Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, кэнники хонукка ыалдьыбыт 157 киһиттэн балыыһаҕа 29 киһи киирбит. Ыалдьыбыт дьонтон 33,1% — Дьокуускайга, 66,9% — улууска олороро бэлиэтэнэр.
Бүгүҥҥү күн туругунан балыыһаҕа 18,4% киһи эмтэнэр, тастан — 81,6%. Кэнники биир хонукка лабораторияларга 3 092 анаалыс, пандемия саҕаланыаҕыттан 2 264 526 тест бэрэбиэркэлэммит. Коронавируһу утары быһыы бастакы компоненын 617 436 киһи ылбыт. Бу нэһилиэнньэ улахан дьонун 86,1% буолар. 158 357 киһи ревакцинацияламмыт.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, «122» нүөмэргэ 1 046 төлөпүөнүнэн эрийбиттэр. Дьиэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн 408 биригээдэ оҥорбут.
Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1