Мөрүөн оҕонньор хоно-өрүү куоракка кэлэ сылдьар. Оҕолоро, сиэннэрэ сарсыарда туран ити хостон, бу хостон тахсыталаан, суунан-тараанан, бэрт түргэнник аһаансиэн ким сатыы, ким оптуобус тохтобулугар таҕыстылар. Уола Маппый бүгүн көрдөһөн эрдэ соҕус кэлиэм, онтон барыахпыт диэтэ.
Дьиэҕэ кийиитэ Моруусалыын эрэ хааллылар. Мөрүөн саалаҕа киирэн тэлэбиисэр көрө олордо. Муора кыылларын туһунан кэпсиир биэрии буола турар эбит. Ыытааччы белуха өйүн сөҕөр-махтайар, аан дойду араас муннугуттан бу кыыллар тустарынан дьоннор кэпсээбит түбэлтэлэриттэн быһа тардан кэпсээтэ да, көрдөрдө да… «Оо, дьэ бу оҕо, биһиги түгэммитин кэпсиир буоллар, төһө эрэ кэпсиир этэ» диэн саныы-саныы кэпсээнньит
куолаһыгар уйдаран нуктуу быһыытыйда.
Кэм-кэрдии аастаҕын аайы ааспат баас буолан аалар тоҕо диэн боппуруос оччоттон-баччаҕа диэри харах уута суох буолбат. Оччолорго уонун да туола илик Мөрүөн сэрии диэн куһаҕанын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан номнуо билбитэ. Дьиэлэригэр оччолордооҕу ыал сиэринэн хас да көлүөнэ дьоно буолан бииргэ суулаһан олорбуттара. Элбэх буоланнар үлэлииргэ да, оонньуурга да олус да көхтөөх буолаллара. Мөрүөн анал үлэлээҕэ – икки хараҕынан көрбөт эбээтин Лөкүөрүйэни сирдиир, аралдьытар, кэпсэтэр. Лөкүөрүйэ эдэр эрдэҕиттэн таһыттан көрдөххө, ханна да ыксаабат курдук холку-наҕыл, оргууй наллаан туттунуулаах эрээри, бүтэрбитэ эрэ баар буолара. Кини хаһан даҕаны ыга кыыһырбытын дуу, кими эмэ кытта улаханнык мөккүспүтүн дуу ким да көрбөтөҕө. Бэл диэтэр кыра оҕо эрдэҕинээҕи ситэ эмтэммэккэ хаалбыт ыарыытыттан биир биир
хараҕыттан матан күн сырдыгын эрэ билэр буолбутугар даҕаны муҥатыйа, ытыы-соҥуу, суҥхара барбатаҕа. Син киһи буолан орто дойдум кэрэтин көрөн-истэн хааллаҕым дии, хата оҕолордоох, сиэннэрдээх буоламмын, бэл диэтэр анаан анаммыт сиэттэрэр сиэннээхпин диэн үөрээхтиирэ. Мөрүөн оонньуон наһаа баҕардаҕына эбээтин сиэтэн илдьэн олордон баран сүүрэнкөтөн элэстэммэхтээн, күлэнүөрэн тиийэн кэлэрэ. Эбээтин күн
уота аһара көрбөт сиригэр, мас күлүгэр олордоро, табаарыстара уочараттаһан кэлэн кэпсэтэ охсон бараллара. Лөкүө да оҕолор дьоннорун билэр буолан ыйыталаһан, токоолоһон, бэрт сэргэхтик олороро. Эбэтэр күлэн-үөрэ таабырыннаһа охсон оонньоон да ылара. Киэһэтин улахан дьиэ кэргэн аһаан-сиэн, хомунан-бэринэн утуйуу буоллаҕына, Мөрүөнүнээн отур-ботур кэпсэтэн, таҥастарын-саптарын тэбэнэн, быыллаан утуйаллара. Ити курдук Лөкүө төһө да көрбөт буоллар, Мөрүөнү күн сирин көрдөрөөрү, күн сириттэн күрэммит ийэтин – Аанысканы солбуйбута.
Ити курдук, айылҕа суруллубатах сокуонунан дьыл-күн тохтоло суох айаннаан Мөрүөн эбээ оскуолатын барбыта, инньэ гынан сааһыгар холооно суох дуоспуруннаах, дьоһун буола улаатан испитэ. Ол дьоллоох, сааһыламмыт, ил-эйэ тыыннаах олохторун сатыылаабыт кураан да, кытаанах тыыннаах ыйаахтар, аччык, аас-туор олох да ыспатаҕа. Ол эрээри абаҕата Баһылай ааттыын Бааттаах Баһылай баар
буолан Күөх Боллохтон да, Байанайтан да бэрсиһиннэрэн, күн аайы да буолбатар, син киэһэ сиир астаах буолаллара. Дьэ ол
олордохторуна күүппэтэх өттүттэн оройго саайардыы, тимир-тамыр тыыннаах, уталытыллыбакка толоруллуохтаах диэн сургууһунан бэчээттээх сүрү сүөм түһэрэр, санныны баттыыр ыйаах, укаас кэлбитэ. Дьэ онно этэ сарсыҥҥыны да чарапчыламмакка, инникини нэдиэлэнэн да кээмэйдэммэккэ күн бүгүҥҥүнэн турбутунан, олорбутунан хомунан ханна барары билбэккэ барар тухары барсар диэн… Хомунан да буолаахтаан, оччо киилэттэн ордугу хааланымаҥ, бачча киилэттэн чорбойору хомунумаҥ диэн токоолоһоннурбат да, чуолкайдаспат да курдук балаһыанньа
буолбута.
Оо, ол күнү санаатаҕына Мөрүөн күн бүгүн даҕаны сүрэҕэ мөҕүл гынар. Лөкүөрүйэ көрбөт буолан хараҥаҕа куустаран да баран аймамматаҕын айманан иһэн, балаҕан чуҥкунуур чуумпуга сууламмытын истэн тохтообута. Тохтообута оҕолорун уйулҕаларын ыһымаары, сиэннэрин сэниэлэрин эһимээри. Хаһан да буоларын курдук, Мөрүөнүн илиитин тутан олорбута. Мөрүөн аҕата Лэгэнтэй ийэтин ханна, хайдах, хаһан тиийэллэрэ биллибэт айаҥҥа илдьэ баран иһэрин санаатаҕына этэ тардар… Бэл диэтэр, күн-дьыл, тулалыыр айылҕа бу түгэни, бу кэми түүл дуу, илэ дуу диирдии,
иэмэ-дьаама биллибэт туруга төрүкү да уйулҕалара хамсаабыт, куттара-сүрдэрэ баттаммыт дьону өссө ыга, аллараа баттыыр курдуга. Аҥаат-муҥаат алаастарга аны хаһан эһигини көрүөхпүтүй диэбиттии хатыҥ мастар барахсаттар сыгынньах лабааларыгар сапсына хаалбыттара, көтөҕөтүн түһэрбит тиит мастар харааран-бороорон сулумахтаммыт лабааларын сиргэ тиийэ намсытан тураллара, үрүйэлэри кырыйа бөлкөх бөлкөх үүммүт үөт мас былыыр үйэ ньылбаламмыт лабаалара төҥкөйүөхтэринэн төҥкөйөн харахтарын уутун кистииргэ дылылара. Субу киһиэхэ тиийиэхтии намтаабыт былыт былыт ардаҕы-хаары икки ардынан силбигинэн онто да суох ситэ куурдуллубакка кэтиллибит халтаҥ таҥаһы биллэ сиигирдибитэ. Мөрүөн биир өттүттэн эбээтэ, биир өттүттэн аҕата, биир өттүттэн убайа Уйбаан итиилэригэр убанан утуйан хаалбыта.
Олох утуйан иһэн эбээтин илиитин сүтэрбитэ эрээри, сылайбыта кыайан, хараҕын кыайан аспатаҕа. Онтон аҕатын тимир курдук кытааппыт куолаһынан бу обуоһу салайан иһэр боломуочунайы кытта бочооттоһоруттан уһукта биэрбитэ, эбээтэ хоһооно биллибэттии мээнэ хордургуу эрэ
сытар эбит. Мөрүөнү уһуктаатын кытта убайа бэйэтин нөҥүө, ыала Ылдьаа диэки бырахта. Аҕатын куолаһа хаһан да маннык кытааппытын истэ илик буолан, төһө да оҕо буоллар, бөрүкүтэ суох кэпсэтии бара турарын өйдөөбүтэ. Кэлин санаатахха, эбээтэ бу орто дойдуга олоҕор бүтэһигин тыына сатыы сытаахтаабыт эбит. Оттон обуос айанын тохтоппокко, ол курдук айаннаан испит… Ол курдук айаннаан биэрэккэ кэлбиттэрэ. Өрүс тыына
алаас сир тыыныттан туспатын оннооҕор оҕолор барахсаттар сонно тута өйдөөбүттэрэ. Саатар таҥас-сап чараас, аччыктар, аны
онуоха эбии иннилэрин-кэннилэрин билбэттии муммут, муннукка анньыллыбыт туруктарын эбэн кэбис. Мөрүөн көрдөҕүнэ, улуу
эбэ барахсан ол түгэҥҥэ били олоҥхоһут Охоос ойуулуур модун да бэйэлээҕи ыйыстан кэбиһиэхтии тыастаахтык тыынар, тыыннаҕын ахсын уутун биэрэккэ аҕалан быраҕаттаан, тыйыс, кынчыа харахтаах абааһы бухатыырын санаппыта. Кырдьыга даҕаны, кини кыра эрдэҕиттэн көрө
үөрэммит алааһын чуумпу чүөмпэ күөллэриттэн чахчы да атын бөҕө буоллаҕа дии.
Дьэ онтон күтүр улахан тимир көлөҕө киллэрэн саҕалаабыттара. Айаны тулуйбатахтар, салгыы айанныыр кыахтара суохтар ол курдук биэрэккэ хаалаахтаабыттара. Мөрүөн олох хойукка диэри эбээтин илиитин суохтуура. Лэгэнтэй кэлин кэпсээбитинэн, ол боломуочунай ийэлэрин Лөкүөнү киһилии сиэри-туомун оҥорон кистиэх буолан тылын биэрбит. Ол эрээри ону оччолорго да кэлин да хантан ирдэһиэхтэрэ баарай… Арай суобаска, сахалыы санааҕа эрэнэр буоллахпыт. Хайаларын да түүлүгэр-битигэр киирбэтэҕинэн эрэ сылыктаан, ол көрдөһүү туоллаҕа диэн санаа баара. Дьэ санаан көрүҥ, уончалаах оҕо чараас уйулҕата уйбат улахан ыар таһаҕаһа дии!
Киһи барахсан муударайтан муударай айылҕа оҥорбутунан, айбытынан тулуур, дьулуур, итэҕэл, эрэл диэни билэр буолан куһаҕаны, түктэрини, хомолтолооҕу умнар сырдыкка, инникигэ тардыһар. Ити сиэринэн Лэгэнтэй уһун, сындалҕаннаах-сылаалаах айаны тулуйан уолаттарын, биир дойдулаахтарын кытта бииргэ тутуһан уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ куйаар курдук уу далайын биэрэгэр – муора биэрэгэр үктэммиттэрэ. Тиийэн баран бэйэлэрэ да билбэттэринэн өргө диэри өгдөҥөлөөн (ыйы ыйдаан ууга айаннаабыттарын түмүгэ…) хаамалларыттан бэйэлэрэ да сонньуйаллара. Тиийбиттэрэ хаһан да өбүгэлэрэ үктэммэтэх, түһээн да көрбөтөх сиригэр, тиийбиттэрэ эттэрин-сииннэрин хас биирдии килиэккэтигэр тиийэ курдаттыы үрэр силбиэтэнэр силлиэлээх, силбик-хаар салгыннаах дойдуга. Хомойуох иһин, кинилэри үөрэ-көтө көрсүбэтэхтэрэ…
Дьэ ол кэннэ ол иннинэ уонна ол кэннэ диэн олох саҕаламмыта. Саха дьонун сиэринэн киһи сатаабатаҕа, киһи кыайбатаҕа суох диэнинэн сиэттэрэн сыыйа-баайа олох хардыытыгар, оннооҕу олох тэтимигэр киирбиттэрэ. Дойду дьоно диэн аатыран бииргэ суулаһан сылдьыбыттара. Муора кытыытыгар долгун аҕалбыт күөрэ-лаҥкы сытар мастары сааһылаан, өрө-таҥнары тутан олорорго сөптөөх, сылааһы таһаарбат, тымныыны киллэрбэт гына дьиэ туттубуттара. Дьиҥинэн, дьиэ диэн буолбатах, нууччалыы эттэххэ “громко сказано”, ол эрээри, кып кыра да буоллар, бэйэлэрэ бас билэр муннуктаннахтара дии. Мөрүөн ол дьиэҕэ киирбит күнүн бу бэҕэһээ курдук чуолкайдык өйдүүр. Оо, онно кини саҕа дьоллоох киһи суоҕун курдуга. Хайыста да аҕатын таптыыр хараҕа, эргийдэ да убайын эйэргээбит көрүүтэ уо.д.а. Дьахталлар тириини таҥастыыры, таҥаһы тигэри бу дойду айылҕатыгар, күн-дьыл туругар сөптөөх гына араас албастарга сороҕун көрөн үөрэнэн, сороҕун олохтоохтортон ыйыталаһан, син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан күнтэн-күҥҥэ тардыһан, ситии быатыныы ситимнэһэн сатыыллара, оҥороллоро үксээбитэ.
Ол тухары хаһан эрэ ыра санаалара туолан, сүрэхтэригэр-дууһаларыгар илдьэ сылдьар дойдуларыгар, күөх көбүөр хонууларыгар, солко суугунугар сууламмыт, хаарыс күлүмүгэр күлүмнээбит хатыҥ чараҥнарыгар, халлааҥҥа харбаспыт тиит мас тирэхтээх ойуурдарыгар, арыы саһыл сардааналаах алардарыгар үктэнэр, кин салгынынан түөс муҥунан көҥүл тыынар күммүт үүнүө диэн этэ. Төһөнөн харахтарыгар оҥорон көрөн, төрөөбүт төрүт тылларынан хоһуйан ыллаан киҥинэйэн ойуулаатылар да соччонон сирэйдэрэ-харахтара сырдаан этэр тылларыгар итэҕэйэллэрэ.
Хас биирдии күннэрэ үлэҕэ бэриллибит сорудаҕынан, былаан туолуутунан сыаналанара, оттон ол буоллаҕына түгэҕэ биллибэт, киэҥ киэлитэ күөх куйаар курдук уҥуоргута көстүбэт ис иһиттэн дьикти күүстээх муораттан тутулуктааҕа. Муора алаас оҕолорун атыҥыраан, дойду оҕолорун туоратан аһын-үөлүн – балыгын сылдьар аартыгын арыйан биэрбэтэ баа буолбатах буоллаҕа диэн Лэгэнтэй ыала Ылдьаалыын ботур-ботур кэпсэтэллэрин Мөрүөн истэрэ. Аны кинилэри кытта кэккэлэһэ дьикти улахан уҥуохтаах, сып сырдык сирэйдээх, нууччалыы олуттаҕастык саҥарар, сахалыы олох даҕаны билбэт дьоннордоох биригээдэ баара. Наһаа улаханнык өйдөспөтөллөр да кэлии дьон диэн өйдөбүлгэ да сылдьан уонна үлэ ирдэбилинэн да биир балаһыанньаҕа баалларынан саҥата суох бэйэҕэ өйөнсүү, үтүөнү баҕарыы чахчы баара. Тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, бу киэҥ далайга сылдьыыны, балыктыыры олох үчүгэйдик билэллэрэ көстөр этэ. Ол эрээри бултуйуу суоҕун суоҕа. Онтон ыраахтан ыйаах, үөһэттэн кэлбит укаас ону билиммэтэ… Былаан хайаан да туолуохтааҕа.
Киэһэ утуйаары сытан Лэгэнтэй көхсүн этитэн чуумпуну көрдөстө уонна чиҥ куолаһынан барыларыгар маннык диэтэ: “Дьэ доҕоттор, үрүҥмүт-харабыт көстөр күнэ-дьыла бу ыган кэллэ, ыйы быһа кураанаҕы куустарбыппытын үөһээ салалта да уонна аармыйабыт да дьоно сөбүлээбэттэрэ чуолкай. Араас албаһы, тоһууру, ол бу атын да сиэри-туому тутуннубут. Санаа күүһэ көмөлөһүөн наада буолла. Бүгүн түүн туох баар ыра санааҕыт күүһүн куйаар нөҥүө иһитэннэрэрдии ким түүлүнэн, ким тылынан көрдөһө хонуҥ. Кытаатыҥ”, — диэн баран чуҥкунуур чуумпуга куолаһа хамсаан долгуйбута биллибитин сөтөллүбүтэ буолан аһарбыта. Билигин кэлэн санаатаҕына, ол түгэҥҥэ, ол күҥҥэ үөһээ айыылар барахсаттар бэттэх диэки буолан биэрдэхтэрэ буолуо.
Оттон Мөрүөн ол түүн эбээтин көрбүтэ. Арай онно Лөкүө көрөр буолбут, эдэрчи, сыыдама бөҕө, наһаа тэбэнэттээхтик эдэр оҕолуу күлэр уонна Мөрүөҥҥэ этэр: “Мөрүөн, белуханы күүт, кэллэҕинэ үүрүмэҥ, көмөлөһүө”. Мөрүөн үөрэн аҕай уһугунна уонна аҕатын кулгааҕар сипсийдэ: “Аҕаа, эбээ белуханы хантан билэрэ буолуой?” Аҕата көхсүн эрэ этиппитэ уонна иҥиэттэн кэбиспитэ. Мөрүөн белуха кыыл диэн балыктыыр дьоҥҥо үтүө аргыс буолбатаҕын истэн билэр этэ, ол эрээри эбээтин сирэйэ хайдах курдук сырдаан көстүбүтүн саныы-саныы утуйан хаалбыта. Ол түүн дьиктилэрэ сарсыҥҥы күнүгэр салҕаммыттара. Сарсыарда туран аҕатыгар ким да истибэтигэр түүлүн сиһилии кэпсээбитэ. Дьон барахсан саҥата суох саҕаламмыт саҥа күнтэн үҥэ-сүктэ, көрдөһө-көрдөһө үлэлэригэр барбыттара. Мөрүөннээх биэрэккэ хаалбыттара. Биригээдэ оҥочолорго олорон муораҕа киирэн көстүбэт буолуохтарыгар диэри көрөн туран атаарбыттара. Кинилэр, биэрэккэ хаалааччылар, туһунан үлэлээхтэр этэ. Киэһэлик хараҥарыан иннинэ кэлиэхтээхтэрин билэр буоланнар тиийбиттэрэ да… Ол киэһэ да, түүн да кэлбэтэхтэрэ. Оо, кэтэстэххэ бириэмэ баран испэтин, күн хамсаабатыын…
Иккис күннэригэр борук-сорук буолуута икки тыы туочука саҕаттан улам-улам чугаһаан Мөрүөн күүппүт уонна үөрбүт санаатыгар улахан маҥан хараабыл саҕа буолан улаатан бу тиийэн кэлбиттэрэ. Тыыга олорооччулар сэниэлээхтик хамсаналларыттан, саҥарар саҥалара уу дуорааныгар улааттар-улаатан иһэринэн сылыктаатахха, үтүө сонун кэлэн иһэрэ биллэрэ. Биэрэккэ түспүттэрин кэннэ көрдөҕүнэ, кини аҕатыттан ордук улахан, кырасыабай ким да суох курдуга. Лэгэнтэй барахсан ол курдук кыайыы кынатыгар олорсон, үөрүү көтөлүгэр көтөҕүллэн хаамардыын чэпчээбит, уҥуохтуун көммүт этэ. Дьэ икки өттүттэн бу бэҕэһээ эрэ барбыт курдук буолбакка, сылы сыллаан көрсүбэтэх курдук харах уулаах, хоһооно биллибэт туох эрэ үгүс элбэх саҥалаах (ким сахалыы, ким нууччалыы, ким бэйэтин омугун тылынан) үөрүү долгунугар олорсубуттара.
Уоскуйан оннуларын олохторун булан кэпсээбиттэрэ маннык эбит. Балыгы хаайыахтаах, тоһуйуохтаах хомолоругар илимнэрин үппүт сирдэригэр тиийиилэрин саҕана арай хомоҕо муораттан киирэр куолай курдук сиргэ туох эрэ хайа саҕа улахан былыт күөрэс гыммыт. Өйдөөн көрбүттэрэ, сыалай үөр белуха күөйэ тутардыы икки кынатынан уонна ортотунан кими да, тугу да киллэрбэттии ыга анньан иһэллэр эбит. Ортолоругар уу оргуйарын курдук туох эрэ үллэҥниир-түллэҥниир. Дьэ дьулаан хартыына дии санаабыттар, тугу тутан-хаайан иһэллэрэ биллибэт буоллаҕа дии! Онтон бастаан ким көрөн саҥа аллайбытын ким да өйдөөбөт – көрбүттэрэ, ол оргуйа сылдьааччы кинилэр бултаһар үрүҥ балыктара үгүһэ-элбэҕэ бэрдиттэн итинник түллэҥэлээн көстөр эбит. Ити курдук үүрэн-үтүрүйэн аҕалан хомоҕо киллэрэн баран, хайдах курдук соһуччу кэлбиттэрэй да сол курдук түргэнник сүппүттэр. Балыксыттар соһуччу кэлбит дьоллорун хайдах гынан харыстаан сытыппакка-ымыппакка ууралларын, биэрэккэ тиэрдэллэрин туһунан албастары, кистэлэҥнэри толкуйдуу оҥорор түбүккэ түспүттэр. Былааны толорон дойду иннигэр ытык иэстэрин төлөөбүттэрин кэпсииллэрин эмиэ оҥорон көрдөхтөрө дии барахсаттар. Оттон Лэгэнтэйдээх Мөрүөн ону ким оҥорон биэрбитин биһиги эрэ билэбит диэн санаалара уоллаах аҕа сылаас сыһыаннарын өссө киэргэттэҕэ, чугаһаттаҕа.
Итини саныы сытан нуктаан ылбыт Мөрүөнү кийиитэ “уолуҥ кэллэ, чэйдиэх” диэн оргууй уһугуннарда. Маппый аҕата ис иһиттэн сырдаан олорон белуханы көрөн тугу санаабытын кэпсээбитин биир тыынынан иһиттэ. Маппый: “Хайа, аҕаа, ону тоҕо урут кэпсээбэт этигиний?” – диэн ыйыппытыгар аҕата, “кэмэ дьэ кэллэҕэ дии, тукаам”, — диэн эппиэттээтэ. “Оччолорго ол бу түүлү-бити, билгэлээһини биһирээбэттэр билээҕимсийии, улуутумсуйуу да курдук көрөллөрө” диэн быһаарда. “Онтон кэлин умна да быһыытыйдаҕым” диэн түмүктээтэ Мөрүөн.
Наталья Руфова.