КЭПСЭЭН: Эһэкээн биэрдэҕинэ

Ааптар:  Максим Ксенофонтов
06.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Ахсынньы ый үүммүтэ. Айталыын субуотаҕа бултуу тахсарга былааннанан, жакаан буулдьанан уон иккилээх ботуруону ииттибитэ. Гильзатын фаскатын үрдүнэн маҥан сабынан эрийбитэ: ТОЗ-57 саатын ботуруонньугар гильза аhара иhирдьэ киирэн эпчиэстиир этэ. Арай, итинник, сабынан эрийэн, «тупсардахха» эрэ, тута эстэрэ. Ботуруон ииттэ олорон, Айталыын оҕо сылдьан (7-с кылааhы тахсыбыт сайыныгар) аан бастаан тайаҕы кɵрбүтүн санаан кэллэ.

Убайын Махсыымы кытта атырдьах ыйын ортотугар матасыыкылынан кустуу баран испиттэрэ. Анабы диэн улахан күɵл аттынааҕы күл ууларын кɵрɵр былааннаахтара. Ɵктɵɵп Маарын ааспыттара. Анабы мантан аҕыйах биэрэстэ. Ойуур иhинэн баран истэхтэринэ биир толоон эҥэлдьийэн кɵстүбүтэ. Толоон уҥуор туох эрэ, күрэҥниҥи ɵҥнɵɵх турар этэ.

-Ынах сылдьар, — Айталыын убайыгар эппитэ. Убайа уҥа диэки хайыhан толоон ортотугар кыра чоҥолох уу кытыытыгар турар кыылы кɵрбүтэ уонна: -Сылгы ини, бачча ыраах туох ынаҕа кэлиэй? – диэбитэ. Онтон уолаттар тэҥинэн: -Тайах! – диэн саҥа аллайбыттара. Махсыым туормастаабыта. Матасыыкылын умулларбыта. Чуумпу сатыылаабыта. Хата, бɵлкɵй талах кэннигэр тохтообуттара. Тайах, кинилэргэ кыhаллыбакка, тɵбɵтүн ууга уган, тугу эрэ сии турара. Уолаттар кыратык сүбэлэспиттэрэ уонна бэрэчииннэй быhаҕынан хотуобай ботуруону быhан, онон «ытан ыларга» былааннаммыттара. Кумааҕы гильзалаах ботуруоннары быhаттаан сааларын ииттибиттэрэ уонна талахтарга хаххаланан, үɵмэн киирбиттэрэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэ устата, тохтоон, сэрэнэн ɵндɵйɵн, тайахтара турарын кɵрɵн ыла-ыла, алта уонча хаамыыга диэри чугаhаабыттара. Сыт ылбыта дуу, тыастарын истибитэ эбитэ дуу, туохтан эрэ сибиэркээбит тайах ууттан тахсаары батыччахтыыр тыаhа иhиллибитэ. Айталыыннаах Махсыым ойон турбуттара. Тайах тыа диэки сүүрэн атаралаабыта. Уолаттар ытыалаан баhырҕаппыттара. Кыыллара тохтооботоҕо, сүүрэ турбута. Баран, суоллаан кɵрбүттэрэ түү да, хаан да тохтубут суола суоҕа. Бэркиhээн, хаттаан ботуруон быhан, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ хаhыат лииhин чиэппэрин ыйаан, сыал ытан кɵрбүттэрэ. Па! Отой да сүнньүɵхтүү түспэт эбит, аҕыйах доробуунньа суола эрэ баара: ыhыллан хаалар эбит. Итиччэтигэр, алта уон хаамыылаах сиртэн биир эмэ доробуунньа таппыт да буоллаҕына, тириитигэр эрэ хатанна ини. Киэhэ сүүрбэччэ кустаах дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Дьонноругар тайаҕы куоттарбыттарын туhунан кэпсээбиттэрэ.

Биэстээх балтылара куукулатын саhархай баттаҕын тарыы олорон, тайаҕы аhынан: -Бардын ээ! – диэбитэ. Аҕалара хаҥас илиитинэн хойуу, хара баттаҕын ɵрɵ ньиккэрийбитэ: -Кэрчиэс дуу, сүнньүɵх дуу укта сылдьыаххытын наада эбит. Син тэйиччинэн сылдьан «сир кɵрɵҕүт» дии. Эhэ-бɵрɵ дуу, бэдэр-сиэгэн дуу түбэстин? Ийэлэрэ уолаттарын кэпсээниттэн хомойбут курдуга. Еля аатырбыт булчут убайдардааҕа. Сэрии, сут сылларыгар улахан убайа Куонаан Ньукулай, оччолорго орто сүhүɵх оскуола оҕото, бултаан аhатан дьоно хоргуйбатахтарын ɵрүү кэпсиирэ. Ньукулай күнлү түүлээҕи судаарыстыбаҕа туттаран, бэhис кылааска үɵрэнэ сылдьан Бочуот Кырааматанан наҕараадаламмыт. Тайах бɵҕɵнү бултаан, Нɵɵлбүктэ дьонун үрүҥ тыыннарын ɵллɵйдɵɵбүт. Дьэлиэнэ атын убайдара: Мэхээ, Сэмэн, Соппуруон эмиэ тыаhыт бастыҥнара этилэр. Эдьиийин Ааныска кэргэнэ, күтүɵттэрэ Уйбаан Маппыайап, эмиэ ааттаах булчут этэ. Еля сурдьулара Борокуоппай уонна Куока эмиэ булчут, балыксыт бэртэрэ буолбуттара. -Убайым Ньукулай итинник, толооҥҥо аараан турар тайахха түбэспитэ буоллар, бултуо этэ, — диэбитэ ийэлэрэ. -Хайдах? – уолаттара тэҥинэн ыйыппыттара. -Доробуунньатын ɵрбɵххɵ суулаан, буулдьа оҥорон ытыа этэ, — ийэлэрэ быhаарбыта. -Биhиги да инньэ гыммаккабыт!- Айталыын абаккарбыта, — сɵрүɵскэбититтэн хайа тардан ылан, доробуунньабытын суулаабыппыт буоллар… -Ыксал этэ. «Кумааҕы ботуруону быhан баран ыттахха, сүнньүɵхтүү баран түhэр» диэн Сэдээлиhэп Балыарый кэпсээччи. Ону саныы биэрбитим, — Махсыым эппитэ. Итинник, бастакы кɵрбүт тайаҕын саныы олорон, бэтэринээр уол түɵрт сүнньүɵҕү иитэн, сабынан баайан эпчиэскэлээбэт гына бэлэмнээн баран батарантааhыгар уктубута. «Барс» харабыынын илдьэ сылдьыа этэ да, уларга түбэстэҕинэ доруоп ордук. Улары кɵрдɵхтɵрүнэ ыттара аргыый, наллаан, тохтуу-тохтуу үрээччилэр. Кииhи таhаардахтарына ыксаабыттыы, тохтоло суох моргуйааччылар. Оhох иннигэр, муостаҕа, саhархай ɵҥнɵɵх, эмаала хас да сиринэн хоҥнубут, эргэ кɵстүрүүлэҕэ турар, улар куртаҕын, очоҕоhун эбэн буhарбыт хааhыта сойбутун кɵрɵн. таhааран ыттарын иhиттэригэр кутан биэрбитэ. Мухтаардаах Баhырҕас маннык, «с глухариными потрошками», хааhыны сɵбүлээн сииллэрэ. Сарсыныгар Берёзовкаттан икки кɵстɵɵх сиргэ ыттара икки тайаҕы тохтоппуттара. Атыырдаах тыhы тайах ыттарга аралдьыйан, булчут чугаhаабытын билбэтэхтэрэ. «Сүнньүɵх ииттибитим да үчүгэй эбит. Баай Барылаах бачча маанылаабытын, «кыталыктатан» кɵрүɵххэ! — бэтэринээр уол, саа ылар сиригэр киирэн, бɵдɵҥ тыhы тайаҕы агдатын туhулаан, кынчайа туран санаабыта. – Иккиэннэрин манна охтордохпуна, сыралаhан туран астыыhыбын. Сатахха, бу дойду тайаҕа баараҕайа, аарымата бɵҕɵ. Дойду сир тайаҕа, саамай улахана 4-5 сэнтиниэр буолара дуу, суоҕа дуу? Yнүр биригэрдьиир Тээкэ Тэрэппиин охторбут кыыла алта сүүс биэс уонча киилэ баар диэн кэпсэтэллэрэ, хонтуораҕа». Итинник санаалар чаҕылҕанныы элэҥнээн ааспыттара. Холун кэннинэн кыҥаат, элбэрээгин тарпыта. Саата эстэн түптэлэнээтин кытта тыhы тайах кэнники атахтара ньаачас гына түспүтүн, онтон олорон иhэн хаҥас ойоҕоhунан охтубутун кɵрбүтэ. Ыттар атыыр тайаҕы тула сүүрэ сылдьан үрбүттэрэ. Иккис уоhунан кыылы арҕаhын туhулаан ыппыта. Таппытын-сыыспытын билбэтэҕэ. Икки хаалбыт сүнньүɵхтэринэн ɵссɵ ыппыта. Тайах таптарбыта эрээри, охтубатаҕа. Бааhыран, кыыла турбут этэ. Булчуту кɵрбүтэ уонна утары ыстаммыта. Мухтаар кыыл сырайыгар ыстана-ыстана үрэрэ да, харсыттан тахсыбыт тайах, тɵбɵтүн илгистэ-илгистэ, илин атахтарын туйахтарынан сыыhа-халты табыйара. Баhырҕас борбуйугар олорсо сылдьарыгар кыhаммат этэ. Ытыллыбыт гильзаларын ылан быраҕаттаат, Айталыын доробуунньалаах ботуруоннары уктубута. Ол эрэн бу «бэлэмэ суох», сабынан эриллибэтэх иитиилэр этэ. Хааннааҕынан хаhылыччы кɵрбүт тайах отой чугаhаабыта. Уонча эрэ миэтэрэ хаалбыта. Уол, субу кэлбит кыылы туhулаан сомуоктарын тардыалаабыта, саата иккитэ эпчиэскэлээн чаллырҕаабыта! Саатар, хаххаланыаҕын, туундара ойууругар бɵдɵҥ мас суоҕа. Быыhанар суол суохха дылы буолбута. «Дьэ! Саам луоhунан киирсиэм!» — булчут уол итийбит чабырҕайыгар дохсун санаа чаҕылыҥнаабыта. Мухтаар, иччитин кɵмүскээн, тайахха утары түhүɵлүүрэ. Бугуhуйбут кыыл сылаас паарынан бууhурҕаччы тыына-тыына ыты кытта охсуhан аралдьыйан ылар кэмигэр Айталыын саатын сомуоктарын туруортаабыта. Лɵкɵй уонна булчут икки ардылара үс-түɵрт эрэ хаамыы этэ. Тɵбɵтүн кыҥаат, инники куруогун тардыбыта. Саата, хата, эстэн дэлби ыстаммыта! Тайах, күүстээх апперкот охсууга киирэн биэрбит боксуор курдук, тɵбɵтɵ «туллах» гыммыта. Улаханнык туймаарбыт кыыл, эргиллэн, ойуур иhин диэки бара турбута. Булчут кɵрбүтэ, биир сүнньүɵҕэ кыыл агдатын курдары ааспыт этэ: бааhыттан сырдык хаан сүүрэрэ. «Тыҥатын таарыйтарбыт, ыраатыа суох», — Айталыын үɵрэ санаабыта. Тыын ылан, уоскуйан баран, уол хас да ботуруон фаскатын таhынан сабынан эрийэн бэлэмнээбитэ. Сынан сытар бастакы тайаҕар тиийэн, тирээн туран ытан, салҕаабыта. Тута эттээн, астаан барбыта. Дьакаан буулдьата кыыл тааhын уҥуоҕун хампы кɵппүт этэ. «Оок, туох ааттаах туора тэппитэй – холун кыҥаабытым, кэлин ɵттүгэр түспүт! Адьас биир миэтэрэни туора тэппит! Устубуолум холуоккаҕа олорор сиринэн люфтаммыт быhыылаах. Эбэтэр, сомуокпун эмискэ тардаммын, туора «саайбыта» дуу?» — дии санаабыта булчут. Ыттара биэрэстэ аҥаарыттан эрэ ордук сиргэ үрэллэрин истэ-истэ, кыылын астаан бүтэрбитэ. Биир чаас ааhа охсубут этэ. Халлаан хараҥаран эрэрэ. Ыттар биир сиргэ моргуйалларыттан сылыктаатахха, тайах барар кыаҕыттан тахсан, тохтообут быhыылааҕа. Айталыын, ɵссɵ түɵрт ботуруону сабынан баайбыта уонна ыттар үрэр саҥаларын хоту барбыта. Тиийиэҕэр диэри ɵссɵ хараҥарбыта. Лɵкɵй хамсаабакка турара, ыттар үрэллэригэр кыhаммат этэ. Уол, чугаhаан кэлэн, кулгааҕын үүтүгэр ытан охторбута. Ыттара саба түhэн, ытыра-ытыра тардыалаан кыыл түүтүн бурҕаҥнаппыттара. Айталыын хаппыт мас тоhутан аҕалан кулуhун оттубута. Хаппыт амынньыар буруотун сыта тула тарҕаабыта. Уот сырдыгар кыылын астаабыта. «Куукул илдьэ сылдьыбытым буоллар, манна хонон баран, сарсыарда эт сүгэн барыа эбиппин». – дии санаабыта. Мухтаардаах Баhырҕас тайах иhиттэн, быарыттан сиэн, тотон, астынан, салбанан кэбиhэ-кэбиhэ хаарга сыталлара. Кутаа тɵлɵнүгэр харахтара чаҕылыҥнаhаллара. Айталыын уокка тайах этиттэн үтэн сиэн, сэниэ эбиммит, хочулуогар хаар уулларан иhэн, утаҕын ханнарбыт киhи быhыытынан, ыттарын ыҥыран, үрүссээгэр бɵhүйбүт эт уктан, сулустарынан сирдэтэн дьиэлээбитэ.

Бɵhүɵлэккэ кэлэригэр сарсыарда буолан эрэрэ. Ити быhылааннаах сырыы кэнниттэн эдэр булчут саатын ɵрɵмүɵннэммитэ: дьалкыйбат гына үттэнэн кɵннɵрɵн биэрбитэ. Кыылы таптахха быhытталанан, түɵрт аҥыы хайа ыстанар буулдьаны толкуйдаан, сибиниэhинэн кутан оҥорбута. Сыал ытан кɵрбүтэ. Буулдьата иккилээх бэс хаптаhыны хайа тэбэн тахсыбытыттан астынан, хас да буулдьаны оҥорбута. Саҥа саа булуммута. Улардыы сылдьан «улахаҥҥа» түбэстэҕинэ холкутук бултаhар кыахтаммыта.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2