Кэнники хонукка сэттэ ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр, ойуур баһаардарын боппуруоһунан ыытыллыбыт брифиҥҥэ СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Лепчиков иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күн туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 144 ойуур баһаара бэлиэтэнэр.
Бүгүн сарсыарда 48 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытылла сылдьар. Уоту утары икки тыһыынчаттан тахса киһи охсуһар, 258 тиэхиньикэ үлэлиир.
Кэнники биир хонук устатыгар 7 ойуур баһаара умуруорулунна, 10 бохсулунна, 25 саҥа баһаар булулунна.
Ааспыт күннэргэ тыал күүһүрэн, баһаар балаһыанньата сытыырхайда. Ол түмүгэр, ордук Горнай улууһугар  Өрт, Күөрэлээх, Бэс Күөл, Кэбээйигэ Сииттэ, Сангаар, Үөһээ Бүлүү улууһугар Кырыкый нэһилиэнньэлээх пууннарын сиригэр-уотугар улахан болҕомто ууруллар. Уустук балаһыанньанан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба Авиалесоохрана 25 үлэһитин Өлүөнэ очуостарыгар баһаартан Сииттэҕэ илдьэргэ быһаарда.
Лепчиков иһитиннэрэринэн, Үөһээ Бүлүү оройуонугар Кырыкыйга ойуур баһаарын умуруорууга бэҕэһээҥҥиттэн аэромобильнай бөлөх уонна баһаарынай сулууспа 35 киһитэ үлэлииллэр. «Авиалесоохрана» ФБУ Нам улууһугар Салбаҥҥа уоту умуруорууга сылдьар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0