Кэнники хонукка уон ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар, атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи иһитиннэриинэн, 10 ойуур баһаара умуруоруллубут ( уот хаппыт уопсай иэнэ 37 952 тыһ.гектар).
Бу туһунан СӨ Экология миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев иһитиннэрэр. Бүгүн Кэбээйи оройуонугар баар бүтэһик ойуур уотун умуруоруу былааннанар.
Суһал ыстаап ураты болҕомтотун Уус Маайа оройуонугар уурар. Манна ойуур баһаарын утары охсуһааччылар күүстэринэн, РФ ЫБММ, ол иһигэр салгын аалын көмөтүнэн  биэс ойуур баһаарын умуруораллар.
Атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи туругунан ойуур баһаарын умуруорууга 594 киһи, 65 тиэхиньикэ үлэлиир. Нэһилиэнньэлээх пууннарга, экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0