Кэнники хонукка үс ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка Алдан оройуонугар 2 117,1 га иэннээх сиринэн тайаабыт үс ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан суһал ыстаап брифинигэр СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы — өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев эттэ.

Салгын аалынан уонна космостан кэтээн көрүүнэн, өрөспүүбүлүкэ ойуурдарыгар ааспыт хонукка уопсайа 3 274,1 га иэннээх сиринэн 22 ойуур баһаара Алдан, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Өймөкөөн, Орто Халыма, Сунтаар уона Уус Маайа оройуоннарыгар булулунна.
Оттон от ыйын 28 күнүгэр сарсыардааҥҥы иһитиннэриинэн, уопсайа 101 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 109 605,7 га) уонна икки ландшафтнай (уопсай иэнэ 775 гектар) ойуур баһаардара бааллара бэлиэтэнэр. Былырыын бу кэмҥэ 144 ойуур баһаара (иэнэ 1 518 052 га) баара бэлиэтэнэн турар.
«Билиҥҥи туругунан 23 ойуур баһаарын ( 7 095,7 га иэннээх сиргэ) уонна атын категория сирдэргэ биир ландшафтнай (уопсай иэнэ 769 гектар) баһаары умулларыыга үлэ ыытыллар«, — диэн этэр Андрей Коноплев.
Ойуур уотун умуруорууга 1 044 киһи, 82 тиэхиньикэ үлэлиир. Бүгүн Бе-200 Уус Маайа оройуонугар үлэлиирэ былааннанар. Ону сэргэ, ойуур баһаардара баар сиригэр былыттан көрөн, Росгидромет Як-42 зондировщигы былаанныыллар. Ан-26 зондировщик Хабаровскай кыраайга үлэлиэ. Хонук иһигэр ойуур баһаардарын умуруорууга Ми-8 аҕыс бөртөлүөт уонна кэтээн көрүүгэ 15 салгын аала үлэлээтилэр.
-Сааскы кэмтэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 459 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 261 153 гектар) бэлиэтэннэ. Ааспыт сылга бу кэмҥэ 1 248 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 3 187 023 га) бэлиэтэнэн турар. Ону сэргэ, атын категория сирдэргэ 23 ландшафтнай баһаар уонна ураты харыстанар сиргэ алта ойуур баһаара бэлиэтэнэллэр, — диэн бэлиэтиир сүрүн лесничэй.

Рослесхоз ИСДМ көрдөрүүтүнэн, от ыйын 28 күнүгэр сарсыарда, Алдан, Амма, Сунтаар, Таатта, Уус Маайа оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар төрдүс кылаастаах ойуур баһаардара, өрөспүүбүлүкэ атын сиригэр-уотугар үһүс кылаастаах ойуур баһаардара баар.

Ойуур баһаардарынан Саха сиригэр эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Маны сэргэ, Саха сиригэр уонна Хабаровскай кыраайга  федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ баар. Муниципальнай таһымнаах ЧС эрэсиимэ Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Тааттаҕа салҕанар.

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0