Күһүҥҥү тымныы тыал таас балыыһа сылайа санньыйбыт, ытыахча буолбут дьахтар харахтарыгар маарыҥныыр эргэ түннүктэригэр кэлэн иҥнэр. Уот, остуолба боруобаттарын ыйылата ыллатара, балыыһаҕа сытааччылар онто суох курус санааҕа ылларбыт, чуҥкуйбут санааларын аймыырдыы тыаһыыр. Арай ол тыастан ордук долгуйан, баҕар ким эмит кэлэн, тыалтан куттанан биэс этээстээх балыыһа түннүгүн анныгар өрө мыҥаан турара буолуо дии санаабыттыы, Дьууруй оҕонньор сэрэнэн саһара быһыытыйбыт маҥан түннүк сабыытын арыйан көрдө. Суох… Эмиэ ким да суох.
Оҕонньор кэлиҥҥи кэмҥэ ыарыыта бэргээн балыыһа киһитэ буолбута номнуо төрдүс ыйыгар барда. Дьиҥэ, дьиэтигэр да сытыа эбит да, уолаттара Дималаах Сергей буолумматахтара. Ол түөрт ый тухары улахан уолун Диматын кэргэнэ Алина кыыһынаан Дашулялыын кэлэ сылдьыбыттара. Кыра уол Сергей улахан тэрилтэҕэ экономиһынан киирбитэ, кэргэнэ Вика куорат дьаһалтатыгар сэкирэтээрдиир.
Дьууруй оҕонньор сааһын тухары салайар үлҕэ үлэлээн, дойдум туһа диэн киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн, ыраах сирдэринэн ыырданан, Саха сирэ, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар улахан өҥөлөөх киһи этэ. Кэргэнинээн Зиналыын барыта холбоон 30-тан тахса сыл бииргэ олорбуттара. Кэлин оҕолоро улаатыылара куоракка көһөн киирэн баран, Зината олус ыарытыйар буолбута. Оҕолоро устудьуоннуур, үөрэнэр сылларыгар күн сириттэн күрэммитэ олус соһумар этэ. Дьууруй, оччолорго Юрий Васильевич, атыттар курдук аһыы утахха умсубатаҕа. Төһө да кута-сүрэ айманнар, дууһата туоххаһыйдар, оҕолорум туһа диэн үлэлии-хамсыы сылдьаахтаабыта. Ол курдук 5-6 сыл соҕотох сылдьан баран, сэҥээрээччи да үгүһүттэн буолуо, баҕар үлэһит, сэнэх киһи диэн да буолуо, соҕотох дьахталлар көстүтэлээбиттэрэ. Сорохтор ыал буолаары туруммуттара. Чахчы, Дьууруй биир дьахтары олус сөбүлээбитэ. Олус да буолан, биллэн турар Зинатыгар тэҥнэһэр арааһа суоҕа буолуо. Зина барахсан хааман-сиимэн, саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан ким баҕарар үрэҕин уулларыах курдуга. Хата, оччолорго Дьууруй биир эр бэрдин быһа түһэн Зинатын кэргэн ылбыттаах. Оо олох, тоҕо баҕас түргэнэй, саҥа олорон эрэр курдуктара. Оҕолоноот да сыллар-хонуктар биллибэккэ ааһаллар. Арай, балыыһаҕа сыппыта түөрт ый ааспыт да, бу Зинатынаан олорбут 30-тан тахса сылларынааҕар уһун курдуктар.
Дьэ, ол курдук Дьууруй 60 сааһыгар биир дьахтары сэҥээрэ көрбүтэ. Ол дьахтар бэйэтэ 50-н лаппа ааспыт огдообо этэ. Дьууруй уолаттара үөрэхтэрин бүтэрэн, ыал буолан, дьиэлэнэн-уоттанан туспа олороллоро. Ол дьахтарыныын кырдьар сааска саатар чэй иһэргэ диэн бииргэ олорорго быһаарыммыттара. Бу үөрүүлээх түгэнин сырдатаары, Дьууруй биир хостоох таас кыбартыыратыгар оҕолорун ыҥыртаабыта. Димата Алинатынаан саҥа ылбыт иномаркаларыгар тиэллэн, оттон Сергейдээх Вика таксинан кэлбиттэрэ. Дьэ, аҕабыт туохха ыҥырбыт эбитий диэбиттии, уолаттар кэргэттэрин кытта дьиэҕэ киирээт, билбэт сааһыра барбыт дьахтардара иһит тарда, ас бэлэмнии сылдьарын көрөн саҥата суох аан чанчыгар турбуттара.
— Сэрэйбит сэрэх, оҕонньорбут кырдьан баран кылыыһыт буолбут, — диэн улахан уол Дима иһигэр ботугураабытын кыра уол хабан ылан:
— Хайа, сыбаайба буоларын эппэккэҕин таах бэлэҕэ суох кэлбиппит дуу, — диэтэ. Итинник аан боруогуттан хатыылаах тыллары саҥарыахтара дии санаабатах аҕалара хаалтыһын баана туран нук буолбут илиилэринэн хаалтыһын ситэри бааммакка, хос муннугар турбут кыракый кириэһилэҕэ «лах» гына олоро түстэ.
— Бардыбыт Дима, аҕабыт биир хостоох кыбартыыратын хаалларар киһитин булбут эбит, — диэн Алина уокка арыы кутан биэрдэ.
— Биһиги эмиэ, манна тугу да гынарбыт суох, — диэн куоратымсыйа сатаабыт Вика чубугураата. Уолаттар ийэлэрин кэриэстииллэрэ оруннааҕа эрээри, киһи кэлэйиэҕэ тугу да оҥорбута биллибэт аҕаларын дьиэтин аанын аһаҕас хаалларан утуу-субуу тахсан барыталаабыттара. Ийэ сырдык мөссүөнүн кэриэстээһин дуу, биитэр биир хостоох таас дьиэни харыһыйыы эбитэ дуу, уолаттар да тугу гыммыттарын ситэ өйдөөбөккө, аҕабытын хомоттубут диэн сыныйан көрбөккө барбыттарыттан, аҕалара улаханнык хомойбута… Оттон ол биир хостоох дьиэ ананыахтаах дьахтара, оҕолоруҥ сөбүлээбэттэр эбит диэн бэйэтин дьиэтигэр төннүбүтэ. Үтүрүм-хатырым көрсөллөрө эрээри, кэлин сааһырыы чугаһаан, кэлэр-барар ыараан көрсүбэтэхтэрэ да ыраатта. Ол күнтэн Дьууруй сүрэҕэ ыалдьар. Сотору-сотору бүрүүстүптэнэрин иһин оҕолоро балыыһаҕа киллэрбиттэрэ . Биир хостоох таас дьиэ куортамҥа харчы оҥорор. Ыйын ахсын 15 тыһыынчаны тысхайар. Хайа, ол харчынан Дьууруй бэйэтэ аһыыр-таҥнар, ас-таҥас ыарахан диэн биир кэм Вика Алинаҕа төлөпүөн нөҥүө нөҥүө үҥсэргээбиттии кэпсиир. Оттон оҕонньор биэнсийэтэ хараҕар да көстүбэккэ сиэннэр, оҕолор тутталларыгар, ол-бу таҥаска-сапка бара турар. Дьууруй биир да сиэнэ сахалыы кыайан саҥарбат. Эһээлэрин көрөн куттанан чугаһаабаттар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ Дьууруй саҥата-иҥэтэ аччаан, палатаҕа бииргэ сытар да дьонунуун сэлэспэт буолла. Кырдьык-хордьук балыыһаҕа киирэригэр кэпсэтэ туруохпут диэн суотабай төлөпүөн биэрбиттэрэ да, ким да харчы укпат буолан ханна да эрийэн тахсыбат буолбута иккис ыйыгар барда. Бу кэриэтин төрүт да соҕотох эбитэ буоллар диэн кытаанах санаалар оҕонньор өйүгэр кииритэлииллэрэ. Ол ааспыкка, Алина кыыһынаан Дашулялыын кэлэн баран кефир уонна икки устуука булочка аҕалбыттара. Сиэнэ кыыс эһэтигэр аат-харата чугаһаан: «Деда» диэбитигэр оҕонньор уйадыйан сыллаан ылаахтаабыта. Алина төрүкү тоҥкуруун. Оннооҕор саҥа билсэ кэлэ сылдьан сүгүн-саҕын эппиэттээбэккэ араас буолуталыыра, ону ол диэбэккэ, Димата кэргэн ылбыта. Улахан уола сыбаайбалыырыгар оҕонньор бэркэ сүүрбүтэ-көппүтэ. Саатар сыбаайба тыа сиригэр эбитэ буоллар син бары саба тутуохтарын сөбө, онуоха номнуо куоракка олохсуйбут дьон куоракка эрэ оҥороллоро сатаныах курдуга. Ол да буоллар, улахан уолугар сыбаайба тэрийэн ньиргиппитэ. Кыра уола ыал буоларыгар эмиэ биир оннук этэ. Ол манньата, бэйэтэ олоҕун оҥостоору гыммытыгар сөбүлээбэккэлэр бу буола сырыттаҕа. Саатар икки нэдиэлэҕэ биирдэ көрсөн бараллара баҕалаах. Эмиэ да үлэлэриттэн соло булбаттара буолуо. Оҕолорун оскуолата, детсадтара. Төһөнөн улааталлар да кыһалҕалара элбиир эбит. Дьууруй палатаҕа сытар дьоннорун уһугуннарымаары оргууй үктэнэн оронугар кэлэн сытта. Онуоха аттыгар уһуктаҕас сыппыт Сарыал диэн 20-чэлээх уол:
— Юрий Васильевич, ыарырҕаппат буоллаххына туохта эмит кэпсээ эрэ,- диэн оҕонньортон көрдөһө былаан саҥарда.
— Хайа тоойуом, уһуктаҕас эбиккин дуу… Ол тугу кэпсиэмий мин инним кылгаабыт, кэнним уһаабыт киһи…
— Оттон бэйэҥ олоҕун эҥин туһунан…
— Олоҕум туһунан дуо? Мин олоҕум атыттартан уратыта соччо суоҕа буолуо. Оҕолордоох-уруулардаах киһи буоллаҕым. Олорбутум тухары улахан аһыым диэн таптыыр кэргэммин Зинабын сүтэриим… Оҕонньор хараҕын симэн сытан аргыый наллаан кэпсии сытта.
— Оҕолорум, уолаттарым иккиэн үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлээх-хамнастаах дьон, күн солото суохтар. Үс сиэннээхпин. Сиэннэрим нууччалыы детсадка сылдьар буоланнар сахалыы билбэттэр. Чэ, этэҥҥэ эрэ сырыттыннар. Тоойуом, киһи ыал буолла да тыыннааҕын тухары оҕолорун эрэ туһугар олорор. Оттон кырдьар сааһыгар… Оҕонньор ситэ кэпсээбэккэ бөтөн ылла.
— Тыый, Юрий Васильевич, туох буоллуҥ? – Сарыал оҕонньору аһынан, соһуйан ыйытта.
— Ээ, бэйэм… Оҕолорбуттан хомойобун ээ, тоойуом.
— Туохтан?
— Баҕар бэйэм сыыһалааҕым буолуо, сатаан ииппэтэх… Улаатар саастарыгар куоракка аҕалтааммын олус бэйэмсэх буола улааппыттар дуу, хайдах.
Тыаҕа бултаан-алтаан, үлэҕэ миккиллэн улааппыттара буоллар атын буолуохтара эбитэ буолуо. Бэйэм олус ыарахан оҕо саастаах буоламмын олус атаахтаппыт буруйдаахпын. Дьиҥэ, уол оҕону кытаанахтык иитэр ордук эбит. Баҕар, кыыс оҕолооҕум буоллар көрүө-истиэ эбитэ буолуо. Кыыс оҕо ордук чугас, амарах буолар дииллэр. Кийииттэрим иккиэн куорат оҕолоро. Атаахтара диэн сүр. Чэ, ол бэйэлэрин олохторо. Билигин балыыһаттан этэҥҥэ буолан таҕыстахпына, улахан уолбар барарым буолуо. Дьиэм куортамҥа турар үһү. Үс ый кинилэргэ олороору сөп буолбутум. Ыалдьыттара да элбэҕэ. Били, иккистээн кэргэн ыла сыспытым кэнниттэн сирэй-харах анньаллара этэ ээ, оҕолорум. «Ийэбитин кэриэстээбэккэҕин, таах кыбартыыраҕын билбэт дьахтарыҥ оҕолоругар анаарыгын», — дэтэлиир буолбуттара. Ордук кийиит Алина чааскыны тыастаахтык ууруута, сиэн кыыспын Дашуляны чугаһата сатаабакка араас буолуута барыта сүрэхпин хатыылаахтык таарыйбыттара. Аны кыра уолбар олоруохпун эһээхэйдээх буоланнар икки хостоох дьиэҕэ мэһэйдэтэллэр этэ. Туспа барыахпын таах соҕотох эрээри биир кыбартыыраны баһылаан олоруоҥ дуо диэн сөбүлээбэтэхтэрэ. Дьэ ити курдук. Дьууруй үөһээ тыынна. Сарыал оҕонньору олус аһынна, хайдах эрэ ыраах улууска хаалбыт эһэтэ оҕонньору санаан ылла. Кини эһэтэ Дьөгүөр, сааһын тухары кадровай булчутунан үлэлээн айаҕын ииттэн олорбута. Сарыал сайыннары, кыһыннары эһээтигэр олороро. Кэлин улаатан үөрэххэ киирэн тэйбитэ. Ону да кыһыҥҥы каникулугар дойдутугар тиийдэҕинэ, эһээтиттэн атыҥҥа тиийбэт. Тулаайах буолан саамай көрбүт-истибит, атаҕар туруорбут киһитэ эһээтэ. Оттон бу Дьууруй эрэйдээх куорат мааны оҕонньоро, арай үрдүк дуоһунаска үлэлиир икки уоллаах, сиэннэрдээх. Оҕолоро дьиэлээхтэр, ыал буолан ньир-бааччы олороллор. Дьууруй бэйэтэ эмиэ дьиэлээх. Ол эрээри оҕонньор соҕотох, истиҥ сыһыан, таптал тиийбэт.
Сарыал балыыһаҕа сыппыта 10-ча хонно. Ол тухары оҕонньордуун бэркэ бодоруста. Хайдах эрэ эһээтигэр маарыҥната саныыр.
Сарсыарда, күнүс бииргэ аһыыллар. Иккиэннэригэр да дьиэ аһа кэлбэт, онон балыыһа хааһытынан муҥурданаллар.
Биир түүн оҕонньор түһээн кэргэнин Зинаны көрдө. Кэргэнэ сып-сылаас бэрэскилэри буһаран таас иһиккэ ууран остуолга ыҥырар. Сарсыарда оҕонньор хайдах эрэ сылаас бэрэски сиэн баҕаран, ыксаан Сарыал телефонуттан улахан уолугар төлөпүөннээтэ. Дима үлэтигэр олорор буолан тоҥуй соҕустук кэпсэттэ. Оҕонньор уолуттан көрдөһөрдүү сылаас бэрэски туһунан быктарбытыгар уола: «Алине скажу, приготовит, ладно, я спешу», — диэт турупканы арааран кэбистэ. Оҕонньор сирэйгэ оҕустарбыттыы ах барда. Уола киниттэн аҕатын доруобуйатын, хайдах балыыһаҕа сытарын тугу даҕаны сураспата…Төрөппүт оҕо…
Ол кэннэ 20-чэ күн ааста. Бэрэски умнуллубута. Сарыал балыыһаттан тахсыбыта. Ол да буоллар оҕонньорго кэлэ сылдьар буолбута. Биир күн Сарыал оҕонньорго биэс устуука сылаас эт бэрэскитин атыылаһан аҕалбыта. Палатаҕа киирээри бахила кэтэ турдаҕына, били балыыһаҕа сыттаҕына кэпсэтэр сиэстэрэ кыыһа кэлэн: «Юрий Васильевичка кэлээхтээтиҥ дуо?», — диэн аһыммыттыы ыйыппыта.
— Киниэхэ, бэрэски аҕаллым.
— Юрий Васильевич бу сарсыарда… суох буолбута… Уолаттарыгар телефоннаан биллэр, — диэбитэ.
Сарыал чочумча саҥата суох турбута, онтон аҕалбыт бэрэскилэрин ыскамыайкаҕа уураат, оҕонньор кэпсээбитин өйдөөн халбытынан, оҕонньор улахан уола үлэлиир тэрилтэтигэр сүүрбүтэ. Сиэркилэ таас курдук улахан дьиэ иккис этээһигэр Дмитрий Юрьевич кофе иһэ олороро. Билбэт уола киирэн уу-хаар баспыт харахтарынан кэлэйбиттии көрөн турарын дьиибэргээбиттии көрбүтэ. Онуоха уолчаан: «Юрий Васильевич аны суох, бу сарсыарда….», — диэн а5алара оҕонньор олохтон барбытын кэпсээбитэ.
Дмитрий Юрьевич балыыһаҕа тиийэн, киирэр аан таһынааҕы ыскамыайкаҕа сытар биэс устуука бэрэскини көрөн хайдах эрэ эмискэ аҕатын көрдөһүүтүн санаан кэлбитэ. Кэргэнигэр бэрэскитэ буһараар диэбитигэр, ол күн массажка барар буолан аккаастаабыта. Ытык иэс диэн өйдөбүл номнуо өлбөөдүйдэҕэ дуу… Ол кэмҥэ били аҕаларын дьиэтин куортамнаан олорор киһи төлөпүөннээн уу кыраана алдьаммытын эппитэ. Урут куортам харчытын ылыҥ диэн төлөпүөннээтэхтэринэ, Дима массыынатыгар олороот тута тиийэрэ. Оттон оҕонньор бүтэһик, хаһан баҕарар, хайдах баҕарар туолар быыкаайык көрдөһүүтүн толорботох буруйдаахтар оҕолоро бааллар. Бэрэски…Итии, сылаас, саҥа буспут бэрэскилэр, тоҕо кыаллыбатахтара буолла…