Кэнники хонукка түөрт ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 17 күнүгэр сарсыардааҥҥы иһитиннэриинэн, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 17 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Уот 12911 га иэннээх сири хаппыта ыйыллар.

Бүгүҥҥү туругунан «Авиалесоохрана» 227 үлэһитэ сэттэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэһэр. Итинтэн 31 киһи ойуур харыстабылын үлэһиттэрэ. Уоту утары охсуһууга биир тиэхиньикэ үлэлиир.

Кэнники биир хонук устатыгар уопсайа түөрт ойуур баһаара умуруоруллубут. Бэлиэтиир буоллахха, Саха сирин бары сиригэр-уотугар баһаары утары ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Итинэн сибээстээн ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин салгын аалынан уонна сиринэн сылдьан хонтуруоллаан көрүүлэрэ күүһүрдүллүбүтэ.

СӨ Экология министиэристибэтэ Саха сирин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ойуурга уоттан сэрэхтээх буоларгытыгар сүбэлиир. Ойуур баһаарын көрдөххүтүнэ, биллэххитинэ 8-4112-44-74-76 эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ эрийэргитигэр сүбэлиир.

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0