Кэпсээн: Дүлүҥ Отуу

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уйбаан Дьуонап таайын Өлөксөй кэпсээниттэн суруйуутун ааҕыҥ:  

Бу сир аатын тоҕо Дүлүҥ Отуу буолтун билиҥҥи кэмҥэ бу маннык этэ, ити итинник этэ диэн быһаарааччы, арааһа, суоҕа буолуо. Быһаарыахтааҕар буолуох, умнуллан да эрэр ини. Арай таайым Өлөксөй этэринэн,  адьас былыргы аат буолуохтаах,  оннооҕор аҕаҥ Уйбаан билбэт этэ диэн түмүктээн кэбиһээччи. Ити этиилэртэн, түҥ былыр бу эҥээр дьон сэргэ олохсуйуутун саҕана үөскээбитэ мөккүөрэ суоҕа чуолкай.  Таайбыт адьас оҥостон олорон, табааҕын буруотун, халыҥ ытыһынан сапсыйан кэбиһэ-кэбиһэ Дүлүҥ Отуу эргин бултаабытын  ирэ-хоро кэпсээн, сэһэргээн эрэр, бүгүҥҥү күммүт онтон буоллаҕына оннук диэнтэн саҕаламмыта эрэ баар.

Дүлүҥ Отуу эргин бэрт дьикти дьиибэ ааттаах сирдэр,  эбэлэр, элгээттэр, өтөхтөр бааллар. Киһи-сүөһү балайда олохсуйа сылдьыбыт туоһулара, быраҕыллыбыт хотоннор, адьас үчүгэй тутуулаах дьиэлэр. Былыр, арааһа, арыылаахтар баар-суох уустарын ыытан туттарбыт тутуулара буоллаҕа буолуо диэн түмүктээн кээһээччи буолла.

Дүлүҥ Отуу түөлбэтигэр Иирэ сытыйбыт диэн бэрт дьиибэ ааттаах, өрдөөҥүтэ балайда улахан оттонор ходуһалаах күөл баар. Ходуһатыгар кулун кутуруга үүнэр, адьас киһини куотар гына өрө сүүрэн үүнэр. От бөҕө оттоммут сир буоллаҕа буолуо. Аатын үөскээһинин билии суох. Былыргыта бастакы Лүүчүн сирэ буолуохтаах бу эргин сытар ходуһалар, элгээннэр. Дьэ, доҕоор, уонна икки Эмэһэлэр диэн аатттаах күөллэр бааллар. Дьэ итинник ааттаахтар. Биирэ тыа Эмэһэ, биирэ үөс Эмэһэ диэн. Ону таһынан Уон аҕыс соболоох, Тоҕус соболоох күөллэр бааллар. Ааттара итинник, дьикти. Оотой хомото,Үтэһэ ыйаабыт, Ньаарылыктар диэн ааттаах күөллэр бааллар. Ньаарылытартан биирдэстэрэ муҥхаланар. Мохсоҕол ыйаабыт, Мохсоҕол уйалаах кумах булгунньахтаах элгээттэр бааллар.

Мохсоҕол уйалаах олус дириҥ уулаах элгээн.

Манна Дьойгуолаах диэн дьикти ааттаах элгээн баар. Оттоох ойоҕос диэн элгээн. Боруу Дьаама-элгээн. Хара сор бөдөҥ соболоох

Аччыгый Муҥурдаахтан мыраан анныттан киирэр үрэхтэр бааллар.  Кыһыны быһа тоҥмоттор.  Ньычалаах үрэҕэр, мууһа, эмиэ эстэр эбит. Лоҕорута ыстаммыт буолааччы.

Ньычаалаах илин баһынан суол баар — былыргыайан суола. Ити эргин харыйа быыһыгар таба чэҥкээйитэ бөҕө баар. Табаларын ыыталларыгар мыраан чугас буоллаҕа. Ити былыргы тохтоон ааһар сир быһыыта. Лиҥкир харыйа быыһа,тыал үрбэт, балаакканнан түһэргэ айылҕа анаан оҥорбут сирэ. Салгыы бардахха эмиэ Ньычаалаах кэлэр. Үс итинник ааттаах элгээн баар. Аһары дириҥ баҕайы күөл. Бөдөҥ баайы соболоох үһү.  Дириҥэ аҕыс миэтэрэ кэриҥэ.

Биир Ньычаалаахтан  тарыҥ үрэх киирэр. Ол үрэх буоллаҕына икки анды түһэр Бүөр диэн күөллэргэ түһэр, салгыы Харгы элгээн дьара да куруук соболоох, оннооҕор анды түһэр. Мастаахтар андылыыллар. Харгы диэн үрэх баар. Аччыгый Күндэкээн ойоҕоһугар баар эбэ собото төкүнүк, алаадьы курдук. Муҥхаламмат. Бу манна саас хаар уута анньан Түҥхэх хомотугар түһэр, кэлин Даамай хомото диэн ааттыыр буолтара. Мин аҕам хос аатынан. Хайа онно билигин сыалыһардыыллар, сордоҥ, тэҥэли уу түстэҕинэ төннүү тэҥэли бултууллар. Биир куулга сүүрбэ биэс  тэҥэли нэһиилэ киирэр. Манна мустубут тэҥэли аһары эмис  буолар. Иһэ маҕан, сыанан бүрүллүбүт буолар. Оннук сор эмис тэҥилилээх сир. Ити Түҥкэх тэҥэлитэ.

Маайа Чурапчыттан кэлбитигэр тоҥ  балык сиэппитим. Түҥкэтэх тэҥилитин. Сиэн иһэн Чурапчыга илдьэ барарбар бэрсээр эрэ диэбитигэр.  Үс саамай улахан тэҥэлини биэрбиппин, илдьэ барбыта.  Дээгилиэп Сааска кэлэ сылдьан аһары хайҕаабыта.

Балаахха тимир оһоҕун ойоҕоһун саҕа собо туппута диэбитэ аҕам биирдэ.  Сэмэн итиннэ илимигэр оннук аарыма собо туппутун сөҕөн уолугар кэпсээбит. Муҥур Айаан кытыыгар Тоҕус соболоох диэн ааттаах элгээн сытар. Дөдөкө арыыта. Борубуолаах арыыта. Дьэ, онно бааллар — Чиэрэстиир диэн уһун элгээн  баар. Лүүчүннэр сүөһү кыстатар этилэр. Тутуулара хойуккааҥҥа дылы баара. Хотонноругар сүөһү баайар быалара, оннооҕор түннүктэрэ кытта бааллара.  Баҕадьа, Арыылаах баар-суох уустара туттахтара буолуо. Аһары хаачыстыбалаах тутуулар этилэр. Итиннэ элбэх ыал холбоспут сирэ. Эдэр дьон кыстыы, сүөһү көрө кэлэллэрэ. Сорохтор холбоһон саҥа ыал үөскүүрэ үһү.

Өрүс уҥуор Балаҕаннаах диэн адьас улахан оттонор ходуһа баара. Итиннэ сүүстэн тахса сүөһү кыстыыра дииллэр. Онтон Боруобалаах арыытын туорааттаха Эмэһэлэргэ тиийэҕин, онтон Ойбоон элгээн, Хатыҥнаах, Оттоох ойоҕос элгээннэр. Күүдээх арыыта, Хоҥоллой айаана баар. Уһун үрэх курдук. Күтүр айаан диэн баар. Баппаҕаайы уҥа салаата. Лоҕуун арыыта, Күүдээх арыытыгар баар Күүдээх өтөхтөрүгэр сүөһү кыстатар эбиттэрэ үһү. Сүөһүнү харбатан таһаараллара. Ол иһин буоллаҕа, Харбатар диэн ааттаатахтара ити сири. Илимниир диэн улахан күөл баара уута өрүскэ түспүт диэн кэпсииллэр. Күөх арыы, Тамылҕаннаах арыы, Билиилээххэ Эгий арыыта. Тоҥус хомото дэнэр элгээн  сир баар. Бөдөҥ баҕайы соболоох. Улахан өтөхтөөх. Балайда дьон-сэргэ олоро сылдьыбыт сирэ быһыыта. Итинэн айан суола баара. Алаас күөл диэн кыра күөл, Лоҕуун арыытыгар баар өтөх аакка киирбит иччилээх. Киһини хоннорбот, соһон таһаарар үһү диэн аҕам кэпсиирэ.

Арыылаах эбэ илиилээх, атахтаах күөл. Үс булуннаах. Сэттэ уоннаах харахтаах илимҥэ тутар соболоох. Сүүстээххэ тутар чыырдаах.  Ньарылыктартан биирэ муҥхаланар.  Улахан, аччыгый Муҥурдаахтар. Кынаачай Кубалааҕа — күөл, собото мөлтөх. Үтэһэ ыйаабыт диэн күөл. Ити эргин биир  чыырдаах күөл баар, аатын билбэт эбиппин. Хара сор бөдөҥ сордоҥноох. Устан иһэр андаатары ыйыстан кээһэрэ.

Улахан Муҥурдаахха илими илдьэ барар балыктаах  Өөкчөйдөөх илимнэрин быатын быһан илдьэ баран турар.

Икки күөл ааттарын билбэт эбиппин, мыраан анныгар бааллар. Хара сор улахан сордоҥноох күөллэр. Мохсоҕол ыйаабыт элгээнэ мыраан анныгар баар, сүгун бөҕө үүнэр сирэ.

Сиэр Биэ диэн синньигэс күөл. Хас да илими кэккэлэһэ үтэрбит.

Бу күөллэр бары биир тэҥ соболоохтор. Ити эҥээр Хаар балаҕан диэн үрэх баар. Тарыннаах. Аһары улахан муустар уһулу ойон тахсан сытар буолааччылар. Дэлбэритэ эстиитигэр быһыыта. Ол иһин ааттаахтара буолуо.   Хаар балаҕан диэн.  Тэйиччиттэн көрдөххө балаҕан саҕа муустар турар буолааччылар.

Таайым Өлөксөй кэпсээниттэн Уйбаан Дьуонап

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0