Кэпсээн: ДЬЭДЬЭН

Ааптар:  Сайыына Черкашина
29.07.2023
Бөлөххө киир:

Өҥүрүк куйаас, от ыйа сатыылаан турар кэмэ. Күн эргиччи чаҕылыччы  күүскэ тыгар. Былыта суох ып-ыраас күп-күөх халлаан. Ханна эрэ ыраах чыычаахтар ыллаан дьиэрэтэллэрэ иһиллэр. Оҕо-аймах сөтүөлээн айманар саҥата субу турар. Ып-ыраас күп-күөх оттоох, хойуу мастаах тиэргэн киһи хараҕар быраҕыллар. Уурбут-туппут курдук ып-ыраас чээлэй күөх оттор быыстарыгар араас дьэрэкээн өҥнөөх сибэккилэр тэтэрэ үүнэн тураллар, мастар лабаалара оргууй аҕай хамсаан ылар. Балаҕан дьиэттэн оргууйдук үктэнэн ыаллар эбээлэрэ тахсан кэллэ. Бэйэтин сааһыгар сэнэх көрүҥнээх, ып-ыраас чэбэр, күлэн мичилийэ сылдьар. Мүрүчээнэ кырдьаҕас таһырдьа тахсан куйаас күнү, чыычаахтар ырыаларын, оҕо-аймах айманар саҥатын сэргээн көрө-истэ турда. Арай кыракый сиэнэ кыысчаан сүүрэн элэстэнэн кэллэ.

–Уой, эбээ баһаалыста остуоруйа кэпсиэн дуо? — диэн көрдөстө.

Сиэнэ кыысчааны эбээтэ сэрэнэн төбөтүттэн имэрийдэ.

–Чэ, кэл тоойуом, киириэх, кэпсээн да көрүүм.

Балаҕан иһэ эргиччи күн тыган сып-сырдык, киһи кута-сүрэ тохтуур. Сылааһынан илийэр. Мүрүчээнэ эбээ сахалыы оһуордаах-мандардаах кыбытык ньыматынан тигиллибит сабыылаах кириэһилэҕэ олордо. Сиэнэ кыысчаан Кэскилээнэ эбээтин аттыгар талах олоппоско олордо, олоппоһо кыбытык сабыылаах. Мүрүчээнэ ис-иһиттэн сырдаан, мичилэйэн, сап-саһархайынан сүрдээх сымнаҕастык сиэнин көрдө. Дьэ, уонна кэпсээнин саҕалаата.

  • Оо, ол былыыр-былыр этэ, ойор-тэбэр күннээх оҕо сааһым кэрэ кэмнэрэ этилэр. Оруобуна маннык өҥүрүк куйаас, от ыйа сатыылаан турар кэмигэр буолбута. Маайыс кыыс дьиэтин таһыгар мустан оонньооччубут. Арай биирдэ үүт-үкчү маннык күҥҥэ оонньуу сырыттыбыт. Сандал уол төгүрүччү көрө, көрө эттэ:

– Оҕолоор , хата тыаҕа дьэдьэннии барыаххайын, дьэдьэн силигилээн үүнэн турар кэмэ. Өр-өтөр толкуйдуу барбакка бары сөбүлэстибит. Төрдүөммүтүгэр ол сыл төрөппүттэрбит билисипиэт ылбыттара. Саҥа үөдүйбүт кэмэ буолан, оҕо-аймах кыралыын, улаханныын бары тэбэ үөрэнэллэрэ. Дьиэлэрбититтэн туос ыаҕайалары ыллыбыт уонна ойуур диэки тэлээрэ турдубут. Өр гымматыбыт, тыаҕа саҕатыгар олус буһан-хатан тиийэн кэллибит. Сынньана таарыйа күөлгэ сөтүөлээн ыллыбыт. Ол  кэнниттэн Сандал хонууга сытан дьэдьэни булан көрө охсон,  биһигини ыҥырда. Өр-өтөр буолбатыбыт кып-кыһыл мип-минньигэс дьэдьэннэр ыаҕайабыт иһин толордубут.

Мин саҥата-иҥэтэ суох, үөмэр-чүөмэр хаамар былаастаах ыаҕайабын туппутунан соҕотоҕун тыа устун бара турдум. Төһө өр хаампыппын өйдөөбөппүн. Сылайан сынньанаары чөҥөчөккө олордум. Арай, өйдөөн истибитим, наһаа нарын, ис киирбэх кыыс ырыатын иһиттим. Дьиктиргээммин иһийиэхпинэн иһийэн олордум. Дьэ, онтон аны  эр дьон куолаһа дуораһыйда. Ити ырыа хоту, дьон баар дии санаан, бара турдум. Хаамарбын түргэтэтэн биэрдим. Иннибэр алаас арылла биэрдэ. Алааска соҕотох хатыҥчаан куйаастан итииргээн сэбирдэхтэрэ тэлибирии турар эбит. Сахалыы ырыа ой дуораана буолан эмиэ иһилиннэ. Өйдөөн көрбүтүм, алааска ким да суох эбит. Ол онтон тоҕо эрэ этим тарта, тоҥон киирэн бардым. Ону тэҥэ ып-ыраас халлааммытын хараҥа былыттар халыйан кэлэн, саба бүрүйдүлэр. Алаас иһэ хараҥарда, киһи кута-сүрэ тохтообот буолла. Куйахам күүрдэ, ханна кэлиэхпин-барыахпын билбэт буоллум. Ыксаатым. Ыгылыйдым. Инним хоту сүүрэ турдум. Сир өр соҕус сүүрэр-хаамар былаастаах инним хоту баран истим. Улаханнык илиһинним, аччыктаатым, аны туохтан эрэ иҥнэн охтон түстүм, атахпын өлөрдүм. Ытаан киирэн бардым, хараҕым уута иэдэһим устун тохтоло суох сүүрдэ.  Ол буола олордохпуна хантан кэлбитэ биллибэт мас торуоскаах аарыма кырдьаҕас аттыбар баар буола түстэ. Миигин балай да кэм устата одуулаата. Оттон мин тоҕо эрэ киниттэн куттамматым, төттөрүтүн, үөрдүм.

  • Кырдьаҕаас, баһаалыста суолбун ыйан биэриэҥ дуо? Суолбуттан сыыһа баран, мунан хааллым.

–Тукаам, олус да ыраах, икки атахтаах өтөрүнэн үктэммэтэх алааһыгар кэлээхтээбиккин. Тоойуом, атаххын өлөрбүккүн, сэниэҥ эстибит, миигин кытта барыс.

Мин үөрдүм да, соһуйдум да. Кини хантан мин атахпын өлөрбүппүн биллэ диэн испэр муодарҕыы санаатым. Онтон үөрүүнэн, билигин суолга тахсыам диэн, доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу кырдьаҕаһы батыстым. Сотору кэминэн ырааһыйаҕа тиийэн кэллибит. Көрбүтүм, кыракый балаҕан турар, үрдүн күөх от бүрүйэ үүммүт, иннигэр дьэрэкээн сибэкки арааһа силигилии сиппит. Кырдьаҕас миигин, ыалдьытын, балаҕаҥҥа сиэтэн киллэрбитэ. Киирбиппит, көмүлүөк оһох оттуллубут эбит, мас тигинэччи умайар. Кырдаҕас араас минньигэс буспут аһынан күндүлээбитэ. Оһоҕун иннигэр аргынньахтаан олорон хамсатын тардан соппойбута. Оһоҕун алаадьынан күндүлээбитэ. Арай кыыс өйдөөн көрбүтэ умайа турар оһох иһигэр оҕонньор бэйэтэ баар буолан хаалбыт. Үөрбүт-көппүт дьүһүннээх, атаҕын оллооннуу ууран олорор уонна бэйэтэ сибилигин аҕай уокка ас кээспит алаадьытын мотуйар.

Минкырдьаҕастан ыйытабын:

–Эһэкээм, этиий миэхэ баһаалыста. Эр дьон ырыаларын истэммин соҕотох хатыҥнаах алааска тиийэн кэллим. Этим сааһа аһыллан, куттанан, тоҥон салыбыраан ыллбытым. Тымныы сүүрээн көхсүм устун сүүрбүтэ. Туох дьиктитэй? Аттыбар ким да суох этэ.

Кырдьҕаспыт өрөөбүт уоһун өһүлэн маннык кэпсээннээх буолбута:

–Тоойуом, былыыр-былыр бу Соҕотох диэн алааска олус баай киһи ыал буолан олорон ааспыт. Кинилэр күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох мааныылаан ииппит Дьэдьэн диэн оҕоттон эрэ ураты, кыраһыабай кэрэ кыыстаахтар эбит. Хотон муҥунан хороҕор муостаах ынахтаахтар, алаас муҥунан сыспай сиэллээх сылгылаахтар эбит. Бу олордохторуна сүөһүлэрэ, сылгылара биир-биир охтон, өлүтэлээн барбыттар. Тойон аҕалара ыксаан күүстээх, ааттаах-суоллаах Соҕотох Ойууну ыҥыттаран кыырдарбыт. Соҕотох ойуун турукка киирэн илбистээхтик кыырар Үрдүкү айыылары ыҥырар. Аллараа түһүүтүгэр хараҕын кырыытынан истэн-көрөн олорор дьон быыһыттан сиртэн-буортан тэйбиттии туттар дьэдьэн курдук тэтэркэй имнээх бэрт мааны кыраһыабай кыысчааҥҥа хараҕа хатанар. Кыырарын. Кыысчаан кини өйүттэн тахсыбат. Дьиэлээх тойоҥҥо утары хааман тиийэр. Дьэ уонна дорҕоонноохтук саҥарар:

– Эт эрэ миэхэ, ити олорор тэтэркэй имнээх хайаларын оҕотой?

Онуоха дьиэлээх тойон:

  • Кырдьаҕаас, эн тугун кыһалҕатай, кэлбит соруккун толорон, эрэйдэнэн көрүүй. Сылгыларым, сүөһүлэрим биир-биир охтон эрэллэр.

Онуоха Соҕотох ойуун:

– Дьиэлээх тойон, эн күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕоҕун, кыыскын, миэхэ кэргэн биэриий. Холоонноох доҕор оҥостуом, тэҥҥэ сылдьар кэрэ күндү киһим буолуо.

Онуоха Сааба тойон дьэбин уоста түһэр, бэрт нүһэрдик этэр:

– Дьэ, кырдьаҕаас, Хаҥалас улууһун Хаппытыанап баай уолун Уйбааны кытта илии охсуһан олоробут. Биир ыйынан кыыспыт сүктэн барар. Эн эппит тылгын истэн, ыйыппыт ыйытыыгын ылынан оҕобуттан ыйытан көрүөм. Дьэ, дьиэлээх Сааба тойон кыыһын хаппахчытыгар киирэр. Оҕотун төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ ыйытар:

– Ити  Соҕотох ойуун эйиигин кэргэн ылаары ыйыттарар. Ону туох диэн саныыгын?

Дьэдьэн имнэрэ тэтэрэр:

  • Аҕаа, мин, Уйбааны кытта сүрэхтиин сөбүлэһэн, харахтыын хайхаһан тылбытын бэрсэн, күүтүөх буолан эрэннэрбитим. Аны биир ыйынан. Доҕорум Уйбаан кэлиэхтээх. Туох диэн ыйыта олороҕунуй,- диэтин кытта кыыс барахсан иэдэһин устун хараҕын уута сүүрэр. Онуоха Сааба баай тоҥ сүрэҕэ ирэн, киһи эрэ буоллар уйадыйан хаппахчыттан тахсан кэлэр. Дьэ, маны эрэ күүппүт Соҕотох ойуун, уоттаах харахтарыттан уун-утары көрөн турда.

–Хайа, оҕоҥ туох диэтэ?

Онуоха, Сааба тойон:

–Дьэ, кырдьаҕаас, оҕом сөбүлэммэтэ, хайыыр да кыах суох. Бу маны эрэ күүппүт курдук ойуун, хараҕа уоттанан, тыла илбистэнэн, мэнэрийэ- мэнэрийэ, уһуутуу-уһуутуу араастаан кылана-кылана ыстаҥалаан киирэн барар уонна маннык диэн тыллаах буолар:

– Иэримэ дьиэҕит иччилэммэтин. Аал уоккут оттуллан унаарбатын. Кэлэр кэнэҕэскигит түҥнэһиннин, кэнчээри ыччаккыт кэлбэтин. Төттөрү төлкөлөнүҥ. Икки харахтаах утары көрбөтүн,- диэт ыллыыр икки,ытыыр икки ардынан балаҕан аанын саппакка тахсан барар. Бу кэннэ аҕыйах хонугунан кыыс ыалдьан киирэн барар. Суорҕан-тэллэх киһитэ буолар. Ийэлээх аҕата оҕолорун тула сүүрэн-көтөн ыраахтан-чугастан удаҕаттары, ойууттары ыҥыттаран көрдөрөн көрөллөр. Ол да көмөлөспөт, Дьэдьэн ыалдьарын быыһыгар мэнэрийэн киирэн барар. Ийэтэ Балбаара барахсан күҥҥэ көрбүт соҕотох кыысчаана ити дьүһүлэнэ, ыалдьа, сордоно сытарыттан  сүрэҕэ хаанынан ытыыр. Баай, бардам тот Сааба кырдьа быһыытыйар уон оҕо аһыытын кэннэ тутан хаалбыт тэтэркэй имнэрдээх кэрэчээн, намыын Дьэдьэн кыысчааннара ити айылаах буолбутуттан саҥатыттан матан, санаата түһэн, хаҕа эрэ сылдьахтыыр. Күһүҥҥү идэһэ саҕана уруу тэрийэллэр. Кыыс арыыйда аһыыр, доруобуйата тупсубут курдукка дылы буолар. Бу уруу остуолугар бары үөрэ-көтө ас күндүтүн, минньигэһин тардаллар. Бу бириэмэҕэ көстүбэккэ-биллибэккэ Дьэдьэн балаҕаныттан тахсан хаалар. Төбөтүгэр саҥа иһиллэн, өйүн-санаатын туймаардар. Тохтоло суох куолас ыҥырар:

–Дьэдьэн, кэлиий манна! Кэл манна!

Ити куолас  кыыһы соҕотох турар хатыҥҥа аҕалар. Онно эмискэ одуулаан көрбүтүгэр, били ойуун уоттаах хараҕынан кыыһы тобулу көрөн турар эбит. Дүҥүр тыаһа тохтоло суох иһиллэр.  Бу маннык тыас-уус иһиллэр кэмигэр Дьэдьэн харааччы иирэн хаалар, мээнэнэн көрөр, сору-муҥу көрүмээри, ойуун саҥатын истимээри, уоттаах кыһыл хараҕы көрүмээри  бэйэтин дьаһанан кэбиһэр. Уруу остуолун ортолоон эрдэхтэринэ, күтүөт уол, ыйытар:

–Хайа, Дьэдьэн ханна баарый? Онуоха бары көрүү-истии, сүүрүү-көтүү буолаллар. Ол эрэн, Дьэдьэни булбаттар, сарсыарда халлаан сырдыыта хамначчыт уол үнтү сарылаан, хаһыытаан  барыларын уһугуннарар. Көннөрүллүбэт алдьархай буолбутун этэр. Сүгэн-көтөҕөн аҕалан тэлгэһэҕэ сытыарар. Ону көрөн бары соһуйан, хараастан тураллар. Ийэтэ Балбаара эрэйдээх ааҥнаан кэлбит алдьархайы тулуйбакка сүрэҕин туттубутунан охтон түһэр. Бу кэннэ Балбаара сырдык тыына быстар. Аҕалара оҕотун Дьэдьэни, кэргэнин Балбаараны кистээн баран, сарсыарда саһарҕа тахсыыта, оҕото маҥнон өлбүт хатыҥыгар тиийэн, суорума суолланар. Кылгас кэм иһигэр бу алаас олоҕо түҥнэри эргийэр. Биир да тыынар-тыыннаах ордубат. Буоллаҕа, ойуун кырыыһа тиийбитэ.

Мин кырдьаҕас кэпсээниттэн дууһалыын аймаммытым. Онуоха кырдьаҕас эппитэ:

– Тоойуом,  мааҕыын эн истибит ырыаҥ салгын хаартыската. Ити алаас олохтоохторун, дьоллоох кэмнэрин, самаан сайыны көрсөр ыһыахтарын санатар.

Бу кэннэ кырдьаҕас кыыһы суолга таһааран биэрбитэ. Кэннибин хайыһан куөрбүтүм, балаҕаным даҕаны, торуоскаҕа өйөммүт кырдьаҕаһым да суохтар этилэр.

Айаным суолун устун билисипиэппин үтэн барбытым. Бу баран иһэн элбэҕи санаабытым, толкуйдаабытым. Ити түгэн умнуллубакка өйбөр хатанан хаалбыта.

Мүрүчээнэ көрбүтэ сиэнэ Кэскилээнэ кыысчаан чоҕулуйбут харахтара кинини көрөн аҕай олороллор эбит,  чуумпурбут, иһийиэҕинэн иһийбит.

– Эбээ, наһаа дьикти, интэриэһинэй остуоруйаны кэпсээтиҥ. Хаһан да истибэтэҕим. Былыргы олох туһунан дьэ иһиттим, биллим. Ити  кырдьаҕас тыа иччитэ буолуо дуо?

–Ии, чыычааҕым оҕотоо.

Эбээ сиэнин сүүһүттэн сырылаччы сыллаан ылла уонна эттэ:

– Эттэҕиҥ эйэҕэһин, иһиттэҕиҥ истиҥин. Туох барыта иччилээх. Сөпкө эттиҥ, ити  кырдьаҕас тыа иччитэ.

– Эбээ, мин оонньуу бардым, дьүөгэлэрим күүтэн тураллар эбит.

– Оонньоо-оонньоо кыракый чыычааҕым.

Сиэнэ кыыс үөрэн, ойуоккалаан таһырдьа ыстанар.

– Сиэним кыысчаан, мин Кэскилээнэм. Дьоллоох буол, дьоллоох олох суолун бигэтик тутуһан үөрэ-көтө, эрэллээхтик сүүр-көт!- диэн эмээхсин сиэн кыыһын алҕыы олордо.

+1
9
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0