халдьаайыттан Ичигэс диэн сайыҥҥы ыанньык пиэрмэтэ уонна Уолба ходуһа бэркэ гыннар 4 биэрэстэ буолуохтара. Балаҕан ыйын ортотун эргин бостууктар сэрии бэтэрээнэ Петр Бравин (дьоҥҥо биллэр аата Дьөгүөппүй диэн) уонна Саввин (хас да ини-бииттэн биирдэстэрэ, аатын өйдөөбөппүн) ынахтарын Уолбаҕа мэччитэн баран, киэһэ ыамҥа төттөрү үүрэн кэлэн испиттэр. Бу истэхтэринэ ынахтара орулуу-орулуу суолтан туора ыстаҥалаһан тахсан мэнээк сырсыбыттар. Эдэр бостуук ынахтарын сырса сылдьан өйдөөн көрбүтэ, Дьөгүөппүй оҕонньор өй мэйдээх тулуйбат гына улаханнык хаһыыра-хаһыыра ыкса сүүрэн кэлбит, эһэни обургу соҕус мутугунан сирэйин-хараҕын быһыта сынньа сылдьар үһү.
“Миигин оннооҕор ньиэмэс, дьоппуон кыайан сиэбэтэҕэ, эгэ эн баҕас, эһэ сирэй, кэлэҥҥин сиэҥ дуо! Сопхуос баар-суох үүттээх ынаҕын синньин хайа тарпыт буола-буолаҕын! Бар, киэр буол, икки харахпар көстүмэ!”,– диэн хаһыылаах эбит. Оннук кырыктаах сыһыантан чаҕыйбыт эһэ кырдьык-хордьук ырдьыгыныы-ырдьыгыныы туора дьаадьыйан тахсан, улахан чөҥөчөк кэннинэн эргийэн тыаҕа тахсыбыт. Дьон кэпсээниттэн сирдэттэххэ, ити эһэ Кириэс Халдьаайыттан арахпакка сылдьан, ол дьону сиэтэлээбит буолуон сөп. Кэлин өлөрөн баран, тириитин сүлэ сылдьан көрдөхтөрүнэ, этин быыһа барыта кыймаҥнас үөн үһү. Ол иһин оскуола аттыгар Көһөн барбыт кыра күөл сыырын тэллэҕэр сэлээркэни кутан баран уматан кэбиспиттэр.
Оччотооҕу сопхуос салалтата бу хорсун Дьөгүөппүй оҕонньорго, судаарыстыба сүөһүтүн быыһаабытын иһин, туох эмэ махталы оҥорбута биллибэт. Аныгы кэм эбитэ буоллар, үөрдэ-көтүтэ хамнаһын саҕа харчы эбэтэр туох эмэ бэлэх сыыһа биэриэхтэрэ эбитэ буолуо.
Василий Степанов, тыыл бэтэрээнэ.