Илин Хаҥалас, Наахара киhитэ кэпсиир… Наахараҕа кырдал анныгар саҥа хараас туппуттар үhү, ол саҕана хараас сэбиэдиссэйэ түүн хонор харабыл киhитин «мэлдьи арыгылыыгын, кур итирик сылдьаҕын, харааскын сүгүн-саҕын көрбөккүн-истибэккин” дии-дии мөҥөр-этэр, үтэр-анньар эбит. Оттон харабыла, дьэ миигин кытары ол харааскар хонон боруобалаан көр, ол кэннэ сирэй-харах анньаар диэн төттөрү баайсар эбит.
Сааhыары сэбиэдиссэй быраата уол аармыйаттан тиийэн кэлбит. Сэбиэдиссэй, дьэ, быраата кэлбитин бэлиэтии, сэhэргэhэ таарыйа, харааска баран хонор буолбуттар. Үһүө буолан түүн үөһүгэр диэри аҕалбыт бытыылкаларын иhэ-иhэ сэhэн-тэппэн бөҕө буола олорбуттар. Бу олордохторуна массыына киирэр улахан аана бэрт куһаҕаннык хаахынаан арыллан барбыт. Бары соhуйан ах барбыттар. Соһуйаллара да оруннаах курдук эбит, улахан ааннара иhиттэн мээнэ киһи кыайан төлөрүппэт олуурдаах, ааҥҥа самсыы оҥоhуллубут киhи киирэр кыра аана хатыылаах. Онтон атын харааска киирэр үүт-хайаҕас барыта ыбылы бүөлэнэн, хатанан турбут.
“Бай, тоҕо дьиктитэй! Бу тугуй” диэн буолбуттар. Харабыл оҕонньор оннооҕор буолуоҕу көрөн кэлбит киһи сиэринэн сонньуйбут, күлэ-күлэ дьонун көрүтэлээбит. Дьоммут кыра, үгэх хаптаhын хоско олорбуттар, дьэ сэмээр тыас иhиллээhинэ буолбут. Арай иhиттэхтэринэ, ким эрэ нэhиилэ сурдурҕаан тыынара, сыгынньах атах тыаhа сырдыргыыра уонна туох эрэ тимир кылыгырыыра иhиллэр үһү. Чочумча буолан баран тыас хосторун ааныгар тиийэн кэлбит. Куттаныы-долгуйуу буолбут, олох тыыммакка да кэтэhэн олорбуттар. Онтон били аармыйаттан кэлбит уоллара ааны сэгэппит.
Көрбүттэрэ, арай, тырыттан хаалбыт уhун суппуун сонноох, атах сыгынньах, онтугар тимир хандалылаах, бар бытык буолбут, сүрдээх дьүдьэх дьүһүннээх нуучча киhитэ турар эбит. Тугу эрэ саҥараары айаҕын хамсата сатыыр да, дорҕоон тахсыбат, кыыкыныыр эрэ үhү. Киhилэрэ балай эмэ турбахтыы түhэн баран, аа-дьуо эргиллэн тахсан барбыт. Дьоммут сэрэнэн кэнниттэн батыhан таhырдьа тахсыбыттар, киhилэрэ чугас харааhы өҥөйөн турар кырдалга тахсан сүтэн хаалбыт. Хараас үлэһиттэрэ, тиийэннэр сүппүт сиригэр бэлиэ мас анньан кэбиспиттэр. Сир ирбитин, хаар ууллубутун кэннэ, ол бэлиэ сирдэрин хаhаннар, бэрт чычаас сиртэн киhи кырамтатын хостоон таhаарбыттар, атаҕар били хандалыта сылдьар үhү. Былыр ыраахтааҕы саҕана илин диэки хаатыргаҕа үүрүллэн иhэн охтубут киhи өлүгүн суолтатыгар эрэ көмпүтэ буолан буорунан үрдүнэн тарыйан кэбиспиттэр. Сэрэйдэххэ, ол өлүк үөрэ харайыы ирдээн дьоҥҥо биллэр буолуон сөп эбит. Киhилии харайбыттарын кэннэ, тааhы ууга бырахпыт курдук сүппүт, көстүбэт буолбут үhү…
Мэхээлэ