Атырдьах ыйын бүтүүтүн эргин этэ. Халлаан ып-ыраас, тыала суох. Бырааппын кытта Кыагдаан эбэ Күтэгир диэн түөлбэтигэр сатыы илим үтэ бардыбыт. Мин оччолорго сэттис кылааска киириэхтээхпин, быраатым бэһис кылааска үөрэниэхтээх.
Кыагдаан куруук кустуур-балыктыыр, оттуур эбэбит. Тыы тахсарга тиийэн, тыыбытын анньан ууга киллэрдибит. Онтубут – аарыма тыы. Аҕабыт түөрэҥнээбэтин, сааланар буоллахха хамсаабатын диэн, анаан-минээн оҥорбут. Эбэбитигэр киирэн, манан үтэбит диэн, чороохпутун астыбыт, онно илиммит аҥаар кынатын баайдыбыт. Быраатым кэннибэр олорон эрдэр. Мин – үтэбин. Ол эрээри өтөр бүтүннүү иилиһиннэрэн кэбистим.
Оччотооҕу илим хараҕа баайыллыбыта, онон сыыһа туттуҥ даҕаны иилистэн сордуур буолара. Араастаан көннөрө-көннөрө үтэ сатаан баран, ыксаан, төттөрү субуйан ыллыбыт уонна тыаҕа тахсан кыыһырса-кыыһырса бэрийэ сатыы турдубут. Саатар, чуумпу буолан, кумаара хойуута сүр. Ол курдук, «ньиэрбэбит алдьанан» турдахпытына, арай тыас бөҕө буола түстэ.
Эбэ диэки көрө түспүппүт, мааҕын илим үтэ олорбут сирбитигэр холорук дуу, туох дуу ууну эрийэн, үөһэ ытыйан таһааран эрэр эбит. Инньэ отучча миэтэрэ үрдүккэ ытыйан таһаарда быһыылаах. Дьэ, тыас да тыас! Күүс да мааны. Ол эрээри, өтөр уурайан хаалла, уута төттөрү саккыраан түстэ. Биһиги илиммит иилистибитигэр үөрдүбүт. Үтэ олорбуппут буоллар, туох буолуо биллибэт эбит. Онтон тыыбытын умса быраҕан баран, эбэни кыйа тыанан хоруу диэки хаамтыбыт, тыыламматыбыт – саллыбыппыт бэрт. Хорууну туораан дьиэлиир суолбутун ылыахтаахпыт. Ол иһэн көрбүппүт, үөскэ икки булчут кус умса-умса, кынаттарынан сапсына-сапсына уу үрдүнэн үрэх диэки сырсаллар, эмиэ да саҥарар курдуктар. Онтон дьиктиргии саныы-саныы үрэххэ чугаһыырбыт саҕана кустарбыт биһигини көрөн, көтөн хааллылар.
Үрэххэ кэлбиппит, арай уубут оргуйан олорор. Букатын күөс курдук. Арай өйдөөн көрбүтүм, онтум барыта мундуну кытта кыра бычаах (хооху) буолан биэрдэ. Балык да уолуйар буолар эбит этэ. Кустарбыт балыгы тыаҕа, кытыыга үүрэн таһаарар быһыылара эбит. Айылҕам барахсан дьиктитин биир күн утуу-субуу көрөн, олус диэн сөҕөн турабын.
Социальнай ситимнэртэн