Кэнники хонукка тоҕус ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка тоҕус ойуур баһаара умуруорулунна.

Өлөөҥҥө, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Мииринэйгэ, Уус Маайаҕа уонна Алдаҥҥа тоҕус ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 8 916,2 га)  умуруордулар.
Бу туһунан суһал ыстаап брифинигэр СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы — сүрүн лесничэй Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
От ыйын 17 күнүгэр, сарсыардааҥҥы туругунан, 3 200 га иэннээх сиринэн түөрт ойуур баһаара Мииринэй уонна Уус Маайа оройуоннарыгар бохсуллубут.
Салгын аалынан уонна космостан кэтээн көрүү түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар икки ойуур баһаара (ландшафтнай) (743 га ) уонна 11 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 296 га) Алдан, Бүлүү, Нерюнгри, Өймөкөөн, Өлөөн уонна Уус Маайа улуустарыгар булуллубут.
Хонук саҕаланыытыгар 53 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 39 842 га) уонна үс ландшафтнай (уопсай иэнэ 766 га) баһаар баара бэлиэтэнэр. Былырыын бу күҥҥэ 223 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 466 066,6 га) бэлиэтэнэн турар.
—Билигин уон ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 7 571 га) умулларыыга үлэ ыытыллар. Итинтэн үс хонтуруолланар зонаҕа, уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сиргэ-уокка — 230 га. Ойуур баһаарын умулларыыга 731 киһи үлэлиир, 24 тиэхиньикэ туһаныллар, — диэн иһитиннэрэр Андрей Коноплев.
Сүрүн лесничэй ойуур баһаардарынан өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанарын санатар. Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Мииринэйгэ уонна Уус Маайаҕа салҕанар.
Сааскы кэмтэн Саха сиригэр 366 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 168 454,7 га) бэлиэтэммит.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0