КЭПСЭЭН: Эбээ дьиктилээх оонньуура

31.12.2023
Бөлөххө киир:
Люция Бурцева хаартыската.

– Эбээ, харыйатын оонньуурдара бэйэтин курдук наһаа эргэлэр! – Ньургуйаана кыыс эбээтигэр күүлэйдии кэлэ сылдьан, оруо маһы ортотунан  саҥалаах буолла.

– Өссө былыргы сыт­таах диэриий… – аны игирэтин аҥаа­ра Ньургун да хаалсыбакка, уокка арыыны кутан биэрдэ.

– Ээ бу оҕолор хайдах буол­лугут? Эбээҕитин хомотоору гынныгыт. Тохтооҥ эрэ, ону баара эһиги манна ыалдьыттыы сылдьаҕыт, – диэн аҕалара буойда.

– Оттон кырдьыгы этэбин буолбатах дуо? Билигин маннык оонньуурдар вообще не в тренде. Киһи күлүөх оонньуурдар, – диэн Ньургуйаана биир таас оонньууру илиититтэн мүччү тутан кэбиһэн, аны  дьонун диэки куттаммыттыы көрдө.

Сотору эбээлэрэ сиэннэрин чуопчаарар саҥаларын истэн хоһуттан аргыый аҕай тахсан кэллэ. Мэлдьи буоларын курдук, сиэннэрин ып-ыраас харахтарынан  имэрийэ көрдө уонна биир-биир сыллата­лаан ылла. Кырааскалаах  муостатыгар кылабачыһа сытар таас бытархайдарыттан ханнык оонньуур үлтүрүйбүтүн биллэ уонна:

– Оо дьэ,  буоллахпыт! Бу таайгыт  устудьуоннуу сылдьан  аҕалбыт оонньуурдарыттан биирдэстэрэ  этэ ээ… – диэн баран таас кыырпахтарын хомуйаары сиппиирин харбыаласта.  – Оҕолорум барахсаттар, билигин эһиги баай-талым олоххо олороҕут. Санаабыккыт барыта баар. Үчүгэйдик үөрэнэн,  үтүө үлэһит эрэ дьон буолуоххутун наада. Оттон биһиги саҕана олох атын кэм этэ. Бу харыйам оонньуурдара мээнэ оонньуурдар буолбатахтар, бары ураты устуоруйа­лаахтар. Хас биирдиилэрин ылан илиибэр имэрийэ туттахпына олоҕум хас биирдии кэрдиис кэмэ  барыта көстөн кэлэр.

– Эбээ, сыаналаах күндү оонньуургун алдьаппыппын бырастыы гыныаҥ дуо? Мин эйиэхэ атын бэйэм сөбүлүүр оонньуурбун бэлэхтиэм.

– Ээ, чээн, чэ буолбут буоллаҕа. Ол гынан баран,  былыргыны былыт саппыта диэн санааҕытын киэр кыйдааҥ. Уруккута суох олох суох!

*  *  *

Сиэннэригэр  мэлдьи “Эбээ” эрэ диэн ааттаах Валентина Ивановна сиэннэрин  кууһан олорон оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрин саныы олордо.

Валя кыыс оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан мэлдьи ыарыты­йара. Сылга биирдэ хайаан да балыыһаҕа киирэн эмтэнэр идэлээҕэ. Арыый улаатан, ону-маны барытын өйдүүр буолан иһэн: “Мин саастыылаахтарым бары үөрэ-көтө үөрэнэ сылдьаллар. Оттон мин тоҕо наар ыалдьан тахсабыный?!” – диэн толкуйдуур буолан барбыта. Кини олорор кыра сэлиэнньэтигэр балыыһа диэн суоҕа. Ол иһин, наар чугастааҕы сопхуос балыыһатыгар киирэргэ күһэллэрэ. Онно киирэн төрөппүттэрин ахтан аҥаара эрэ хаалара. Киэһэ буолла да, суорҕан иһигэр киирэн марылаччы ытыыра. Дьиҥэр, балыыһа үлэһиттэрэ бары кинини билэл­лэрэ, аһыналлара, бэйэлэрин оҕолорун курдук бүөбэй­дииллэрэ. Ол да буоллар,  кырачаан кыыска төрөппүт тапталын ким солбуйуо этэй?

Биир сыл  Саҥа дьыл бу  буолаары турдаҕына, эмиэ ыарыытын тииһигэ киирэн дьонун улаханнык ыксаппыта. Кылааһын оҕолорун  кытары маскараадтаары бэлэмнэнэ сылдьар Валя, борбуйун көтөхпүт киһи быһыытынан, балыыһаҕа киирэртэн аккаас­танарга санаммыта. Ол эрээри, ыарыы ону киниттэн ыйыппатаҕа, түүн улаханнык бэргээн, аҕата барахсан түүнү быһа сүүрэн-көтөн,  нэһиилэ массыына булан киин балыыһаҕа барарга күһэллибиттэрэ.

…Валяны быраастар аһыннахтара да буолуо, эмтии түһэн баран, Саҥа дьыл иннинэ дьиэ­тигэр сынньата таһаарарга быһаарбыттара. Оо, кыыс­чаан  онно үөрбүтүөн! Арай дьиэтигэр кэлбитигэр аҕата суоҕуттан кыыс мунчаара санаата. Үксүгэр кинини аан бастакынан аҕата үөрэ-көтө көрсөрө, сүүһүттэн сыллаан ылан, хоһугар атаарара. Валя аҕата тоҕо суоҕун дьонуттан ыйыталаспытыгар, киниэхэ соһуччу бэлэх оҥороору тыаҕа барбытын туһунан эттилэр. Улахан сэниэ­тэ суох кыыс сытан ыла-ыла,  сотору-сотору кырыарбыт түннүккэ баран турар. Санаатыгар аҕата кэлэрин кэтэһэр.

Халлаан хараҥарыан аҕай иннинэ эмиэ түннүгэр чуга­һаан тапталлаах аҕата бэйэтэ Тымныы Оҕонньор курдук бүтүннүү кырыаны бүрүнэн, санныгар күөх харыйаны сүкпүтүнэн тиэргэн аанын аһан эрэрин көрө түстэ. Кыысчаан үөрүүтүттэн: “Мин аҕам тыыннаах харыйаны аҕалла!” – диэн үөрүүтүттэн өрө ыстаҥалаата. Аҕата дьиэҕэ киирээт кыыһын үөрбүт харахтарын көрөн бэ­­йэтэ да уйадыйда быһыылаах. Таҥаһым тымныынан  хаарыйыа диэн аахсыбакка, ахтыспыт сүрэхтэр ик­­киэн  ыгыта куустуһа түстүлэр. Валя аҕата кырыа буолбут бытыктара кычыгылаталларыттан ис-иһиттэн иэрийэ-­иэрийэ күллэ. “Аҕаа, харыйа­бытын хаһан киллэрэҕин, хаһан симии­бит?” – диэн үрүт үөһэ ыйыталаста. “Сотору киллэриэх­пит. Таһырдьа кыратык лабааларын тэҥнии, сарбыйталыы түһүөм. Онтон дьэ эн симиир кэмиҥ кэлиэ. Тулуйа түс”, – диэтэ.

Сотору кэминэн аҕата таһыр­дьаттан “тупсаран” киллэрбит харыйатын сыта дьиэ­ни барытын ылан кэбистэ. Эмп-том амтаныттан сылайа быһыытыйбыт кыыска бу күөх харыйа сытыттан күндү, минньигэс суох буолла. “Бу сыты  хаһан да умнубаттыы илдьэ сырыттарбын…” диэбиттии, күүскэ да күүскэ эҕирийбэхтээн ылла…

– Ийэбит үлэтиттэн  кэ­­лиэр диэри харыйабытын си­­мээн кэбиһиэххэ. Кыысчааныам, бу харыйаны хаһааҥҥытааҕар да өр көрдөөн буллум. Хара тыа маһа, дьиҥэр, хара ба­­һаам буол­лаҕа.  Ол эрэн, атахтарым бэйэлэрэ бу харыйачааҥ­ҥа сирдээтилэр. Тиийээт да хараҕым таптыы көрдө уонна бу харыйачаан кулгаахпар сибигинэйэргэ дылы гынна ээ.

– Туох диэн сибигинэйдэ, аҕаа?

– “Кыысчааныҥ үтүөрэн кэлбит. Аны кини хаһан да улаханнык ыалдьыа суоҕа. Мин кинини араҥаччылыам. Ол эрэн, эн биир усулуобуйаны толоруохтааххын. Миигин киэргэтэргэр хайаан да кыыс сэбэрэтэ ойуулаах оонньуурда ыйаар уонна ол оонньууру хараххыт харатын курдук харыстаан илдьэ сыл­дьаарыҥ”, – диэтэ. Мин бастаан кулгаахпар саҥа илэ иһиллэргэ дылы гыммытыттан куттана санаатым, хаһан да итинник түбэлтэҕэ түбэһэ илигим. Ол эрэн, хары­йачаан саҥата олус симик уонна сүрэҕим-быарым ортотунан киирдэ ээ, – диэн аҕата дьиктиргээбит санаатын кыыһын кытары үллэһиннэ.

– Аҕаа, ол аата бу харыйа­чаан мин үтүөрэрбэр наһаа баҕарар эбит дии. Иэхэйбиин! – диэн баран аҕатыгар ыга сыһынна…

Саҥа дьыл буолара аҕыйах хонук хаалла. Күөх харыйа­чаан толору симэннэ, оонньуур араа­һа ыйанна, ол эрэн, ки­­ниэхэ биир оонньуур тиийбэт. Валя аҕата ыар санааҕа баттатта, кулгааҕар били ойуурга истибит саҥата сотору-сотору иһиллэн ыларга  дылы. Кыыс сэбэрэлээх оонньууру хантан булуохха? Тапталлаах кыыс­чаанын туһугар үөһэттэн этитиллибити хайаан да толо­руохха наада. Оттон кыра дэриэ­бинэ лааппытыгар оонньуур улаханнык атыыламмат,  баар буоллаҕына даҕаны, сонно тута бүтэ охсор. Уйбаан киэһээҥҥи үлэтин, таба тыһын талкыга имитэ туран, улахан уола каникулугар кэлиэх­тээҕин саныы биэрдэ. Уола кэлиэхтээҕин умна сылдьарыттан бэйэтэ да бэркиһии санаата. Уйбаан сарсыарда тураат да буостаҕа ыстанна уонна уолун “Межгородка” кэпсэтиигэ ыҥырар туһунан тэлэгирээмэни ыытта.  Бүгүн сарсыарда Уйбаан олус чэпчэкитик уһугунна, уолун куолаһын истиэхтээх уонна Саҥа дьыл иннинээҕи ыра санааларын толоруохтаах көрдөһүүтүн этиэхтээх.

*  *  *

Бу Саҥа дьыл Валяҕа уонна кини төрөппүттэригэр хаһааҥ­ҥытааҕар да долгутуулаах уонна таайтарыылаах, инники дьылҕаны түстүүр кистэлэҥнээх этэ. Валя улахан убайа Дьокуускайтан хас да таас  оонньууру кэһии гынан аҕалбыта. Ол дьэрэкээн оонньуурдартан биир саамай күндү оонньуурунан уһун баттахтаах, баата бэргэһэлээх Хаарчаана оонньуур этэ. Уйбаан лаампа уотугар хараҕа симирик­тии-симириктии бу оонньууру чопчу хос­­тоон ылбыта уонна сэрэнэн-сэрэнэн ытыһыгар ылан оһоҕор барбыта. Аҕата аал уотун  иннигэр тугу эрэ ботугуруу олорорун көрөн, Валя дьиктиргии санаабыта. Уот сылааһыттан дуу, аҕатын илии­тин сылаа­һыттан дуу, итийэ быһыытыйбыт Хаарчаананы ылан, кыысчаан мааны харыйа­тын биир көстүүлээх сиригэр ыйаабыта.

*  *  *

Валентина Ивановна хаһыс хаарын уулларан эрэрэ буолла? Ол тухары  ити дьиктилээхэй Хаарчаанатын хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ кэллэ. Сыл аайы  харыйатын симииригэр ити оонньуурун төгүрүччү сыллаан, имэри­йэн эрэ баран, көстүүлээх сиргэ ыйаан кэбиһэр. Бэл, сиэннэрэ кыра эрдэхтэринэ, кистээн кэбиһэриттэн бэйэтиттэн кыбыста саныыра. Бу оонньуур, кырдьыга да, Валя олоҕун тосту уларыппыта.

Аҕата ойуурга истибит саҥатын туһунан кэпсээ­бит, ол көстүбэт күүс баҕатын толорон, кыыс сэбэрэлээх оонньуур кинилэр дьиэлэригэр киириэ­ҕиттэн ыла, Валя кыыс ыалдьар диэни умнубута, кэлин кыра да тумууга кыһаллыбат чэгиэн доруобуйалаах кыыс-дьахтар буола улааппыта. Сэбиэскэй кэм оҕото буоларынан, таҥараҕа, иччигэ, атын күүстэргэ итэҕэйбэт бэйэтэ,  үөһээ айыылар аҕатынан ыыппыт илдьиттэрэ кэлиэҕиттэн ыла кини  өйө-санаата уларыйбыта. Төһө да аарыма кырдьаҕас дэтэр сааһыгар чугаһаатар, Саҥа дьыл быраа­һынньыга ки­­ниэх­э мэлдьи алыптаах, таайтарыылаах, туох эрэ соһуччуну, үөрүүлээҕи күүтэр бырааһынньыгынан буолар. Ордук долгутуулааҕа – кини хас Саҥа дьыл аайы аҕатын уонна Хаарчаана оонньуурун түһээн көрөр, аҕатын кытары илэ кэпсэтэр…

+1
3
+1
0
+1
8
+1
1
+1
2
+1
1
+1
1