Бу түбэлтэ туһунан ааспыт үйэ 80-с сылларын саҥатыгар кырдьаҕас булчуттан истэн турардаахпын.
Баһылай диэн ааттаах кырдьаҕас оччолорго 70-ун ааспыт этэ, мин 30-чалааҕым. Сэтинньи ыйга уоппуска ылан дэриэбинэттэн уонтан тахса көстөөх сиргэ атынан бултуу таҕыстыбыт.
Үүтээммитигэр суолбут ортотугар хонон тиийдибит. Айаннаан иһэн булт cуолун арааһын көрдүбүт. Тайах суола хас үрүйэ, үрэх аайы баар. Биирдэ ыраахтан бэйэлэрин көрдүбүт да, ыт оҕолоохпут сыт ылбата. Ыйы эрэ кыайбат кэмҥэ бултаан хапкаанынан сэттэ кииһи, 50 тииҥи, 20-чэ кырынааһы, 10-ча улары бултуйдубут. Тайах элбэх этэ да кыайан бултаабатыбыт, киһилии улахан саабыт да суох.
Оҕонньорбунуун киэһэ ахсын арааһы кэпсэтэбит. Биир киэһэ Баһылай, биһиги өбүгэлэрбит эһэни бултууртан улаханнык сэрэхэдийэллэрэ диэн кэпсээтэ. «Эһэни киһи мээнэ бултаабат булда. Кини сүрдээх өйдөөх, оннооҕор дьоҥҥо курдук «ойуун эһэ» баар диэн кэпсээччилэр. Оннугу бултуур улахан сэрэхтээх. Мин бэйэм кырдьаҕаһы бултууру сэҥээрбэппин», –диэн кэпсээнин ыраахтан саҕалаата.
Мин сэҥээрбиппин көрөн киһим хамсатыгар наҕылыччы табах уурунна уонна салҕаата: «Отучча сыллаахха, алаас-алаас аайы олорор ыаллары холботолоон кыра дэриэбинэлэри оҥортообуттара. Биһиги түбэбитигэр уонча ыал этибит. Күһүн сир тоҥмутун, бастакы хаар түспүтүн кэннэ икки бырааттыы дэриэбинэттэн балтараа көстөөх сиргэ тииҥнии тахсыбыттара. Дьиэлэригэр төннөр кэмнэрэ кэлэн, биирдэрэ суол устун сыарҕалаах табанан дьиэлээбит. Атына үрэҕи бата бултаан кэлиэхтээх эбит. Ити иһэн үрүйэ чанчыгар эһэ арҕаҕын булбут. Ыта үрбүтүн буойан баран сэтиилэнэн кэлбит.
Киэһэ бырааттыылар арҕахтаах кыылы бултаһарга быһаарыммыттар уонна ханыы көрдөөбүттэр. Дьону булка ыҥырыы былыргыттан баар абыычай этэ. Мин барсар буоллум, атыттар үлэлээх буолан хааллылар. Ол саҕана, сэрии кэннигэр, боростуой карабиннар саҥа кэлбит кэмнэрэ этэ. Бырааттыылар биир карабиннаах этилэр, миэхэ эмиэ баара. Биир быраат доруоп саатыгар сүнньүөх оҥостон иитиннэ. Сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, икки сыарҕалаах уонна үс миинэр табалаах, биэс ыттаах айаннаатыбыт. Арҕахтаах сирбит 7-8 биэрэстэ курдук тэйиччи. Арай, тиийэн баран көрбүппүт, эһэбит тэһииркээн тахсан барбыт эбит. Икки оҕолоох ийэ эһэ эбит. Саҥа түспүт хаарга суоллара бу тыргылла сытар. Булчут ыттар сыл ылаат өлүмнэһэн илин-кэлин түсүһэн ирдээн сүүрэ турдулар. Сыарҕалаах табалары баайа охсоот, уучахтары миинэн эккирэтии буолла. Ийэ эһэ котоку барарынан барбыт, суолун муннара сатаан араастаан муҥнаммыт. Хайыаҕай, хаар суолларын ыйан биэрэ сыттаҕа дии. Сиһи быһан баран биир үрүйэни батан үөһэ тахсыбыттар. Биир сиргэ ийэ барахсан эргэ арҕах баарын булан хаһа турдаҕына, биэс ыт кэлэн эргийэ сылдьан үрэн баргыйбыттар. Ыркыйдаах ойуур этэ. Биһиги сааларбытын бэлэмнии тутан сэлэлээн киирэн истибит. Ыттарбыт ыркый иһигэр харса суох үрэллэр, эһэ көстүбэт. Арай, мин киирэн иһэр туһаайыыбынан дьэллигэс баарынан кыылбыт көстө түстэ. Ийэ эһэ икки оҕотун хоннохторун анныгар хам кууһан олорор эбит. Оҕолоро төбөлөрүн кистии анньан баран хамсаабакка тураахтыыллар. Мин сэрэнэн чугаһаан иһэбин. Арай, өйдөөн көрбүтүм, доҕоор, кыыл харахтарыттан тохтоло суох уу сүүрэр. Уҥуох-уҥуохтара барыта халыр босхо барбыттар, адьас салыбырыы олорор. Мин ону көрөн баран сүрэхпэр ыттардым, бултаһар санаам тута уостан хаалла. Уолаттарбар туһаайан: «Нохолоор, эһэбит ытыы олорор, аньыыта бэрт буолсу. Ытымаҥ, сырыттын. Аһыыр аһа суох курдук буоллахпытый», – диэтим. Дьонум: «Булт аата булт, бултаһаары кэллэхпит», — диэтилэр да, сааларын тыаһа өрө хабылла түстэ…
Мин ытыспатаҕым, этиттэн да сиэспэтэҕим, санаам адьас буолбатаҕа. «Эһэ эмиэ ытыыр эбит» диэн олус дьиксиммитим. Ол кэннэ кинини бултаспат буолбутум. Ити бырааттыылар кэлин аҕыйахтыы сыл быысаһан дэҥҥэ, оһолго түбэһэн суох буолбуттара».
Баһылайым кэпсээн бүтэн хамсатын тимир оһох үрдүгэр тэбээн тобурҕаппыта. Онтон салгыы: «Онон улахан кыылы киһи эрэ бултуохтаах диэн буолбатах. Кинини эмиэ туһунан айдарыылаах эрэ киһи бултуохтаах. Мээнэ бултаһар сэттээх- сэлээннээх буолар эбит», — диэн эбэн эппитэ.
Н.А. ТИХОНОВ,
Ньурба, Маалыкай.
«ВКонтакте» бөлөх «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.